Быйыл 2024 сылга Саха сирин биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятелэ Евдокия Николаевна Горохова төрөөбүтүттэн 100 сылын бэлиэтиибит.
Өрөспүүбүлүкэбит осторуйатыгар ЫБСЛКС уобаластааҕы комитетын секретаринэн, ССКП Аллайыахатааҕы райкомун бастакы секретаринэн, Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бэрэссэдээтилинэн киирбитэ. Союзнай суолталаах персональнай пенсионер этэ.
Евдокия Николаевна төрөөбүт сиригэр — Аллайыаха улууһун сайдыытыгар бастыҥ оруолу оонньообута. «Мин Аллайыахам» кинигэни 40-ча саастааҕар, олоҕун-үлэтин үгэнигэр сылдьан суруйбут. Аллайыаха нэһилиэгин, улууһун остуоруйатын, улуус үөскээһинин, дьон-сэргэ олохсуйуутун, бастакы колхозтары, бөһүөлэктээһин кэмнэрин олус сиһилии суруйбут.
«Сайдыы суола» эрэдээксийэ өрөбүллэргэ ааҕааччыларыгар кыра-кыралаан бу кинигэни кытары билсиһиннэрин салҕыыр.
Бүгүн төрдүс «1960-1979» диэн улахан баһы кытары билсэрбитин түмүктүүбүт. Манна Евдокия Николаевна 1970-1979 сылларга Аллайыахаҕа үлэлээбитин ахтан кэпсиир: Чокурдаахха күүстээх тутуу буола турар уонна саҥа Оленегорскай диэн бөһүөлэк аһыллар.
1960-1979 СЫЛЛАРГА. 3 ЧААС
1975 сылга диэри дьиэтэ суох табаһыттары, булчуттары олохсутар былаан оҥоһуллубута. Ити бириэмэҕэ 48 дьиэ кэргэн, үксэ таба иитиитигэр үлэлээччилэр дьиэтэ суох тордоҕунан көһө сылдьаллара. Бу этиллэр хайысхаларга олоҕуран оройуоҥҥа тутуу кээмэйэ сылтан сыл улаатан испитэ. «Якутсельстрой» трест тутууга бэриллэр үбү толору туһанар дьаһалы ылыммыта. Оройуоҥҥа ТМУ үлэтин тэрээһинэ тупсан испитэ. Оройуон этиитин ылынан икки пятилетка (1970-1980 сс.) устатыгар ыытыллар тутyy объектара тутар уонна былаанныыр органнарынан бигэргэтиллибитэ. Тутуу хаамыыта түргэтээбитэ. Сылтан сыл нэһилиэнньэни дьиэнэн хааччыйыы олоххо киирэн испитэ. 1971-1975 сс. — 9632 кв. м иэннээх, 1975-1978 сс. — 8268 кв. м иэннээх олорор дьиэлэр туһаҕа киирбиттэрэ. 218 ыал саҥа дьиэлэргэ көһөн киирбиттэрэ.
Ведомстволар өттүлэриттэн дьаһал ылыллан «Индигирторг», балык завода, өрүс бириистэнэ, «Якутэнерго», сибээс хонтуората, авиапорт, уо. д. а. оройуон тэрилтэлэрэ тутууга аҕыйаҕа суох үбү туһанан, олорор дьиэлэри, материальнай-техническэй объектары, оҕо тэрилтэлэрин туһунан былааннаан, ити сылларга элбэх тутууну ыыппыттара.
