Быйыл 2024 сылга Саха сирин биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятелэ Евдокия Николаевна Горохова төрөөбүтүттэн 100 сылын бэлиэтиибит.
Өрөспүүбүлүкэбит осторуйатыгар ЫБСЛКС уобаластааҕы комитетын секретаринэн, ССКП Аллайыахатааҕы райкомун бастакы секретаринэн, Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бэрэссэдээтилинэн киирбитэ. Союзнай суолталаах персональнай пенсионер этэ.
Евдокия Николаевна төрөөбүт сиригэр — Аллайыаха улууһун сайдыытыгар бастыҥ оруолу оонньообута. «Мин Аллайыахам» кинигэни 40-ча саастааҕар, олоҕун-үлэтин үгэнигэр сылдьан суруйбут. Аллайыаха нэһилиэгин, улууһун остуоруйатын, улуус үөскээһинин, дьон-сэргэ олохсуйуутун, бастакы колхозтары, бөһүөлэктээһин кэмнэрин олус сиһилии суруйбут.
«Сайдыы суола» эрэдээксийэ өрөбүллэргэ ааҕааччыларыгар кыра-кыралаан бу кинигэни кытары билсиһиннэрин салҕыыр.
Бүгүн Евдокия Николаевна кинигэтиттэн таба иитиитин уонна түүлээх, балык булдун туhунан билсэбит.
ТАБА ИИТИИТЭ, ТҮҮЛЭЭХ, БАЛЫК БУЛДА
Таба иитиитинэн оройуон салалтата, совхоз дирекцията хаһаайыстыба сүрүн салаатын быһыытынан дьарыктаналлара. Биллэрин курдук, былыр-былыргыттан хоту дойду дьоно табаттан аһаан, таҥнан, олорор дьиэ, айанныыр, бултуур-алтыыр көлө оҥостон олорон кэллилэр. Быһата, таба хоту дойдуга киһи олоҕун төрдө. Ол да иһин xoтугу дойдуга таба туундара олохтооҕун таҥара оҥостуон оҥостубут көлөтө.
Бу мин суруйар сылларбар таба иитиитин боппуруостарынан дьиҥнээх бу салааны билэр, мантан төрүттээх-уустаах, элбэх сылларга хотугу дьон улэлээн кэлбит идэлэрин илдьэ сылдьар уонна үөрэх-билии ситиһиилэринэн салайтаран үлэлиир үлэһиттэр, специалистар дьарыктаммыттара. Кинилэр истэригэр Щербачков Василий Егорович, Голиков Николай Кононович, Ефимов Николай Дмитриевич, Козин Иван Александрович, Петров Василий Павлович араас сылларга совхоз директордарынан үлэлээбиттэрэ. Зоотехник, ветеринар идэлээх үлэһиттэр совхоз отделениеларыгар управляющайдарынан ананаллара. Стручков Иван Петрович, Шахов Семен Васильевич, Едукин Егор Васильевич, Слепцов Алексей Алексеевич, Аммосов Егор Николаевич, Слепцов Николаи Николаевич, Нестеров Владимир Константинович, Суздалов Николай Родионович, Данилов Иван Григорьевич, Рожин Семен Николаевич, Рожин Гаврил Васильевич уо. д. а. тыа хаһаайыстыбатын специалистара үлэлии сылдьыбыттара. Ветеринардар Мяриканов, Березкин, Стручков, Руфов, Кайгасов, Долинин кэлэн үлэлээбиттэрэ. Таба иитиитигэр 120 тахса идэтийбит табаһыт кадрдар үлэлииллэрэ.
Таба иитиитин көрдөрүүлэрэ ити сылларга биир дэхси тэҥ буолбатаҕа. Сорох сылларга син үрдүк ситиһиилэр, сороҕор таҥнары түһүүлэр бааллара. Холобур, улахан табаны иитии 1966 с. — 86, 1967 с. — 89, 1968 с. — 92 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэрэ. Тугуту ылыы 65-69 бырыһыан этэ. Таба туһата суох өлүүтэ тахса турара, тыһы таба кытарааһына элбэх этэ. Ити этиллэр үс сыл иһигэр 10207 таба туһата суох өлбүтэ, таба ахсаана 1800 төбөнөн аҕыйаабыта. Ити үрдүнэн 1968 с. совхоз таба иитиититтэн 505 тыһ. солк. чыыстай барыыһы ылбыта. Бу сыыппаралар партия райкомун пленумугар (1968 с.) Щербачков В.Е. дакылаатыгар ыйыллыбыттара.
