Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 6 чаас

Быйыл 2024 сылга Саха сирин биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятелэ Евдокия Николаевна Горохова төрөөбүтүттэн 100 сылын бэлиэтиибит.

Өрөспүүбүлүкэбит осторуйатыгар ЫБСЛКС уобаластааҕы комитетын секретаринэн, ССКП Аллайыахатааҕы райкомун бастакы секретаринэн, Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бэрэссэдээтилинэн киирбитэ. Союзнай суолталаах персональнай пенсионер этэ.

Евдокия Николаевна төрөөбүт сиригэр — Аллайыаха улууһун сайдыытыгар бастыҥ оруолу оонньообута. «Мин Аллайыахам» кинигэни 40-ча саастааҕар, олоҕун-үлэтин үгэнигэр сылдьан суруйбут. Аллайыаха нэһилиэгин, улууһун остуоруйатын, улуус үөскээһинин, дьон-сэргэ олохсуйуутун, бастакы колхозтары, бөһүөлэктээһин кэмнэрин олус сиһилии суруйбут.

«Сайдыы суола» эрэдээксийэ өрөбүллэргэ ааҕааччыларыгар кыра-кыралаан бу кинигэни кытары билсиһиннэрин салҕыыр.

Бүгүн төрдүс «1960-1979» диэн улахан баһы кытары билсэрбитин салҕыыбыт. Манна Евдокия Николаевна 1965-1969 сылларга Аллайыахаҕа үлэлээбитин ахтан кэпсиир: оройуон экономикатын уонна тутуу сүрүн боппуруостарын көтөҕүллэр кэмнэрэ.

 

1960-1979 СЫЛЛАРГА. 2 ЧААС

Бу Хрущев саҕанааҕы дьаһаллар уһуннук барбатахтара. 1965 сыл бүтүүтүгэр партия КК секретарынан Брежнев Л.И. буолбута. Эмиэ саҥа уларыта тутуулар саҕаламмытгара. Партия райкомнара оннуларыгар төннүбүттэрэ. Оройуоннар урукку сирдэринэн-уоттарынан чөллөрүгэр түспүттэрэ.

Оччолорго партия Саха сиринээҕи обкомун пленума ити дьаһаллары олоххо киллэрэр туһунан дьүүллэспитэ. Мин обком чилиэнэ буоларым быһыытынан кыттыыны ылбытым.

Партия обкомун маҥнайгы секретарынан Чиряев Гаврил Иосифович үлэлээн эрэр бириэмэтэ этэ. Партия КК инструктора Гайчман М.Ф. баара. Кинилэр миигин ыҥыран дойдугар үлэлии бар диэн кэпсэппиттэрэ. Коммунистар туруорсаллар диэбиттэрэ. Ити бириэмэҕэ мин кэргэним ыалдьан өлбүт кэмэ этэ. Мин 5 оҕобун, икки кырдьаҕастары соһон дойдубар төннөн кэлбитим.

Дьонум-сэргэм миигин үөрүүнэн көрсүбүтэ. Миэхэ да үлэлииргэ дьулуур баара. Үлэлииргэ-хамсыырга саҥа кыахтар үөскээтилэр диэн өйдөбүл нэһилиэнньэ ортотугар баара эмиэ биллэрэ.

1966 с. тохсунньу ыйга миигин оройуоннааҕы партийнай конференцияҕа партия райкомун бастакы секретарынан биир санаанан быыбардаабыттара. Онон мин дойдубар иккистээн эргиллэн кэлэн үлэлиир бириэмэм саҕаламмыта. Иккис секретарынан Щербачков Василий Егорович талыллыбыта. Кини ити иннигэр Ойоотуҥҥа отделение управляющайынан үлэлээбитэ. Якутскайга советскай-партийнай оскуоланы бүтэрбитэ. Омугунан юкагир. Бэрт чиэһинэй, сэмэй, дьулуурдаах үлэһит этэ. Райисполком председателинэн Аммосов Абрам Васильевич Зырянкаттан кэлэр буолбута. Кини 1954-1960 сс. партия райкомун бастакы секретарынан үлэлии сылдьыбыт опыттаах салайааччы этэ.

Народнай контроль комитетыгар Чикачев Алексей Гаврилович үлэлиир буолбута. Кини Русскай Устьеттан төрүттээх, учуутал үөрэхтээх, сайаҕас, олохтоох усулуобуйаны бэркэ билэр этэ. Районо сэбиэдиссэйинэн, райком иккис секретарынан үлэлии сылдьыбыта. Совхоз директорынан Аммосов Афанасий Иннокентьевич үлэлиирэ.