Авиаэскадрилья тэриллэн 1970 сылтан иккилии этажтаах олорор дьиэлэр, гостиница, оҕо сада тутуллубуттара, материальнай-техническэй база кэҥэтиллибитэ. Дизельнэй электростанция, убаҕаc оттугунан үлэлиир котельнай реконструкциялара ыытыллыбыта. Элбэх туруорсуунан Чокурдаах аэровокзалын тутууга көрүллүбүтэ уонна саҕаламмыта. Аэровокзалы Черскэйгэ тутуохха диэн күүскэ туруорса сылдьыбыттара. Ол эрээри Москва-Амдерма-Тиксии-Чокурдаах линиянан Ил-18 самолет көтөрүгэр, Магадан, Билибино, Халыма, Индигир оройуоннарыттан пассажирдар сылдьыыларын хааччыйарга Чокурдаах аэропорда төгүрүк сыл үлэлиир буолан аэровокзал тутуллара наадалаах этэ. Гражданскай авиация министерствотын солбуйар министрэ Свешников кэлэ сылдьан бу боппуруоһу быһаарарга көмөлөспүтэ. Авиаэскадрилья командира Баранов Ю.И. капитальнай тутуу боппуруостарыгар Москванан, Дьокуускайынан сылдьан элбэхтик дьарыктаммыта.
Балыксыттарга олорор дьиэ тутуута ити сылларга эмиэ күүскэ ыытыллыбыта. 1975-1979 сылларга балык заводун балыксыттара бары олорор дьиэнэн хааччыллыбыттара. Чокурдаахха улахан механизированнай, балыгы тиэммит грузовой автомашина киирэн эргийэн сүөкэнэн тахсар кыамталаах, балыгы тоҥорор элбэх секциялардаах булуус тутуллубута. Русскай Устьеҕа, Хоромойго балыгы тутар пууннарга эмиэ улахан булуустар бааллара.
Тутуу «Колымторг», кэнники «Индигирторг» күүһүнэн ыытыллан оройуон киинигэр саҥа ыскылааттар, маҕаһыыннар, бэкээринэлэр, олорор дьиэлэр үлэҕэ киирбиттэрэ. Оҕуруот аһын, фруктаны харайар итии ыскылааттар тутулланнар оройуоҥҥа ити аһылыктар төгүрүк сыл атыыланар буолбуттара.
Онон капитальнай тутууну оройуон тэрилтэлэрэ бары ыытар буоланнар, үп-харчы араас источниктартан түмүллэрэ, ол оройуон олоҕор улахан суолталаах буолбута.
Табаһыттарга аналлаах Оленегорскай бөһүөлэгин тутуутун тэтимэ түргэтээбитэ. Совхоз күүһүнэн 1968 с. саҕаламмыт 4-түү квартиралаах олорор дьиэлэргэ тутуу үлэһиттэрэ база тэринэн, тутуу прорабскай учаастага тэриллибитэ. Манна салайааччынан Торохов Н.Н. диэн саха киһитэ үлэлээбитэ. Кини Дьокуускайга тутууга үлэлээбит опыттаах этэ. Кини кэнниттэн Туровскай В.И., Смагин В.Д. диэн нуучча дьонноро үлэлии сылдьыбыттара. Тутуу биригээдэлэригэр үксэ киин сиртэн кэлбит дьон үлэлииллэрэ. Кыһыҥҥы бириэмэҕэ тутуу маһа, атын да матырыйаал Индигир өрүс мууһунан тракторынан, массыынанан таһыллара. Ол элбэх күчүмэҕэйдээх этэ.
Оройуоҥҥа бу бөһүөлэк тутуутун сүрүннүүргэ райком 1 секретарын салалтатынан аналлаах штаб тэриллибитэ. Бөһүөлэги тутуу бырайыагын оҥорууга элбэх бириэмэ барбыта. Ону «Гипросовхозстрой» инженерэ Аллерборн В.Ф. салайан оҥорбута. Бу бырайыак элбэх итэҕэстэрдээх этэ. Биирдиилээн объектар тутуллар кэлим бырайыактара хас да сыл устата ситэриллибэтэҕэ. Республика бырайыактыыр тэрилтэлэрэ бүтэрэн-оһорон биэрбэт этилэр.
Ордук ДЭС уонна квартальнай котельнай бырайыактара табыллыбакка элбэх мэһэйдэри оҥорбута. 200 квт. 3 дизель оннугар кыра кыамталаах дизеллэри туруорарга Тыа хаһаайыстыбатын министерствота модьуйара. Котельнай кыамтата эмиэ уларытыылаах буолбута.