Оттон бастыҥ табаһыттар сүүстүү ийэ табаттан 75-80 тугуту ылан, улахан табаны 85-99 бырыһыан тыыннаахтыы иитэн сылы түмүктүүллэрэ. Юкагир нэһилиэгин табаһыттара Лебедев Х.И., Лебедев Д.И., Слепцов А.А., Трофимов К.А., Трофимов А.К., Едукин Г.В., Дуткин В.И., Едукин Д.С., Горохов И.Ф. уо. д. а. өр сылларга дьаныардаахтык үлэлээннэр бастыҥ көрдөрүүлэри ситиһэллэрэ. Кинилэр истэриттэн республикаҕа бастаан «чемпион табаһыт» аатын ылбыт бригадирдар бааллара. Уонунан ахсааннаах саастарын тухары табаҕа үлэлээбит кырдьаҕас да, эдэр да үлэһиттэр ааттара билигин даҕаны үтүө холобур буола сылдьар.
1966-1969 сылларга Бөрөлөөх нэһилиэгин табаһыттара үрдүк көрдөрүүнү ситиспиттэрэ. Манна үс ыстаадалаах, алта тыһыынча кэриҥэ табалаах этилэр. 1968 с. 1000 табаны государствоҕа туттаран 189 тыһ. солкуобай дохуоту ылбыттара. Таба этэ 97 бырыһыана үчүгэй уойуулаах, улахан табаны тыыннаахтыы иитии 97,5 бырыһыан, тугуту ылыы 71 бырыһыан этэ. Ыччаттар бригадаларыгар тугуту ылыыны 79 бырыһыан ситиспиттэрэ. Бу оройуоҥҥа үчүгэй көрдөрүү буолара.
Бу сылларга отделениеҕа Голиков Н.К., Рожин С.Н. зоотехник үөрэхтээх эдэр дьон үлэлииллэрэ. Кинилэр таба иитиитигэр саҥа ньымалары киллэрэн, мэччирэҥи сөптөөхтүк туһанар, зоотехническай, племенной үлэни тупсарар үлэни ыыппыттара.
Табаһыттар Потапов Д.А., Лебедев С.А., Слепцов Д.И., элбэх эдэр ыччаттар үчүгэй түмүктэри ситиспиттэрэ. Кэнники сылларга маннык үрдүк көрдөрүү таҥнары түһэн испитэ биллэр. Ол гынан баран 70-с сылларга да биирдиилээн бригадалар, табаһыттар Потапов Д.А., Уваровскай К.Д. көрдөрүүлэрэ үрдүк буолаллара. Хомойуох иһин, ити ситиһиилэри ыһыктан, таба иитиитигэр суолта биэрбэт буолуу тахсан испитэ.
Совхозка ити сылларга икки племенной ыстаада тэриллибитэ. Сыл ахсын бу үлэ түмүгэ табаттан төрүөҕү ылыыга улахан суолталаах буолбута. Ойоотуҥҥа, Быйаҥныырга табаны уотар анал ыстаадалар бааллара. Манна Слепцов А.А., Дуткин И.И., Слепцов К.К., Лебедев К.С. курдук өр сылларга үлэлээбит табаһыттар өҥөлөрө улахан. Совхоз главнай зоотехнигынан үлэлии сылдьан Голиков Н.К. таба иитиитигэр ис хаһаайыстыбаннай axcaaҥҥa киириини ситиһэ сатаабыта. Совхозка ааҕар-суоттуур, кэмчилиир үлэни ыытарга сорук туруорунан үлэлииллэрэ.
1970-74 сылларга таба иитиитигэр көрдөрүү сыыйа тупсан испитэ. Иитиигэ хаалларыллар таба ахсаана 1974 с. саҕаланыытыгар 23 тыһ. тиийбитэ. Төрүөх түмүгүнэн 30 тыһ. тиийэрэ. Эти туттарыы 400-500 тоннаҕа тиэрдиллибитэ. Совхозка улахан табаны иитэн таһаарыы 1971-72 сылларга 90-95 бырыһыан, төрүөҕү ылыы 65-75 бырыһыан этэ.
IX пятилетка сылларыгар таба иитиитигэр элбэх саҥаны киллэрии ыытыллыбыта. Ученай-зоотехник Голиков Н.К. директорынан үлэлиир сылларыгар кини көҕүлээһининэн табаны сменанан харабыллааһын саҕаламмыта. Оленегорскай отделениетын табаһыттара ыйга биирдэ-иккитэ уларытыһа сылдьан үлэлииллэрэ.