Бу дьон бары партия райкомун бюротун чилиэннэрэ этилэр.

Конференция кэнниттэн актыыбы мунньан элбэҕи кэпсэппиппит, сүбэлэспиппит. Дьон туһата суох сүпсүгүрүүттэн, кураанах тыллаах элбэх мунньахтартан, үлэҕэ-дьыалаҕа эрэллэрэ сүтэн, салалта сатарыйан, ким хантан салалларын билбэт, биир тылынан эттэххэ, үлтү булкуллан олоробут дииллэрэ. Тэрилтэ салайааччылара партконференцияҕа эппиттэрин таһынан манна тугу саныылларын аһаҕастык үллэстибиттэрэ. Ол оройуон кэскиллээх былаанын, мероприятиелары оҥорорбутугар туһалаах буолбута. Обком инструктора Енжов И.Ф. сылдьан бэркэ биһирээн, астынан, тиийэн партия обкомун секретарыгар Г.И. Чиряевка сиһилии информация оҥорбут этэ.

Мин оройуон конференциятын кэнниттэн тута Г.И. Чиряевка приемҥа киирэн маннык боппуруостары туруорсубутум: оттук проблематын быһаарар туһугар специалистарынан расчет оҥорторон Чокурдаахха убаҕас оттугунан үлэлиир дизельнэй котельнайы тутарга; үрүҥ кырса сыанатын үрдэтэри (1 кырса туттарыллар сыаната 31 солк. 62 харчы эрэ этэ. 1 солкуобайдаах түүлээҕи туттардаҕына 38 эрэ харчыны булчут аахсан ылара). Эбээннэр, уо. д. а. олохтоох омуктар кыһалҕаларын, олорор дьиэни тутууну «туһунан графанан» көрөргө. Бу боппуруостары быһаарарга Г.И. Чиряев обком тутууга отделыгар сорудах биэрбит. Мантан саҕаланан 1967 сылтан бэттэх биһиги оройуоммутугар капитальнай тутуу былааннаахтык ыытыллыбыта. Бу боппуруоһунан Саха АССР Министрдэрин Совета, Госплан быһаччы дьарыктаммыттара, элбэх көмө оҥоһуллубута. Манна Совмин эппиэттээх үлэһиттэрэ Охлопков Н.Е., Сивцев Т.Д., Миклаюнас B.C. улахан өҥөлөөхтөр. Тыа хаһаайыстыбатын мннистерствота, министрдэр Семенов Я.А., Шадринов Н.В., Николаев М.Е. күүстээхтик дьарыктаммыттара.

Партия райкома, бюрота кадрдары аттаран туруорууну болҕомто киинигэр ылбыта. Олохтоох да, кэлии да кадрдар тиийбэттэрэ. Сорох салайар үлэһиттэр тустаах дьиссипилиинэ, эппиэтинэс өттүнэн сөбө суохтара дьыалаҕа охсуулааҕа көстөрө. Урукку өттүгэр үлэлээбит опыттаах үлэһиттэр сааһырбыттара, бытаарбыттара, олох хаамыытыгар сөп түбэспэттэрэ.

Совхоз отделениеларыгар тыа хаһаайыстыбатын специалистара аҕыйах этилэр. Онон кадры кытта үлэҕэ сөптөөх хайысха ыытыллара наадалааҕа. Ыччаты үөрэттэрэр кэскиллээх былаан оҥоһуллубута. Комсомол РК секретардарынан Сидоров И.К., Иванов Н.С., Протопопов Е.Е., Попов Н.И., Загорулько Е.П., Ефимов В.И., Чемерзанская М.М., Ефимова А.Н., уо. д. а. ити сылларга үлэлээбиттэрэ. Районо сэбиэдиссэйдэрэ Эверстов А.И., Жиркова С.Ф., Федоров Ф.М. ыччаты үөрэхтээһиҥҥэ элбэх өрүттээх үлэни ыыппыттара.

Оччолорго үөрэххэ барбыт элбэх ыччаттар билигин төрөөбүт дойдуларыгар араас үлэ салааларыгар үлэлии сылдьаллар.