Маннык сатала суох дьаһаллары кытта оройуон сөбүлэспэтэҕэ. Партия обкомун секретарыгар Г.И. Чиряевка сурук түһэрбиппит. Совмиҥҥа, Госплаҥҥа Оленегорскай тутуутун түргэтэтэр туһунан элбэх көрсүһүүлэр, мунньахтар буолбуттара. Тутуллар объектары уотунан, итиинэн хааччыйарга наадалаах турбалар, радиатордар уо. д. а. сантехника оборудованиетын фондатын туруорсан ылыыга элбэх үлэ барбыта. Чокурдаахха, Оленегорскайга Дьокуускайтан ити үөһээ этиллэр салалталар эппиэттээх үлэһиттэрэ элбэхтик сылдьыбыттара. Охлопков Н.С., Шадринов Н.В., Миклаюнас B.C., Сивцев Т.Д., Бочкарев С.И., Силантьев Д.М. кэлэ сылдьан бу тутуулары ыытыыга улаханнык көмөлөспүттэрэ.
Биирдэ Москваттан Союз уонна РСФСР Тыа хаһаайыстыбатын Министерствотын комиссията кэлэ сылдьыбыта. Быһаарыллыахтаах боппуруос, биллэн турар, элбэх этэ. Комиссия мунньаҕын түмүгэр мин Оленегорскай бөһүөлэгин тутуутугар биир эрэ бoппypyoһy туруорсабыт — ол сантехника (турбалар, радиатордар) диэн эппитим. Манна бачча улахан представителлээх кэпсэтии үчүгэй түмүктээх буоларын эрэйэбит диэбитим. Кэнники Совмин солбуйар председателэ Охлопков Н.С. аллайыахалар «биир эрэ» боппуруостарын икки сылы быha тиниктэһэн нэһииччэ оннун булларбыппыт диирэ. Оленегорскай ититэр трассатыгар 5700 метр усталаах араас кээмэйдээх турба наада этэ.
1971-1975 сс. Оленегорскайга 2 мөл. 450 тыһ. суумалаах тутуу ыытыллыбыта. 830 тыһ. солкуобайдаах саҕаламмыт тутуулар бааллара. Улахан объектарынан ДЭС, 160 миэстэлээх оскуола, 75 миэстэлээх интернат, 50 миэстэлээх детсад, квартальнай котельнай этилэр. Котельнайы убаҕас оттукка уларытан оҥоһуллубута. Индигир үөһээ өттүттэн өрүс самоходкаларынан элбэх гравий, кумах таһыллыбыта. Соҕотох 1976 с. 7 тыһ. тонна сүөкэммитэ.
Водозабор, уматыгы кутар цистерналар, пожарнай резервуар, уо. д. а. улахан техническэй быһаарыылары эрэйэр объектар наада буолбуттара. Оройуоҥҥа тутууну ыытар ПМК салайааччылара Зубков В.А., Асущенко Н.Ф., Рожин С.Н. бу тутууну ыытарга уһуннук үлэлээбиттэрэ. Райсовет исполкомун тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига Козин И.А. (ол иннигэр совхоз директора) быһаччы дьарыктаммыта. Манна сыһыаран эттэххэ Иван Александрович Козин Саха сиригэр эдэр сааһыгар кэлэн пенсияҕа тахсыар диэри 40-ча сыл үлэлээбитэ. Булуҥҥа совхоз директорынан уһуннук үлэлээн Саха АССР уонна РСФСР үтүөлээх зоотехнигын аатын ылбыта. 1967 сылтан 1980 сылга диэри «Аллайыаха» совхоз директорынан, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнигынан үлэлээн оройуон экономиката уонна социальнай олоҕо сайдарыгар улахан кылааты киллэрбитэ. Кини кыһамньытынан элбэх проблемалар быһаарыллыбыттара. Кэргэнэ Кузьмина Павла Геннадиевна Саха АССР үтүөлээх учуутала, ыччат үөрэҕириитигэр улахан кылаатын уурбута. Бу сэмэй, чиэһинэй үлэһит нуучча дьоннорун туһунан дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө өйдөбүл хаалбыта.