Мэччирэҥи сөптөөхтүк туһаныыга үлэ ыытыллара. Ветеринардар ыстааданы сайыҥҥы куйаас ыйдарга үөнтэн-көйүүртэн харыстыырга вездеходу туһанан эминэн ыстарыыны тэрийбиттэрэ. Табаны aaҕap кораллар, күрүөлэр тутуллубуттара. Табаһыттар тохтоон aahap дьиэлэрин-уоттарын тутуу (промежуточнай базалар) саҕаламмыттара. «Гроза» радиостанциялар үлэлээбиттэрэ. Вертолетунан ыстаадаларга графигынан көтүү, техниканан, аһынан-таҥаһынан, оттугунан хааччыйыы тэриллэрэ. Совхозка 19 трактор, 5 вездеход, 4 катер, 10 кыра электростанция, 20 радиостанция баара.
Табаһыттар хамнастарыгар эбии төлөбүрү харчынан, тыыннаах табанан биэрэн, кэтэх табалааһын ыытыллыбыта. Олорор дьиэнэн хааччыллыы тупсубута. Онон табаһыттар үлэлииллэригэр кэлим дьаһаллар олохтонон, таба иитиитэ барыыстаах салаа буолан испитэ.
1974 с. сайын хаһан да буолбатах куйаас, бырдах, үөн-көйүүр түһэн, таба элбэхтик өлүүтэ тахсыбыта. Ити сайын ыстаадаҕа 14 тыһ. тахса таба бырдахха сиэнэн, дьүдэйэн-ыран өлбүтэ. 1974 с. тохсунньу ыйга баар 23 тыһ. табаттан сыл бүтүүтүгэр 13 тыһ. эрэ тыыннаах хаалбыта. Совхозка 4 мөлүйүөн ночоот тахсыбыта. Бу маннык алдьархай Усуйаанаҕа, Аллараа Халымаҕа эмиэ элбэх табаны сотон барбыта.
Дьокуускайтан ученайдар, специалистар састааптаах комиссия кэлэн үөрэтэ сылдьыбыттара. Бырдах, үөн-көйүүр хойуутук үөскээбитин охсуута диэн быһаарбыттара. Дьиҥэ тахсыбыт алдьархайга дьиҥнээх түмүгү иһитиннэрбэтэхтэрэ. Оччолорго айылҕа алдьархайа тахсар биричиинэлэрэ сабыылаах тема буолара биллэр. Ити сылларга тахсыбыт алдьархай салгыҥҥа, тулалыыр эйгэҕэ, муора кытыытынааҕы сиргэ-уокка айылҕа сокуоннарын кэһии охсуута буолуон эмиэ сөп.
Оройуон уонна совхоз салалтата таба өлүүтүн тохтотор туһугар араас өрүттээх дьаһаллары ылбыттара. Ыстаадаларга совхоз специалистара, оройуон актыыба табаһыттары кытта бииргэ сылдьан үлэлэспиттэрэ. Киһи саллыах быһыыта этэ. Көрөн турдахха сүүһүнэн таба бырдахха сиэнэн, тумнастан өлөн иһэллэрэ. Ханныктаах да эминэн ыстарыы, түптэлээһин, табаны арааран кыра ыстаадаларга хайытан тутуу улахан түмүгү биэрбэтэҕэ. Сайыҥҥы-күһүҥҥү ыйдарга атахсыт, тыҥа ыарыыта тарҕаммыта, элбэх таба эбии өлбүтэ.
Манна сыһыаран эттэххэ, ити сайын Индигир өрүскэ бырдахтан, күлүмэнтэн тумнастан дьиикэй табалар, тайахтар, оннооҕор эһэлэр өлүктэрэ усталларын дьон элбэхтик көрбүттэрин туһунан кэпсииллэрэ.
Совхоз директора Петров В.П., т/х управлениетын начальнига Козин И.А., зоотехник Ефимов Н.Д., партком секретара Ребров И.С., рабочком председателэ Иванов B.C. уо. д. а. үлэһиттэр, ветеринардар, эмп үлэһиттэрэ, агиткультбригадалар быыстала суох таба ыстаадаларыгар сайыны быһа сылдьыбыттара. Оройуон салалтата авиацияны, вездеходтары, уунан сылдьар техниканы түмэ тардан үлэлэппитэ.
Манна мин бу күннэргэ ыытыллыбыт сүбэ мунньахтар, райком бюрота, райисполком бу боппуруоска ылбыт дьаһалларын туһунан суруйа сатаабатым. Биир тылынан эттэххэ, туоx баар болҕомто, күүс-уох, үп-харчы барыта түмүллүбүтэ. Дьокуускайга Тыа хаһаайыстыбатын министерствотыгар Совмин председателигэр сүбэ мунньахтар биһиги туруорсуубутунан ыытыллыбыттара, көмө дьаһаллар ылыллыбыттара.