Оройуон экономикатын өрө тардарга биэс сыллаах былааннары ырытан оҥорон үлэ коллективтара социалистическай эбэһээтэлистибэ ылынан үлэлииллэрэ улахан хамсааһыны таһаарара. Октябрьскай революция 50 сылын чиэһигэр 1966 с. маннык үлэлэр бэлиэтэммиттэрэ: 1966-1967 сылларга таба ахсаанын 5000 табанан эбэн туран 11600 центнер эти ыларга, 248 тыһ. солкуобайдаах түүлээҕи, 8800 ц балыгы туттарарга; олорор дьиэлэри тутуу былаанын сыл ахсын алтынньы 20 күнүгэр толорон иһэргэ; 1967 с. Чкалов, Нычалаах бөһүөлэктэригэр бэкээринэни тутан үлэҕэ киллэрэргэ; Чкаловка маҕаһыыны, Чокурдаахха 300 тонналаах итии ыскылааты тутарга; оройуоннааҕы Культура дьиэтин, больницаны тутан үлэҕэ киллэрэргэ.

Бу эбэһээтэлистибэлэри толорорго күргүөмнээх үлэ ыытыллыбыта уонна үгүс өттө туолбута.

1967 сыл түмүгунэн «Аллайыаха» совхоз булчуттара Саха АССР-га маҥнайгы миэстэҕэ тахсан Кыһыл Знамяны ылбыттара. Бөрөлөөх, Русскай Устье булчуттара бастыҥ көрдөрүүнү ситиспиттэрэ. Киселев К.А., Слепцов И.П. биир кварталга 7 сыллаах былааннарын толорбуттара. Потапов Д.А., Горохов М.К., Слепцов Н.Н.-I, Лебедев Н.Д., уо. д. а. 3-4 сыллаах сорудахтарын куоһарбыттара.

Совхоз табаһыттара таба күһүҥҥү ахсаанын 29 тыһ. тиэрпиттэрэ. Бөрөлөөх отделениетын табаһыттара улахан табаны 97 бырыһыан тыыннаах ииппиттэрэ, 100 ийэ табаттан 70 тугуту ылбыттара, оройуоҥҥа бастаабыттара. Управляющайынан эдэр специалист Голиков Н.К., зоотехнигынан Рожин С.Н. үлэлиир этилэр. Ойоотуҥ отделениета иккис миэстэлээҕэ. 1967 с. 9 ыйыгар совхоз балыксыттара 500 тахса тонна балыгы бултаабыттара. Бу саамай үрдүк көрдөрүү этэ. Бөрөлөөхтөр балык сыллааҕы былаанын ырааҕынан аһаран эмиэ бастаабыттара. Элбэх производство бастыҥнарын кыайыылаах үлэлэрэ бэлиэтэммитэ. Бастыҥ балыксыт Антонов М.Н. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Грамотатынан наҕараадаламмыта. 1967 с. алтынньы ыйга тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүгэр «Сайдыы суола» хаһыат совхоз, оройуон экономикатын сайыннарыыга үлэ маяктарын булчуттар Киселев К.А., Слепцов И.П., Горохов М.К., табаһыттар Лебедев Х.И., Едукин Г.В., Болтунов А.Д., балыксыттар Костромина И.А., Антонов М.Н., кыыл иитээччи Лебедева А.Н., үүнэн иһэр эдэр специалистар Голиков Н.К., Рожин С.Н. ситиһиилээхтик үлэлииллэр диэн суруйбута.

Партия райкома, райсовет исполкома, партийнай тэрилтэлэр, отделениеларын салайааччылара тэрийэр, иитэр үлэни күүһүрдэр дьаһаллары ыыталлара.

Табаһыттарга үлэ дьиссипилиинэтин тупсарыы, совхоз кэскиллээх былаанын толоруу боппуруостарыгар табаһыт биригэдьиирдэр, специалистар семинардара ыытыллыбыта. Райком бюрота Бөрөлөөххө, Ойоотуҥҥа тахсан мунньахтаабыта, табаһыттарга политтэрийээччилэр бөлөхтөрө үлэлээбиттэрэ. Таба төрөөһүн бириэмэтигэр оройуон тэрилтэлэрин салайааччылара, партия райкомун чилиэннэрэ, аппарат үлэһиттэрэ, эргиэн, культурнай-сырдатар тэрилтэлэр үлэһиттэрэ ыстаадаларга тахсан быһаччы көмөнү оҥороллоро. Маннык үлэни ыытыы араас үтүө өйдөбүллэри хаалларбыттара. Райком бюротун, исполком чилиэннэрэ Устиненко В.Г. (СМУ), Баранов Ю.И. (авиапорт), Кузнецов Р.Г. (балык завода), Федченко Н.Д. (райвоенком) курдук хаһан да табаһыттар олохторун көрбөтөх салайааччылар бэйэлэринэн сылльаллара. Тордоххо батан киирбэккэ сыыллан киирэн мунньахха кытталлара, ыйытыыларга эппиэттииллэрэ. Ол кэнниттэн табаһыттар кыһалҕалара хайаан да өйөнөрө, кыах баарынан көмөлөһөллөрө.