1972 с. тохсунньу ыйга күн тахсар кэмигэр Оленегорскай бөһүөлэгин үлэҕэ киириитин аһыы (бэлиэтээһин) буолбута. Ити бириэмэҕэ 20 түөртүү квартиралаах олорор дьиэлэр бүтэриллибиттэрэ. 1969 сылтан саҕалаан тaбaһыттap, тутуу, эмп, эргиэн, оскуола үлэһиттэрэ ити дьиэлэргэ Ойоотунтан, Оһоогунтан көһөн кэлэн киирбиттэрэ. Ити дьиэлэр оһоҕунан оттуллар буоланнар оттор маһынан хааччыйыы боппуруоһа турбута. Онон Оленегорскайга лесопууну олохтуур дьаһал оҥоһуллубута. Онон оттор маһынан хааччыллыы быһаарыллыбыта.
Лесопуун начальнигынан Стручков Василий Михайлович yһyн сылларга үлэлээбитэ. Оленегорскай бөһүөлэгэ атаҕар турарыгар кини улахан оҥолоох. Олохтоох партийнай тэрилтэ секретара этэ, табаһыттар олохторун тупсарар, хааччыйар туһугар элбэх өрүттээх үлэни ыытара. Кинитэ суох биир да боппуруос быһаарыллыбат буолара. Дьон дэлэҕэ да Василий Михайловиһы «биһиги Хрущевпут» диэн ааттыахтара дуо?
Тордоххо олорбут ыаллар кирпииччэ oһoҕy сатаан оттуммат да түбэлтэлэрэ баара. Кини онно бэйэтинэн oһox оттон, көрдөрөн киэһэни быһа ыалларынан сылдьарын махтанан кэпсээн оҥостоллоро. Стручков В.М. Оленегорскай бөһүөлэгэр бэйэтэ кыттан туран оҥорторбут маҥан табалаах обелиһа билигин да кинини саната турар.
Оленегорскай отделениетын дьоно саҥа бөһүөлэккэ киириилэринэн сибээстээн партия райкома манна эдэр специалистары анаан үлэлэппитэ. Отделение управляющайынан Чита партийнай оскуолатын бүтэрбит, партия райкомун үлэһитэ Шахов Семен Васильевич, сельскэй Совет председателинэн Федоров Дмитрий Семенович, Докунаев Тимофей Алексеевич үлэлээбиттэрэ. Орто оскуола директорынан райкомол секретарынан үлэлээбит Ефимов Владимир Иннокентьевич анаммыта. Больницаҕа эдэр врач Соломова Елена үлэлээбитэ. Электростанцияҕа, котельнайга эдэр специалистар Б. Стручков, А. Портнягин уо. д. а. эрчимнээх үлэһиттэр бааллара. Таба ыстаадаларыгар К.А. Трофимов, Д.И. Лебедев, С.Н. Лебедев, И.Ф. Горохов курдук чулуу табаһыттары кытта сэргэ эдэр үүнэн иһэр В.И. Дуткин, И.А. Дуткина, Алексей Никулин, Виктор Лебедев, Анатолий Едукин — элбэх эдэр дьон бааллара. Николай Лебедев, Анна Дуткина, Дмитрий Слепцов курдук эдэр специалистар үлэлииллэрэ. 10-ча үрдүк, 60 орто үөрэхтээх ыччат баара. Онон саҥа бөһүөлэккэ эдэрдэр үлэлииллэригэр кыах үөскээбитэ. Бэйэлэрин кыахтарын, билиилэрин, эдэр эрчимнэрин үлэҕэ-хамнаска туһаайан бары көхтөөхтүк ылсыбыттара.