1975 с. тохсунньу ыйга оройуон табаһыттарын сүбэ мунньахтара ыытыллыбыта. Таба иитиитигэр тахсыбыт айылҕа содулларын учуоттаан, кэлэр сыллар соруктарын туһунан киэҥ кэпсэтии буолбута. Онно табаны тыыннаахтыы иитиигэ 97 бырыһыан, төрүөҕү ылыыга 73 бырыһыантан итэҕэһэ суох көрдөрүүнү ситиһэргэ, 12-с ыстаадаҕа племенной ядрону тэрийэргэ, зоотехническай, ветеринарнай үлэни көдьүүстээхтик ыытарга ылыммыттара.
Таба иитиитигэр өссө биир улахан содулунан кыыл таба ахсаана элбии тypapa, мэччирэҥи тэпсэрэ уонна дьиэ табатын улахан үөрдэринэн сутуйан илдьэ барара буолбута. Хас да төгүл комиссия тэриллэн, дьиикэй таба ахсаанын чуолкайдыыр сыалтан вертолетунан көтөн үөрэтии ыытылла сылдьыбыта.
Өр сылларга кыыл табаны өлөрөрү бобуу, хааччахтааһын баар буолан, ахсаана сылтан сыл элбээн, дэлэйэн испитэ. Ити сылларга Саха сирин хотугу оройуоннарыгар 300 тыһыынчаттан тахса дьиэ табата баара, оттон кыыл таба 200 тыһыынчаҕа тиийэр диэн ааҕыллара. Дьааҥы, Индигир өрүстэр туундараларыгар сайыҥҥы бириэмэҕэ 110 тыһ. кыыл таба үөрэ сылдьара. Маны былыр «мэйиилэ» дииллэрэ. «Аллайыаха» совхоз ыстаадаларын сирин 50-чэ тыһыынча кыыл таба тэпсэрэ. 1961-65 сылларга 4 тыһ. тахса, 1966-70 сс. 7,5 тыһ. дьиэ табата кыыл табаны кытта бырах барбыта.
Таба иитиитинэн дьарыктанар ученайдар В. Андреев, А. Курилюк, С. Помишин кыыл таба туһунан элбэх чинчийэр үлэни ыытаннар тустаах этиилэри киллэрбиттэрэ. Кинилэр дьиэ табатын кыыл таба мэччирэҥтэн үтүрүйэрин, ыарыыны тарҕатарын, дьиэ табатын илдьэ барарын бэлиэтээн туран, таба иитиитигэр улахан хоромньуну оҥорорун ыйбыттара. Ол иһин кыыл табаны сөптөөх ахсаанын быһан өлөрөн, этин туһаҕа таһаарарга, вертолетунан ытыыны көҥүллүүргэ рекомендация оҥорбуттара. Ученайдар Таймырга, Мурманскайга курдук кыыл табаны бултуур госпромхозтары тэрийэри наадалааҕынан ааҕаллара. Аллайыахаҕа Бөрөлөөх отделениетыгар итинник госпромхоһу тэрийэргэ этии киллэрэ сылдьыбыттара. Ол гынан баран итинник дьаһаллары тутатына олоххо киллэрэр кыаллыбата биллэрэ.
Онон дьиэ табата кыыл табаҕа үтүрүйтэрэр буолан тэҥҥэ сайдар кыаҕа суох буолан иһэрэ. Айылҕа айбыт кыыл табатын олох аҕыйатар, суох оҥорор табыллыбата эмиэ биллэр. Маны балаансалыыр, «тэҥниир» эрэ дьаһаллар туһалаах буолуохтарын сөптөөх диэн специалистар ааҕаллара.
1975 с. Дьокуускайтан кэлэн үлэлээбит комиссия Бөрөлөөх, Хоромой үрэхтэригэр таба мэччирэҥин сиринэн вертолетунан биир көтүүгэ 50 тыһыынча кыыл таба халыҥ үөрэ баарын аахпыттара. Ол саҕана Бөрөлөөх, Быйаҥныыр ыстаадаларыгар 7600 дьиэ табата баара. Кыыл табаны батыһа сылдьан үөскүүр бөрө үөрдэрэ дьиэ табатыгар эмиэ улахан хоромньуну оҥороллоро.
Ити этиилэргэ олоҕуран уонна эт былаанын толорор сыалтан 1974 с. кыыл табаны ытыы тэриллибитэ. 3400 таба өлөрүллэн 230 тонна эт туттарыллыбыта. 1975-1979 сылларга кыыл таба этин туттарыы улааппыта.