Ити сыл бүтүүтүгэр Бөрөлөөх отделениетын коммунистарын мунньаҕар партийнай тэрилтэ секретара Рожин С.Н. (зоотехник) ааспыт сылларга таба иитиитигэр баар итэҕэстэри туоратыыга партия райкомун бюрота нэһилиэккэ тахсан бэлиэтээбит дьаһаллара көмө буоллулар диэн бэлиэтээбитин оройуон хаһыата суруйбута баар.

1967 с. от ыйын 1 күнүгэр партия райкомун пленумугар «Үлэ дьиссипилиинэтин бөҕөргөтүү туһунан» боппуруос дьүүллэммитэ. Бэрт киэҥ ырытыһыы, сытыы кэпсэтии буолбута. Ким кими да харыстаабакка киирсии, инники соруктары ситиһэр суолу ыйан туран астык кэпсэтии буолбута. Пленум кыттыылаахтара киэһэтигэр бары тахсан сүгэни, эрбиини, өтүйэни ыланнар Чокурдаах спортивнай площадкатын субботниктаан ситэрэн тутан кэбиспиттэрэ. Райкомол секретардара ыччаттары түмэ тардан күргүөмнээх үлэ барбыта. Сүүстэн тахса киһи үлэлээн сарсыныгар спортплощадка бөһүөлэги киэргэппитэ.

Оройуоҥҥа Октябрь 50 сылыгар аналлаах норуот сайыҥҥы бырааһынньыга тэрээһиннээхтик ыытыллыбыта. Элбэх ыалдьыт кэлбитэ. Москваттан Котенко Лия Давыдовна (В.Д. Котенко кэргэнэ), Октябрьскай революция кыттыылааҕа Паулин Арвед Вольдемарович, Гуляева (Горохова) Елена Прокопьевна — оройуон комсомолун тэрийээччитэ, маҥнайгы учууталбыт, уо. д. а. кэлэн ыалдьыттаабыттара. Нэһилиэнньэ үөрэ-көтө көрсүбүтэ.

Бочуоттаах ыалдьыттар, оройуоҥҥа Советскай былаһы олохтоспут, колхозтары тэрийсибит сэрии, үлэ ветераннара, стахановецтар, бастыҥ булчуттар, табаһыттар, балыксыттар орден, медаль анньынан көхтөөхтүк кыттыбыттара. Сахалыы оһуокай, эбээннии сээдьэ, нууччалыы норуот үккүүлэрэ быстыбакка барбыта.

Көрү-нары, мустубут сүүһүнэн дьон сынньаланын культурнай-сырдатар, комсомольскай тэрилтэлэр быһаччы баһылаан-көһүлээн ыыппыттара.

Бырааһынньык күннэригэр атыы-эргиэн киэҥник тэриллибитэ. Сонун араас ас-үөл, промтабаардар ким барыта тииһинэр гына атыыламмыта. Оҕуруот aha, фрукта, араас кэнсиэрбэ көрүҥэ дэлэччи этэ. Бу киэҥ бырааһыннык күннэригэр итирик-кутурук биллибэт этэ. Дьон бары үөрэ-көтө өрө көтөҕүллүүлээхтик бырааһынньыгы үөрүүлээхтик атаарбыта.

Ити күннэргэ оройуон хаһыатыгар олохтоох автордар А. Логинов «Якутск», Н. Слепцов «Уйгуруоҥ, чэчириэҥ, мин дойдум», С. Климовскай «Булчут Иван Слепцовка», И. Лебедев «Бөрөлөөх», В. Лебедев «Таптыыбын», уо. д. а. төрөөбүт хотугу дойдуларын, бастыҥ дьоннор тустарынан хоһоонноро тахсыбыта.