Оленегорскай бөһүөлэгэ аһыллыытыгар оройуон бүттүүнэ кыттыыны ылбыта. Ордук тутуу үлэһиттэрэ элбэхтик түбүгүрбүттэрэ. Чокурдаахтан грузовой автомашиналар колонналара быыстала суох сылдьара. Copoҕop көрүдьүөс да түгэннэр буолаллара. «Оленегорск» диэн тимир илиистэргэ суруллубут буукубалары суолга сүтэрэн баран ону көрдөөһүн, булан ылыы үөрүүтэ эмиэ баара. Чокурдаах аэропордун летчиктара табаһыттары, ыалдьыттары таспыттара.
Республика хаһыаттара Оленегорскай туһунан киэҥник сырдаппыттара. «Табалаах хайаҕа дьол түһүлгэтэ» диэн Л. Колесов репортаһа тахсыбыта. «Правда», «Труд», «Сельская жизнь» хаһыаттарга эмиэ бэчээттэммитэ.
Бөһүөлэккэ бастатан туран маҕаһыын, бэкээринэ, бытовой комбинат филиала, сибээс тэрилтэлэрэ аһыллыбыттара. Табаһыттары аһынан-таҥаһынан хааччыйыыга улахан болҕомто ууруллара.
Оленегорскай бөһүөлэгэ аһыллыбытынан сибээстээн элбэх кэлим дьаһаллар ыытыллыбыттара. Олортон сүрүннэрэ: «Отделение экономическай уонна социальнай сайдыытын 1971-1975 сс. былааннара», «Бөһүөлэги туйгун общественнай бэрээдэктээх, чулуу санитарнай туруктаах оҥоруоҕуҥ» диэн, уо. д. а. дьаһаллар.
Бу дьаһаллары олоххо киллэрэргэ партийнай, комсомольскай тэрилтэлэр, нэһилиэнньэ араас өрүттээх үлэни ыыппыттара. Учууталлар, культура үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн концертар, фестиваллар тэриллэн оройуоҥҥа бастыҥ миэстэлэри ылаллара. Талааннаах ыччат элбэҕэ өтө көстөрө. Элбэх киһилээх, ыалдьыттаах саҥа бөһүөлэк аһыллыыта улахан үөрүүлээх быһыыга-майгыга, өрө көтөҕүллүүлээхтик барбыта.
Саха сирин биир биллэр суруйааччыта Дадаскинов С.Е. бу түгэннэргэ суруйбут хоһоонноро ырыа буолан ыллана сылдьаллар. «Оленегорск», «Күн табалаах Көстөкүүн», «Буурҕa уонна үҥкүү» уо. д. а. суруйуулара туундара дьонун дууһатын долгутар. Нуучча дьахтара Рената Бобкова (кэргэнэ аэропорт начальнига И.Ф. Бобков) Оленегорскай туһунан суруйбут ырыата Аллайыаха ыччатын таптыыр ырыата. Биллиилээх мелодист Ольга Иванова-Сидоркевич кэргэнинээн кэлэ сылдьан «Оленегорскай сээдьэтэ» диэн Саха сиригэр киэҥник тарҕаммыт хомоҕой тыллаах ырыаны айбыта. Бу барыта оччолорго үлэлээбит-хамсаабыт дьоҥҥо, эдэр ыччаттарга үтүө өйдөбүнньүк буолбута чахчы.
Табаһыттар саҥа бөһүөлэктэригэр Николай уонна Христина Трофимовтар кэргэттэригэр маҥнайгы oҕo төрөөбүтүн малааһына буолбута. Күнү көрбүт Баир Трофимов туһунан хаһыаттар суруйбуттара, айхаллаабыттара.