1972 сыллаахха оройуон кииниттэн чугас табаны өлөрөр, сүлэр-астыыр механизацияламмыт база тутуллубута. Манна Козин И.А., Лебедев Д.А. бэрт элбэхтик үлэлээбиттэрэ. Эт хаачыстыбата биллэрдик тупсубута, сыаната үрдээбитэ. Итини тэҥэ сэттэ уонус сыллардаахха кыыл табаны ытар сирдэргэ бөдөҥ муус ледниктэр оноһуллубуттара.
1966-1970 сс. ортотунан сылга 350 тонна, 1971-1975 сс. — 400 тонна, 1976-1980 сс. — 306 тонна эт государствоҕа туттарыллыбыта. Иитиллэр таба ахсаана 1979 с. — 21,5 тыһ. тиийбитэ, 1974 сыллаах таба өлүүтүн кэнниттэн 8,5 тыһ. төбөнөн эбиллибитэ. Онон биэс сыл устата таба иитиитигэр тахсыбыт хоромньуну чөлүгэр түһэрэр дьаһаллар элбэх сыранан, ыарахаттары, күчүмэҕэйдэри туораан туран олоххо киирбиттэрэ.
1977-1981 сыллардаахха совхоз директорынан ученай-зоотехник Голиков Николай Кононович үлэлээбитэ. Үөһээ этиллибитин курдук кини эдэр эрдэриттэн оройуоҥҥа таба иитиитигэр үлэлээбит, бу салааны билэр, опыттаах специалист быһыытынан биллэр. Хас да сылга Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үлэлии сылдьыбыта. Таба иитиитигэр научнай үлэнэн дьарыктаммыта. «Табаны звенонан солбуйса сылдьан манааһын» диэн кинигэни суруйан бэчээттэпиитэ. Хотугу оройуоннарга хааргын таба боруодатын тарҕатыыга ученайдары кытта үлэлэспитэ уонна «Аллайыаха» совхоһугар бу үлэни эмиэ ыытыспыта. Табаттан ылыллар бородууксуйаны элбэтиигэ, барыта туһаҕа тахсарыгар утумнаах үлэни ыыппыта. Пантыны бэлэмниир центры тэрийэргэ этии киллэрбитэ. Кини үлэлиир сылларыгар табаһыттар кэтэх табаланалларыгар күүскэ үлэлээбитэ. Кини бэйэтэ суруйарын курдук, «күн табата» эһиллэр кутталын өйдөөн, маны оннугар түһэрэргэ кэлим чинчийэр-научнай үлэни ыыппыта.
Совхоз директорынан үлэлии сылдьан 1980 с. партия обкомугар сурук киллэрбитэ. Манна табаһыттар үлэлиир усулуобуйаларын, үлэ тэрээһинин тупсарыы, табаһыттары бэлэмнээһин, базовай хаһаайыстыбалары, «безотходнай» производствоны тэрийии туһунан этиилэри оҥорбута. Бу сурук партия обкомун бюротугар дьүүллэммитэ уонна Тыа хаһаайыстыбатын министерствотыгар, хотугу оройуоннарга, совхозтарга сурукка ыйыллыбыт этиилэри киэҥник туһанарга, олоххо киллэрэргэ сорудахтаммыта.
Түүлээх булда хотугу оройуоннарга былыр-былыргыттан олохтоох дьон биир сүрүн дьарыктарынан буолар. Биһиги оройуоммутугар үрүҥ кырса ордук сэрии сылларыгар өлгөмнүк бултаммыта. 1941-45 сс. государствоҕa 10891 кырса тириитэ, 492 кыһыл caһыл, 4030 кырынаас, 1900 тииҥ туттарыллыбыт. Саамай бастыҥ рекорд 1944 с. — 5017 кырса, онтон 27 сыл буолан баран 1971 с. — 3557, 1956 с. — 3096, 1958 с. — 2905, 1961 с. — 3994, 1962 с. — 3098, 1963 с. — 2942 кырса бултанан государство хааһынатыгар киирбитэ.
Саамай булда суох сылларынан 1942 с. — 1081 кырса, 1949 с. — 898 кырса, 1965 с. — 1249 кырса буолаллар.
1966-1979 сылларга 38703 кырса тириитэ туттарыллыбыта. Бу маны оройуон булчуттарын улахан кылааттарын быһыытынан сыаналыахха cөп. Бу баччалаах элбэх түүлээҕи бултуур туһугар булчут дьон төһөлөөх элбэх эрэйдэрэ, сыралара, күүстэрэ-уохтара барбыта, көлөһүннэрэ тохтубута буолуой? Ол туһунан барытын сиһилин суруйар кыаллыбат.