Октябрь 50 сыла норуот улахан үөрүүлээх бырааһынньыгын быһыытынан бэлиэтэммитэ. Бары тэрилтэлэр бу датаны былааны ahapa толорон көрсүбүттэрэ. Рыбзавод директора Новгородов А.П., СМУ начальнига Устиненко В.Г., «Колымторг» директора Ноговицын Н.М., сибээс хонтуоратын начальнига Слепцов М.П., главврач Мареннай В.М., совхоз директора Козин И.А. арааппардара оройуон хаһыатыгар киэҥник сырдатыллыбыта.

1966-67 сылларга оройуоннааҕы балыыһа дьиэтэ, 113 миэстэлээх остолобуой, 50 миэстэлээх уопсай дьиэ, биэс 8-12 квартиралаах олорор дьиэлэр тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ. Дьон үчүгэй хааччыллыылаах, ванналаах, туалеттаах дьиэлэргэ көспүттэрэ. Ити сылга СМУ (начальник Устиненко В.Г.) трест Кыһыл знамятын ылбыта. Эргиэн хонтуората (директор Ноговицын Н.М.) үс нэһилиэккэ бэкээринэни, биир типовой маҕаһыыны, 600 тонналаах икки итии ыскылааты, овощехранилищены тутан үлэҕэ киллэрбитэ. Ол эрээри нэһилиэктэргэ биир да типовой тутуулаах олорор дьиэ саҕалана илигэ.

1967 с. олунньу ыйга «Кыым» хаһыакка «Хоту дойду баайын хоромньута суох туһаныахха» диэн мин ыстатыйам тахсыбыта. Манна оройуон иннигэр турар проблемалары ыйан туран үлэбит инники сүрүннэрин көтөхпүтүм. Бастатан туран, таба иитиититтэн ылар бородууксуйаны элбэтии, таба этэ, тириитэ, тыһа, муоһа, тииһэ барыта сүтүгэ суох, сырье быһыытынан тyһaҕa туруутун ситиһии, ол инниттэн зоотехническай, ветеринарнай үлэни хааччыйыы наадатын, тыа хаһаайыстыбатын Саха сиринээҕи научнай-чинчийэр института «Аллайыаха» совхоз ыстаадаларыгар чинчийэр үлэни ыытан сөптөөх рекомендацияны оҥороро наадатын тустарынан.

Кырдьаҕастар үлэттэн туораан истэхтэрин аайы табаҕа үөрүйэхтээх дьон ахсааннара аҕыйыы турар. Олох сайдыытын көрдөбүлүнэн орто үөрэхтээһин олохтонон турдаҕына ыччаты үөрэхтэн матаран табаҕа үлэлэтэ хаалларар табыллыбат этэ. Итинэн сибээстээн хотугу оройуоннарга таба иитиитигэр уонна атын да идэлэргэ үлэлээччилэри бэлэмнээн таһаарар орто үөрэҕи биэрэр техникумнары (СПТУ) ahap наадалааҕын ыйбытым. Биллэрин курдук, бу көтөҕүллүбүт этиилэри наадалааҕынан ааҕан Черскэйгэ, Орто Халымаҕа, Эдьигээҥҥэ итинник үөрэх заведениелара кэлэр сылларга аһыллан, элбэх хотугу ыччат табаһыт, булчут, иистэнньэҥ, идэтин баһылаабыттара.

Балык булдугар уу транспора аҕыйаҕын, самолетунан таһыы тарыыба ыараханын ыйан туран, хотугу совхозтар балыксыттарын самоходнай баржаларынан, рефрижератор судноларынан хааччыйыыны сотору кэминэн быһаарар наадалааҕын ыйбытым.

Ыстатыйабар хотугу оройуон усулуобуйатыгар капитальнай тутууну ыытapга тахсыбыт мэһэйдэри ыйан туран, тутуу матырыйаалын фондатын элбэтии уонна тиэйэн аҕалыыны хааччыйар дьаһаллары көтөхпүтүм. Бу туруорсубуг боппуруостарбыт правительство болҕомтотун тарпыта. Ол сылларга элбэх дьаһал ылыллыбытын оройуон олохтоохторо өйдүүр буолуохтаахтар.