Хас биирдии тутуу үлэҕэ киирэрэ үөрүүлээх-көтүүлээх буолара. 1976 с. 160 миэстэлээх, икки этажтаах, спортивнай саалалаах, туһунан котельнайдаах оскуола дьиэтэ тутуллан бүппүтэ. Атырдьах ыйын 25 күнүгэр оройуон штабын мунньаҕынан оскуола дьиэтэ «үчүгэй» сыананан тутуллубута. 100-тэн тахса оҕолоох орто оскуола үлэлээн барбыта. Табаһыттар ааттарыттан Саха сирин правительствотыгар махтал, телеграмма ыытыллыбыта. Эһиилигэр интернат дьиэтэ бүппүтэ. Отделение ыччаттара волейбол, баскетбол, атын да көрүҥнэргэ спортивнай күрэхтэһиилэри ыытан оройуоҥҥа бастыыллара. Управляющай С. Шахов, оскуола директора В. Ефимов, сельскэй Совет председателэ Т. Докунаев көҕулээччилэринэн буолаллара.
1977 сылга бөһүөлэккэ 5 мөл. тахса суумалаах объектар тутуллубуттара, 2600 квадратнай метр иэннээх олорор дьиэлэргэ 375 киһи киирбитэ.
Сылтан сыл социальнай-культурнай объектар тутуллан испиттэрэ. Oҕo сада, больница, музыкальнай оскуола аһыллыбыттара. 50 точкалаах телефоннай станция туруоруллан, ыаллар дьиэлэригэр телефон киирбитэ. 1977 сылга телевизор күөх экрана умайбыта. Олорор дьиэлэргэ мебель, таҥас сууйар массыына, электро-, радиоприбордар, холодильниктар баар буолбуттара. Сайыннары, кыһыннары почта рейстэрэ самолетунан уонна вертолетунан нэдиэлэҕэ 2-3 төгүл оҥоһуллаллара. Бөһүөлэк олохтоохторун уонна ыстаадаларга үлэлиир табаһыттары аһынан, таҥаһынан хааччыйыы сылтан-сыл тупсан испитэ.
Киин сиртэн кэлбит дьон тиис суунар пааста, таҥас сууйар бopoһуок «биһиэхэ дефицит», — диэн атыылаһан бараллара. Мотуордаах лодкалар, «Бураннар» нэһилиэнньэҕэ атыыга тахсар буолбуттара.
Оленегорскай бөһүөлэгин тутуутугар ыарахаттар, көтүтүүлэр, кыайан быһаарыллыбакка хаалар боппуруостар элбэх этилэр. Боротокуоллар, докладной суруктар элбэхтик суруллубуттара. Аҕыйаҕа суох үлэһиттэр сэмэлэммит, «выговор» да ылбыт буолуохтаахтар.
70-с сылларга ыытыллыбыт ити дьаһаллар уһук хотугу дойду дьоно олохторо тупсарыгар, сайдарыгар улахан суолталаахтара. Урукку өттүгэр кыһыннары, сайыннары көһө сылдьан тордоххо олорбут табаһыттар бары өттүнэн хааччыллыылаах дьиэҕэ киириилэрэ, оҕолоро оскуолаҕа, интернакка олорон үөрэнэллэрэ, оҕо садыгар киирэн босхо туһаналлара — бу барыта дьон туһугар улахан кыһамньы буолбута саарбаҕа суох.
Оленегорскай бөһүөлэгэр олохсуйуу оройуоҥҥа таба иитиитин сайыннарыыга үчүгэй түмүктэри көрдөрбүтэ. Специалистар уонна табаһыттар этэллэринэн, кыһыҥҥы өттүгэр Индигир илин өттүгэр тэнийэ сытар, хойуу аһылыктаах Иэрчэ үрэх таастарын уонна намтал да сирдэри туһанар кыах үөскээбитэ. Бу отделениеҕа совхоз табатын үс гыммыт иккитэ баара. 6 ыстаадаҕа 50 тахса табаһыт үлэлиирэ. Табаны звенонан солбуйса сылдьан манааһын олохтоммута. Улахан Иэрчэҕэ, Кэрэмэһик, Шандрино үрэхтэр эргиннэригэр табаһыттар базаларын тутуулара саҕаламмыта. Табаны уотар ыстаадалар тэриллибиттэрэ. 1974 сыллааҕы таба өлүүтүн кэнниттэн таба ахсаанын оннугар түһэрэргэ дьаһал ылыллыбытын түмүгэр 1979 сылга таба ахсаана 12 тыһынчаттан тахсыбыта (1975 с. — 6267 этэ), тыһы таба 5800 тиийбитэ. 1980 сыллаахха отделение оннугар таба иитиитигэр идэтийбит «Оленегорскай» совхоз тэриллибитэ. Совхоз директорынан Шахов С.В. анаммыта.