Түүлээҕи государствоҕа туттарар сыана бултуур ороскуоту ырааҕынан саппат буолара. Онон колхоз эбэтэр совхоз улахан ночоокко барара. Биирдиилээн булчукка тиксэрэ эмиэ бэрт кыра буолара.
Үөһээ ыйыллыбыт өлгөм бултаах 1944 с. оройуон колхозтарын 5 тыһыынча кырсаларын тириитэ 804,5 тыһ. солкуобай харчыга барбыт (оччотооҕу сыананан). Оттон 1971 с. совхоз 4965 кырсаны туттаран 206 тыһ. солк. харчыны киллэрбитэ. Мантан кырса сыаната хамсыы, намтыы турара көстөр.
Оччолорго Саха сирин түүлээҕэ Иркутскайдааҕы түүлээх базатыгар ыытыллара, сыаната онно быһыллара. Миэстэтигэр соҕотуопкалыыр пууннар туппут сыаналара хайаан да Иркутскай базатыгар тиийэн элбэҕинэн аллараа түһэрэ. Бу улахан баттыгас этэ. Холобур, 1975 с. «Аллайыаха» совхоз 2498 кырса тириитин 112528 солк. сыаналаан туппут түүлээҕи Иркутскай базатыгар тиийэн 18330 солкуобайынан аллараа түспүтэ. Бу суумма былаан туолуутуттан уһуллара, биирдиилээн булчуттар хамнастарыгар охсуулаах буолара. Хотугу оройуоннар бу боппуруоһу элбэхтик тypyopcap этибит. Мин партия уобаластааҕы комитетын конференциятыгар күндү түүлээх базатын Саха сиригэр бэйэтигэр тэрийэр туһунан этии киллэрбитим. Бу боппуруос уһуннук үөрэтиллэн Дьокуускайга түүлээх базата олохтоммута.
Түүлээх булдугap сыл ахсын 65-70 кадровай булчут сылдьара. Саамай үрдүк көрдөрүүнү ситиһэр булчуттар тэрээһин, сатабыл өттүнэн атыттары баһыйар, буспут-хаппыт дьон этилэр. Кинилэр ыт көлөнөн сылдьаллара. Ыттарын аһылыга саамай эмис балык, көрүү-истии мааныта буолара. Ол кэнниттэн биир сыарҕа ыкка сылга 4500 кг балыгы бултаан хаһаанар наада этэ. Оччоҕо булчут 10-12 ыттаах буоллаҕына булт сезонугар холкутук сылдьара. Бастыҥ (передовик) ыт оччотооҕу сыананан 200 солк. турара. Ону булчут хас да ыйдаах хамнаһын мунньунан атыылаhapa. Булчут ыттаах сыарҕата бэйэтин чааһынай бас билиитэ буоларын үрдүнэн, кини совхозтан туох да төлөбүрү ылбат этэ. Быһа холуйан, кыччатан аахтахха. 1960 сылларга булчут ороскуота туттарбыт түүлээҕинээҕэр икки төгүл элбэх буолара. Кырса тириитин орто сыаната 31 солк. этэ, кырса тириитин хас биирдии солкуобайыттан булчукка 38 харчы тиксэрэ. Биһиги түүлээх сыанатын үрдэтэр туһунан боппуруоһу элбэхтик туруорсар этибит да улахан түмүгү ситиспэтэхпит. Оттон Саха сириттэн атын государстволарга барар 1 кырса тириитэ кыһыл көмүһүнэн 9 солкуобай этэ ити бириэмэҕэ. Биирдии булчут нагрузката бэрт улахан этэ. Орто булчут 100-150 паастаах, 200 капканнаах буолара. Үөһээ ыйыллыбытын курдук, түүлээх булдугар 60-70-с сыллары ылар буоллахха, саамай элбэх кырса 1961-1963, 1966-1971, 1973-1975 сылларга бултаммыта.