1966-1980 сс. хотугу оройуоннарга капитальнай тутууну ыытарга Саха АССР правительствота киэҥ далааһыннаах программаны ылыммыта. Ити сылларга партия обкомун, Министрдэр Советтарын улахан суолталаах уураахтара тахсыбыттара. Миэстэтигэр партия райкомнара, олохтоох Советтар бу дьаһаллары олоххо киллэрэргэ элбэх үлэни ыыппыттара. Тутуу базаларын тэрийии, тутуу матырыйаалын уунан аҕалыы схематын быһаарыы, тутуу тэрилтэлэрин кыахтарын (объемнарын) сылтан сыл кэҥэтии, идэлээх үлэһиттэринэн хааччыйыы курдук тутаах боппуруостар быһаарыллыбыттара. Маны барытын туһанан биһиги оройуоммутугар былааннаах үлэ тэрээһиннээхтик ыытыллыбыта.

1967 сылтан саҕалаан оройуоҥҥа бөһүөлэктэри тутууга генеральнай былааннар оҥоһуллубуттара. Бырайыактыыр институттар, Тыа хаһаайыстыбатын министерствота, Госплан быһаччы ылсан бу генпланнар оҥоһуулара, бэрт элбэх бириэмэни да ыллар, син кыаллыбыта. Онон капитальнай тутууну научнай-техническэй төрүккэ олоҕуран ыытарга кыахтар үөскээбиттэрэ.

1968 с. ыам ыйын 22 күнүгэр партия обкомун, Министрдэр Советтарын уураахтара тахсыбыта. Бу уураах быһыытынан биһиги оройуоммутугар оройуон киинэ уонна Полярнай, Чкалов, Оленегорскай бөһүөлэктэрин тутуулара норуот хаһаайыстыбатын былааныгар киирбитэ. Оччолорго капитальнай тутууга бөһүөлэктэри бөдөҥсүтүү, үбү-харчыны бытарыппакка кииннээн туһаныы принцибин тутуһарга партия, правительство үөһэттэн кэлэр политиката ыытыллар кэмэ этэ. Оччоҕо эрэ харчы, тутуу матырыйаала бэриллэрэ. Араас хонтуруоллуур, бобор-хаайар механизм күүстээх буолара. Өскөтө көрүллүбүт бырайыактары кыратык даҕаны уларытар буоллахха Москва көҥүпэ наада буолара. Ону кэстэххинэ выговор, үлэттэн уһуллуу, суут-сокуон иннигэр эппиэт… Онон биир халыыбынаи, биир уураах ыйыытынан үлэлиир практика баара куһаҕан да, баҕар үчүгэй да өрүттээх буолбутун олох көрдөрбүтэ.

Капитальнай тутууну түргэн тэтиминэн ыытарга кыаллыбат боппуруостар куруутун үөскүү тураллара. Ордук нэһилиэктэргэ тутуу маһын тиэрдии транспорт суох буолан кыаллыбата. Онуоха эбии оройуоҥҥа кэлиэхтээх тутуу матырыйаала сайыҥҥы уу суолунан кыайан кэлбэккэ, аара депонацияҕа хаалара. Кыһыныгар ыраах хоту оройуоннарга тракторынан, автомашинанан аҕаларга зимниктэр аһылла иликтэрэ.

1967 с. тутууну ыытарга аналлаах Тутар-монтажтыыр управление Чокурдаахха тэриллэрин ситиспиппит. Олохсуйан үлэлиир тутуу биригээдэлэрэ кэлии уонна олохтоох дьонтон сүүмэрдэнэн, таһаарыылаахтык үлэлээн испиттэрэ.

Маҥнайгы сылларга тутуу оройуон киинигэр сүрүннээн ыытыллара. Ити сылларга 2769 кв. м олорор дьиэ туһаҕа киирбит буоллаҕына, көс нэһилиэнньэни олохсутар кииннэргэ баара эрэ 508 кв. м олорор дьиэ тутуллубут. ТМУ 1969 сылга нэһилиэктэргэ тутууну кыайан саҕалаабатаҕа. Онон оройуон салалтата тутууну совхоз бэйэтин күүһүнэн саҕалыырыгар быһаарыы ылыммыта.

Совхоз 1967 с. сайыҥҥы уу суолунан Хайаҕастаахха 10 хомуллар дьиэ матырыйаалын түһэрбитэ. Икки сылга 8 дьиэни хомуйан совхоз бэйэтин күүһүнэн туппуттара. Ол гынан баран дьиэ ис oҥoһуутугap матырыйаала суох буолан ити квартиралар тута туһаҕа киирбэккэ тураллара. Полярнайга ити сайын эмиэ биэс дьиэ мaһa совхоз автокыраанынан баржаттан сүөкэммитэ.