Оленегорскай бөһүөлэгин тутуута бэйэтэ туһунан остуоруйалаах.
Аллайыаха оройуонугар Советскай былаас олохтонуон быдан инниттэн Индигир өрүс илин эҥэрэ көһө сылдьар эбээннэр, юкагирдар тоҕуоруһан, таба иитиитинэн дьарыктанан олорбут сирдэрэ. Кинилэр отутус сыллартан, Илин Юкагир нэһилиэгэ тэриллиэҕиттэн, маҥнайгы табаарыстыбаларга холбоһон Иэрчэ таастарынан, туундара, мас саҕатын мэччирэҥнээх сирдэринэн, Халыма оройуоннарын кыраныыссаларыгар тиийэ көһө сылдьыбыттара. 1930 сыллаахха көс омуктар холбоһон «Иэрчэ» диэн табаарыстыба тэриммиттэр. Баһылыгынан — старшинанан Никулин Н.И. диэн юкагир киһитэ быыбардаммыт. Оччолорго 3000 табалаахтар эбит. Сэрии иннинээҕи сылларга «Дальстрой» хаайыылаахтары тутан үлэлэтэр лааҕырдара Индигир өрүскэ эмиэ баара. Бу оччолорго улахан кыамталаах тэрилтэ Оһоогун күөлүн хотугу өттүгэр таба совхоһун тэриммитэ. Бу кинилэр аһыыр-сиир «кухнялара» буолара.
Кэнники совхоз тэриллибитин кэнниттэн табаһыттарынан олохтоох дьонтон ураты Усуйаана, Абый оройуонуттан тиийэ дьону аҕалан үлэлэтэр этилэр. Ол курдук Усуйаанаттан Болтунов А.Д., Горохов И.Ф., Барабанскайдар, Слепцовтар кэлэн олохсуйбуттара. Олохтоох эбээннэр Трофимовтар, Дуткиннар, Лебедевтэр кэргэттэрэ табаһытынан үлэлээбиттэрэ.
«Оһоогун» совхоһа илин сытар таба мэччийэр сирдэриттэн олохтоох колхоз табаһыттарын улам үтүрүйэн испитэ биллэр.
Ол сылларга Иэрчэ табаһыттара уонна Индигир үөһээ өттүгэр баар балыксыттар колхозтара Хайаҕастаах хайатын анныгар (билигин Оленегорскай тутуллубут сиригэр) бөһүөлэк тутарга быһаарыммыттара. Аҕыйах олорор балаҕан дьиэ, хонтуора, баанньык туттан олоро сылдьыбыттара. Онтон кэнники Шамановка, Оленегорскайтан чугас өрүс аллараа өттүгэр сыыр быарыгар, тутууну ыыппыттара. Ол бөһүөлэк балайда элбэх дьиэлээх-уоттаах этэ. Хойукка диэри экспедициялар сайын кэлэн базаланар буолаллара.
«Оһоогун» совхоһа эстибитин кэнниттэн табаһыттар уонна балыксыттар «Аллайыаха» совхозка киллэриллибиттэрэ. Онон манна саҥа бөһүөлэги тутарга кыһыҥҥы мэччирэҥи кэҥэтэр наадата сүрүн болҕомтоҕо ылыллыбыта. Ону тэҥэ табаһыттар үгүс өттүлэрэ уруккуттан таба ыстаадаларын мэччитэр маршруттарын, сирдэрин-уоттарын ордороллоро эмиэ оруоллаах буолбута.
Тыа хаһаайыстыбатын институтун специалистара элбэх үөрэтэр уонна чинчийэр үлэни ыытан бу сир таба иитиитигэр табыгастааҕын туһунан түмүк оҥорбуттара.