Бастыҥ булчуттар бу сылларга сезоҥҥа 100-250 кырса тириитин туттараллара. Русскай Устье, Бөрөлөөх отделениетын булчуттара үксүгэр бастыыллара. Холобур, 1973 с. Русскай Устьеҕа — 1589, Бөрөлөөххө — 1040 кырсаны бултаабыттара. Совхоз үрдүнэн 4042 кырса тириитэ туттарыллан 168 тыһ. солк. киирбитэ. 1976 с. оройуон бастыҥ булчуттара Григорьев B.C. — 264 кырсаны, Киселев К.А. — 125, Лебедев С.А. — 127, Рожин М.В. — 124 кырсаны бултаабыттара. Түүлээхситтэр бултаабыт кырсалара ыт сыарҕатыгар баппакка вертолетунан таһыллар буолара. Куоталаһыы түмүгэ суумматынан быһаарыллара. Ол курдук бастыҥнар 10-25 тыһ. солкуобайдаах түүлээҕи туттараллара. 1975 с. Черемкин К.А., Слепцов И.П. — 25-тии тыһ., Киселев К.А., Щелканов И.Н. — 20 тыһ., Черемкин П.А. — 21 тыһ. түүлээҕи бултаабыттара. Бу Саха сиригэр бастыҥ көрдөрүүлэр этилэр. Ол да иһин элбэх булчуттар үрдүк наҕараадалары, бириэмийэлэри ылар чиэскэ тиксибиттэрэ.
Түүлээх булдугар үлэ тэрээһинин тупсарар дьаһаллар ылыллаллара. Бастатан туран, булчуттары наадалаах тээбириннэринэн, капкаанынан, техниканан, саанан, сыарҕанан, баллакка таҥаһынан хааччыйар сорук тypapa. 1970 сылларга бригаданан бултааһыны тэрийии саҕаламмыта. Маны көҕүлээччинэн бастыҥ булчут К.А. Киселев этэ. Кини муора кытыытынааҕы ыраах учаастактарга 5-6 киһилээх бригада тэрийбитэ. Кини опытынан атын да сирдэргэ бригаданан бултааһын үчүгэй түмүгү көрдөрбүтэ. Булт бригадалара «Гроза» радиостанциянан уонна электростанциянан хааччыллыбыттара.
Түүлээхситтэри көҕүлүүр, дьону кытта үлэни тупсарар сыалтан булчуттар слеттарын ыытар этибит. 1967 с. юбилейнай слет ыытыллыбыта. Элбэх этии, сүбэ киирбитэ. Тэрилтэ салайааччылара туундара дьонун кыһалҕаларын ылынан тутатына дьаһал ылаллара. Булчуттарга анаан наадалаах табаардар, мотордаах оҥочолор, булт сэбэ-сэбиргэлэ атыыга тахсара. 1972 с. булчуттар слеттарыгар Усуйаана бастыҥ булчута Социалистическай Үлэ Геройа Колесов Николай Саввич, кыыл иитээччи Социалистическай Үлэ Геройа Аммосова Матрена Ивановна, икки Үлэ Кыһыл Знамятын орденнарын кавалера Томскай Алексей Алексеевич кэлэн кыттыыны ылбыттара, социалистическай куоталаһыы дуогабарын түһэрсибиттэрэ. Сүлүөт тэрээһиннээхтик киэҥ программалаахтык, көхтөөхтүк ыытыллыбытынан булчуттар астынан тарҕаспыттара. Оччолорго түспүт хаартыскалар музейга баар буолуохтаахтар.
Оройуоҥҥа биир тутаах салаанан балык булда буолар. Кыһыннары, сайыннары хоту дойду дьоно остуолларыгар, отууларыгар аһыыр биир сүрүн астара — балык. Балыктан олохтоох дьон 60-ча араас аһы астыыллар. Тоҥ балык, сиикэй, дьукула, барча курдук астар былыр-былыргыттан олохтоохтор эрэ буолбакка кэлии дьон, экспедициялар аһылык оҥостон сылдьыбыттарын туһунан элбэхтик кинигэҕэ, сурукка кэпсэнэр.
Урукку колхозтар, кэнники совхоз уонна балык завода өлгөм балыгы бултаан государствоҕа туттараллара. Сибиэһэйинэн уонна туустаан атын сирдэргэ атаараллара.
Хотугу оройуоннарга баар өрүстэртэн биир саамай элбэх уулаах, уһун, киэҥ чүөмкэлэрдээх, балысхан долгуннаах, күүстээх сүүрүктээх Индигир өрүс буолар. «Индигир эбэ хотун» диэн дэлэҕэ да ырыаҕа, тойукка киириэ дуо? Дьолоон, Хоромой, Аллыйкы, Быйаҥныыр уо. д. а. элбэх үрэхтэр, сүүһүнэн ааҕыллар күөллэр үчүгэй суортаах балыгынан аатыраллар. Оһооҕун, Моҕотой, Бүгүчээл уо. д. а. уонунан ахсааннаах устата-туората көстүбэт улуу күөллэр бааллар. Бу өрүстэргэ, күөллэргэ, үрэхтэргэ тууччах, хатыыс, чыыр, муксуун, уомул бултанар. Индигиргэ күндүөбэй өлгөмнүк үөскүүр. Сыалыһар, сордоҥ, үүкү, оруу «бытархай» балыгынан ааҕыллар.