1968 сыл кыһыныгар Бөрөлөөххө Ли-2 самолетунан 6 дьиэ маһа тиэллибитэ. Авиапорт начальнига Рутман Г.Л. (Бөрөлөөхтөн райсовет депутата) бэйэтинэн сылдьан мууска авиаплощадка оҥорторон, кылгас бириэмэ иһинэн тутуу маһын самолетунан тастарбыта. Бy, биллэн турар, Ли-2 курдук самолету көҥүлэ суох площадкаҕa көтүтүү инструкцияны кэһии буоларын аахсыбатах түбэлтэ этэ. Kиһи төбөтө барар дьыалата буолуон сөбө.

Совхоз директора Козин И.А. Оленегорскайга тутуллар дьиэлэр матырыйаалларын таһыыга элбэхтик эрийсиилээх айаннарга сылдьыбыт өҥөлөөх. Кини бу улахан тутууга оройуон бастайааннай представителэ этэ. Биир да тэрилтэ салайааччыта мин дьыалам буолбатах диэн туора турбутун өйдөөбөппүн. Бу дьиҥинэн оройуон тэрилтэлэрин күүһүнэн оҥоһуллубут биир улахан суолталаах дьаһал этэ диэн этиэххэ наада.

Маны барытын, этэргэ дылы, Дьокуускай да, Москва да көмөтө суох, оройуон бэйэтин иһинээҕи кыахтарын түмэ тардан ыытыллыбыта. Райком чилиэнэ, райсовет депутата бу маннык үлэни толороҕун диэн көрдөбүл туруоруллара. Ол иһин оннун булан, оҥоһуллан иһэрэ.

Партия райкома тутууну ыытар сөптөөх кадрдары туруоран, ыарахаттары кыайар, дьону хамсатар үлэһит коллективы тэрийэргэ кыһаллара. Ити сылларга Силадий, Устиненко, Зубков, Асущенко, Рожин курдук анал үөрэхтээх, тутуу үлэтигэр элбэхтик эриллибит, хотугу дойду тыйыс айылҕатыгар үлэни тэрийэргэ дьоҕурдаах дьоннор сылтан сыл ахсын кыаҕыран үлэлээбиттэрэ биллэр-көстөр түмүктээх буолбута.

Кэлбэккэ-барбакка үлэлиир тутуу биригээдэлэрэ кэлии уонна олохтоох да дьонтон сүүмэрдэнэн таһаарыылаахтык үлэлээн олорор дьиэлэри, оскуола, сад, интернат корпустарын, клуб, эмп, эргиэн тэрилтэлэрин тутан испиттэрэ. Роганов, Воронов, Воротников, Туровскай, Торохов, Илюхов, Дорохов салалталаах тутуу биригээдэлэрэ Чокурдаахха, Оленегорскайга, Полярнайга, Быйаҥныырга, Бөрөлөөххө элбэх сыллар усталарыгар ыарахан усулуобуйаны аахсыбакка таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Тутуу хаачыстыбата ол сылларга кыаллыбат этэ гынан баран, манна тутуу үлэһиттэрэ эрэ буруйдаах буолбатахтар. Үксүгэр ититэр матырыйаал cyoҕa, миэстэтигэр кураанах буор, кумах, муох суоҕа туормас буолара. Кэнники сылларга бэлэм оҥоһуллубут ититэр матырыйааллары (пенопласт, щебень, минвата) аҕалыы балаһыанньаттан тахсарга көмөлөспүтэ.

Тутуллар объектары уунан ититиигэ киллэрии бэрт элбэх эрэйинэн быһаарыллара. Ити сылларга сантехника, турбалар, ититэр котеллар фондалара тыа сирин тутуутугap олох да бэриллибэт этэ. Бырайыагы уларытан эрэ баран фонданы ситиһэриҥ. Бу проблема xoтугу оройуоннарга барыларыгар да быһаарыллыбат буолан мунньахтарга элбэх туруорсуу буолара. Ол үөһэттэн кииннээн эрэ быһаарыллар кыахтааҕа. Ол туһуттан уоппускаҕа сылдьан Москва «сууттарын» ааннарынан киирэ-тахса сатыырбыт син түмүктээх буолара.