Таба иитиитинэн дьарыктанар кадрдар Щербачков Василий Егорович, Козин Иван Александрович, Ефимов Николай Дмитриевич, Голиков Николай Конович Оленегорскай бөһүөлэгин тутуутун ыытарга этии киллэрбит, биһирээбит уонна күүстэрин-уохтарын ууран үлэлээбит дьоннор. Ол да иһин В.Е. Щербачков партия райкомун иккис секретарынан үлэлии сылдьан бэйэтин баҕатынан ити сылларга совхоз директорынан үлэлии барбыта. Кини саҥа бөһүөлэккэ күүһүнэн сибээстээн таба интиитигэр хамсааһыны таһаарар баҕалааҕа. Ол туһунан Дьокуускайга эмкэ сытан миэхэ сурук суруйара. Биллэрин курдук, Оленегорскайга көһүү күннэригэр кини тиийбэтэҕэ биһиэхэ барыбытыгар улахан хомолтолоох этэ. Ити сылларга райисполком председателинэн тутуу саҕаланарыгар Аммосов А В., кини кэнниттэн Чикачев А.Г. үлэлээбиттэрэ. Алексей Гаврильевич саҥа бөһүөлэк аатын Оленегорск диэн ааттыырга (конкурска кыайан) этиитэ ылыллыбыта.
Саҥа бөһүөлэк сайдарыгар «кылаабынай идеологынан» Голиков Н.К. этэ диэхпин наада. Кини тутуунан быһаччы дьарыктамматаҕын да иһин саҥа сиргэ көһүүнү киэҥник көҕүлээбитэ. Таба иитиитигэр элбэх саҥаны, кэскиллээҕи саҕалаабыта, таба иитиитигэр саҥа ситиһиилэри, бастыҥ опыты киллэрэргэ элбэхтик үлэлээбитэ. Хомойуох иһин, кинини өйдөөбөт, элбэх «идеяларынан» үлүһүйэр диэччилэр бааллара. Таба ыстаадаларыгар сылдьарын ордорор, партия райкомун бюротун мунньаҕын көтүтэр, «райкому билиммэт» диэн буруйдаан, мин Дьокуускайга үлэлии барбытым кэнниттэн, совхоз директорыттан ууратан тураллар. Бу улахан сыыһыы этэ.
Мин бэйэм өттүбүттэн Оленегорскай тутуутун хара маҥнайгыттан өйөөн туох баар кыахпын, кыһамньыбын ууран үлэлээбитим. Манна үлэлиир дьоннору өйөөн, көҕүлээн, көмөлөһөн элбэх боппуруостар быһаарыллалларыгар кыттыбытым. Бөһүөлэк тутуутунан сибээстээн элбэхтик сылдьар этибит, үгүс боппуруостары миэстэтигэр быһаарарбыт.
Тутуу саҕаланар сылыгар күһүн моторнай лодканан маҥнайгы сырыыбын өйдүүбүн. Щербачков В.Е., Козин И.А., Стрюков А.М., тутуу үлэһиттэрэ бааллара. Тутуу маһа саҥа сүөкэммит, тутуу саҕаланаары турар этэ. Хайаҕастаах таастаах биэрэгэр ahaҕac халлаан анныгар 2-3 хонон «маҥнайгы тоһоҕону» анньыһан кэлбиппит. Онно Александр Михайлович Стрюков (совхоз директорын солбуйааччы) тутуу үлэһиттэригэр 30-с сыллардаахха бу биэрэккэ Антоновтар, Стрюковтар туттубут дьиэбит баҕаналара бу тураллар диэн бэрт итэҕэтиилээхтик кэпсээн дьону сөхтөрөн турар. Хорсун нуучча дьонноро «Даем Оленегорск!» диэн хардара хаалбыттара. Биллэрин курдук, тутааччылар тылларын толорбуттара. Оленегорскай бөһүөлэк үлэлии, сайда, үүнэ турар.
Салҕыы аах:
Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 6 чаас
Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 8 чаас