Сэрии сылларыгар фронт анаан сүүһүнэн тонна балык соҕотуопкаҕа туттарыллара. Оттон 50-с сыллардаахха сылга 372 тоннаҕа тиийэ туттарыллар буолбута. 1956 с. колхозтар балык булдуттан 40 тыһ. солк. дохуот ылбыттара. Совхоз тэриллибитин кэнниттэн балыгы туттарыы элбээн испитэ. 1961 с. 402 тонна балыгы туттаран. 223 тыһ. солк. харчы киллэрбитэ.
1966-1970 сс. сылга ортотунан 548 тонна. 1971-1975 сс. — 572 тонна, 1976-1980 сс. — 510 тонна балыгы совхоз государствоҕa туттарбыта. Маны таһынан балык завода бэйэтэ балыктыыр биригээдэлэри тэрийэн балыктатара. Тэрээһин өттүнэн, техниканан, үбүнэн-аһынан хааччыллыылара ордук буолан балык заводун балыксыттара совхозтааҕар элбэҕи бултууллара. 1975 с. совхоз 577 тоннаны, балык завода 750 тоннаны туттаран тураллар. Онон государствоҕа сылга 1200-1300 тоннаттан итэҕэһэ суох балык туттарыллара. Маны таһынан дьон аһылыгар, ыкка уонна түүлээх мэҥиэтигэр туттуллар балык төһөтө биллибэт. Хамнас төлөбүрэ уонна туттарар сыаналара балык заводун үлэһиттэригэр быдан үрдүк буолара. Ону тэҥниир туһунан кэпсэтии барар этэ да, үөһээ турар тэрилтэлэр быһаарбатахтара. Оннооҕор хамнаска ааҕыллар xoтугу коэффициент тус-туһунан, икки аҥыы төлөнөрө.
Совхоз балыксыттара кэнники сылларга Индигиргэ Баарылас, Хомо, Бэгий, Кириэстээх, Осениново, ону тэҥэ Русскай Устье өлгөм бултаах учаастактарыгар бригаданан бултааһыны тэринэр буолбуттара. Манна улахан муҥхаларынан, мотордаах оҥочолорунан балыктааһын улахан көдьүүһү оҥорбута. Бастыҥ балыксыттар Егор, Михаил, Иван Антоновтар, Котовщиков Дмитрий Иннокентьевич, Костромина Ирина Алексеевна, Рожин Нестор Николаевич сыл ахсын элбэх балыгы хостууллара. Русскай Устьеҕа булчут барыта балыктыыра. Бөрөлөөх балыксыттара Хоромой, Дьолоон үрэхтэригэр табыллыбыт сылларыгар уонунан тоннаны бултууллара. Ити сылларга Быйаҥныырга В. Садовников, С. Докунаев уо. д. а. олохтоох балыксыттар Рыбзаводка элбэх балыгы бултаан туттарбыттара. Оройуоҥҥа балык заводугар үлэлээбит салайааччылартан Новгородов А.П., Кузнецов Р.Г. балык хаһаайыстыбатын базатын тэрийиигэ кыахтаахтык үлэлээбиттэрэ. Балык завода кэнники ити сылларга сибиэһэй балыгы тутууну тупсарбыта. Элбэх булуустар оҥоһуллубуттара. Рефрижератордаах самоходнай баржаларынан өрүс сүнньүгэр бултанар балык буорту буолбакка тиэйиллэр буолбута.
Балыгы самолетунан, вертолетунан тастарыы боппуруоһа быһаарыллыбыта. Чокурдаахтан Дьокуускайга балыгы улахан грузовой самолеттарынан тиэйии тэриллэрэ. Балык улахан самолеттарынан Дьокуускайга таһыллыытыгар Социалистическай Үлэ Геройа Кузьмин В.И., Климаков С.К., Кыкчин И.С., Перин П.С. курдук Саха сиригэр биллэр авиатордары кытары көрсүһэн быһаарсар түбэлтэлэр элбэх этилэр. В.И. Кузьмин «бэйэм да уруулга олорон туран балык барыта тиэллиэҕэ» диир буолара. Хотугу оройуоннарга балык хаһаайыстыбатын сайыннарыы улахан кэскиллээх салаа буолар.
Салҕыы аах:
Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 7 чаас
Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 9 чаас