1969 с. кулун тутар ыйга Өлөөн уонна Аллайыаха райкомнарын отчуоттара партия Саха уобаластааҕы Комитетын бюротугар көрүллүбүтэ. Көһө сылдьар ыаллары олохсутар туһунан правительство уураахтара хайдах олоххо киирэллэрин туһунан. Биһиги бэрт кичэллээхтик бэлэмнэнэн, оройуон проблемаларын хабан, сүрүн боппуруостарбытын туруорсубуппут. Биллэн турар, итэҕэстэри, кыаллыбат өрүттэри ырытыы, ыйытыы буолбута. Биһиги партия райкомун секретардара кыайбатах, ситиспэтэх боппуруостарбыт ыйыллыбыттара. Бэйэбит өттүбүтүттэн элбэх кыаллыбатах, мэһэйдиир проблемалары көтөхпүппүт. Ол иһин бюро чилиэннэрин өттүттэн критика, суостаах тыл өс этиллибитэ. Ол барыта кэнники туһалаах буолбута. Тыа хаһаайыстыбатын министерствотын тутууга көрүллэр үбүн аҥарын хотугу оройуоннарга биэрэбит, оттон онно хардары биэрэргит бэрт кыра диэн түмүк оҥорбуттара.

Аллайыаха оройуонун туруорсар боппуруостарыгар ведомстволар салайааччылара элбэх көмөнү оҥорбуттара. Холобур, Лена өрүс пароходствота (Иванов П.Н. — Социалистическай Үлэ Геройа) хомуллар дьиэлэр Пеледуйтан сайыҥҥы навигацияны баттаһа Индигиргэ тиэрдиллэллэригэр дьаһал олохтообута. Тыа хаһаайыстыбатын министрэ Семенов Я.А. 15 хомуллар дьиэни эбии биэрэр тылын толорбута. Охлопков Н.С. сантехника, араас оборудование боппуруостарын тиэрдиигэ элбэхтик көмөлөспүтэ. Госплан (Сивцев Т.Д.) тутуу маһын, пиломатериал фондаларын сыл ахсын улаатыннарар дьаһалы ыларыгар сорудахтаммыта.

Обком секретара Матвеев И.А. бары ведомстволар этиллэр уураахтары толорууга кэлим дьаһаллары ылалларыгар, бэриллэр тутуу уонна үп ресурсаларын көс ыаллары олохсутар бөһүөлэктэргэ эрэ аныырга, кылгас кэм иһинэн табаһыттары, булчуттары, дьиэтэ суох көһө сылдьар дьону дьиэлиир программаны уһаппакка олоххо киллэрэргэ этии оҥорбута. Бюрону обком иккис секретара Власов А.В. салайан ыыппыта. Электроэнергиянан, убаҕас оттугунан хааччыллыы, котельнайдары бырайыактаан туттарыы курдук тыын боппуруостарга биһигини өйөөбүтэ.

Бюроҕа отчуоттуом иннинэ мин А.В. Власовка приемҥа сылдьан туруорсар проблемаларбын быһааран биэрбитим. Васенин Н.П. (Якутэнерго) кини ДЭС тутуутун ыытарга тута сорудах биэрбитэ. Кэтэх ыаллар дьиэ тутталларыгар тутуу маһын «Колымторг» атыылыырыгар фонда биэрэргэ этии киллэрбитим. Кэнники сылларга ити боппуруос быһаарыллыбыта.

Партия райкомугар таас административнай дьиэ уонна олорор дьиэ тутуутун көрдөөбүппүн Александр Владимирович өйөөбүтэ.

Партия обкомун бюротун уурааҕын олоххо киллэрэр сыалтан биһиги бу боппуруоһу партия райкомун пленумугар дьүүллээбиппит. Сүрүн болҕомтону капитальнай тутууга туһаайбыппыт. Бу дьаһалларга 1969 сылтан көс нэһилиэнньэни олохсутар кииннэргэ тутуу подряднай ньыманан ыытыллара быһаарыллыбыта.

1969 с. Тыа хаһаайыстыбатын министерствотын өттүттэн 630 тыһ. солк. суумалаах тутуу, ол иһигэр Оленегорскайга 330 тыһ. суумалаах үп бэриллибитэ. Министрдэр Советтарын үбүгэр Оленегорскайга 75 миэстэлээх интернат дьиэтин, Полярнайга 50 миэстэлээх оскуола дьиэтин тутууга көрүллүбүтэ. Олорор дьиэлэри тутуу тэтимин уонна бүтэриллэн тyhaҕa киирэн иһиитин ситиһэргэ сорук турбута.

Салҕыы аах:

Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 5 чаас

Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 7 чаас

Читайте дальше