Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 5 чаас

Быйыл 2024 сылга Саха сирин биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятелэ Евдокия Николаевна Горохова төрөөбүтүттэн 100 сылын бэлиэтиибит.

Өрөспүүбүлүкэбит осторуйатыгар ЫБСЛКС уобаластааҕы комитетын секретаринэн, ССКП Аллайыахатааҕы райкомун бастакы секретаринэн, Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бэрэссэдээтилинэн киирбитэ. Союзнай суолталаах персональнай пенсионер этэ.

Евдокия Николаевна төрөөбүт сиригэр — Аллайыаха улууһун сайдыытыгар бастыҥ оруолу оонньообута. «Мин Аллайыахам» кинигэни 40-ча саастааҕар, олоҕун-үлэтин үгэнигэр сылдьан суруйбут. Аллайыаха нэһилиэгин, улууһун остуоруйатын, улуус үөскээһинин, дьон-сэргэ олохсуйуутун, бастакы колхозтары, бөһүөлэктээһин кэмнэрин олус сиһилии суруйбут.

«Сайдыы суола» эрэдээксийэ өрөбүллэргэ ааҕааччыларыгар кыра-кыралаан бу кинигэни кытары билсиһиннэрин салҕыыр.

Бүгүн төрдүс «1960-1979» диэн улахан баһы кытары билсэрбитин саҕалыыбыт. Манна Евдокия Николаевна 1960-1964 сылларга Аллайыахаҕа үлэлээбитин ахтан кэпсиир: колхозтар биир улуустаҕы совхозка көһөллөрүн бириэмэлэрэ, тутуу уонна хааччыйыы улахан туруорсуу кэмэ.

 

1960-1979 СЫЛЛАРГА. 1 ЧААС

1960 сыллаахха күһүн Үрдүкү партийнай оскуоланы бүтэрэн кэлэн баран партия обкомун инструкторынан үлэлиир буолбутум. Ол сылга биһиги Красноярскайга ВПШ бүтэрбиттэр 25 этибит. Ол бириэмэҕэ ити Саха сирин норуотун хаһаайыстыбатыгар аҕыйаҕa суох бэрт наадалаах кадр резервэтэ этэ. Бу сылларга оройуоннарга партийнай конференциялар ыытылла тураллара. Онон биһигини партия oбкомa оройуоннарынан салайар үлэҕэ ыыталаабыта. Миигин партия обкомун бастакы секретара Борисов Семен Захарович Аллайыаха райкомугар бастакы секретарынан бараҕын диэн кэпсэппитэ. Ити бириэмэҕэ кэргэним Гаврильев Егор Иванович Амма оройуонугар райисполком председателинэн үлэлиирэ. Мин киниэхэ олохсуйа барыахтааҕым туһунан эппиппин: «Киниэхэ сөптөөх үлэни булан биэриэхпит. Онон эн дойдугар баран үлэлиирин наадалаах», — диэн быһаччы этэн кэбиспитэ.

Аллайыахаҕа оройуоннааҕы партийнай мунньах 1960 с. ахсынньыга ыҥырыллыбыта. Оройуон коммунистара бары кэлэн кыттыбыттара. Таба иитиитин, булт, үлэ-хамнас, олох-дьаһах боппуруостарыгар, баар ыарахан проблемаларга, ордук олорор дьиэлэри тутуу ыытыллыбатын туһунан, ыччаты иитэр-үөрэтэр үлэҕэ киэҥ кэпсэтии буолбута. Итириктээһин тэнийбитин, үлэ дьиссипилиинэтэ сатарыйбытын ыйбыттара.

Мин итини барытын улаханнык салла истибитим. Дойдубар 12 сыл буолан баран төннүбүтүм. Ити сылларга быһыы-майгы, олох-дьаһах улаханнык сатарыйбыт курдук көрбүтүм. Tөһө да олох тупсан иһэр диэн пропаганда баарын иһин, колхозтарга үп-харчы тиийбэтэ, иэстэн-иэскэ киирэн, экономика ыараан иһэрэ.

Табаһыттар, булчуттар тордоҕунан, балаакканан көһө сылдьан уруккулуу олорбуттарыттан уларыйыы cyoҕa. Оройуон киинигэр иккилии квартиралаах аҕыйах дьиэ саҥа тутулла тураллара. Дьон үксэ 40-50 сыллардаахха тутуллубут балаган дьиэлэргэ, бараактарга олороллоро. Арай аэропорка Полярнай авиация управлениетын дьаһалынан, үбүлээһининэн иккилии мэндиэмэннээх уунан ититиллэр дьиэлэр тутуулара саҕаламмыт этэ. Биир кыра дизельнэй электростанция, котельнай тутуллан үлэлээн эрэллэрэ.

Бy үчүгэй саҕалааһын инникитин ханнык эрэ эрэмньини үөскэтэрэ. Оройуон киинин аэропорт өттө тутулла сатыыра, оттон бөһүөлэк аҥаарыгар тимир ohoxтoox дьиэлэргэ оттор мас туһугар күүс-уох быстар кыһалҕата тириирэ. Чокурдаахха войнскай чаас аэродром тутуутун ыыппыта хас да сыл буолбута. Онон үп-харчы баар буоллаҕына биир эмэ тутуу объегын ылынан тутар этилэр. Ол курдук таас оскуола тутуута ыытыллыбыт этэ. Бу оскуола тутуутугар оччолорго райисполком председателинэн үлэлээбит Слепцов Василий Петрович баран-кэлэн, элбэхтик Москванан, Дьокуускайынан тутуу матырыйаалын, үбүн-харчытын боппуруостарын туруорсан туттарбыт улахан өҥөлөөх. Кини Москваҕа Оборона уонна Үп министерстволарын салалталарын көмөлөрүнэн ситиспитэ. Онон орто оскуола икки мэндиэмэннээх таас дьиэҕэ 1960-61 үөрэх сылыгар үлэтин саҕалаабыта.

1961 сылтан Саха сиригэр хотугу оройуоннарга колхозтар оннуларыгар совхозтары тэрийии туһунан Правительство yypaaҕa тахсыбыта. Совхозтары тэрийнинэн сибээстээн элбэх тэрээһин, экономика, үбүлээһин боппуруостара үөскээн тахсыбыттара. Биир улахан проблеманан кадрдары, специалистары аттаран туруоруу буолбута. Ити сылларга тыа хаһаайыстыбатыгар наадалаах үөрэхтээх үлэһиттэр бэрт аҕыйахтар этэ.

Биһиги оройуоммутугар биир совхоз тэриллибитэ. Урукку кыра колхозтар оннуларыгар, нэһилиэктэргэ совхоз отделениелара тэриллибиттэрэ: Русскай Устье, Ойоотун, Аллайыаха (Котенко), Быйаҥныыр, Бөрөлөөх уонна киин уһаайба (Чокурдаахха). Совхоз директорынан Слепцов Василий Петрович анаммыта. Дьыалабыай хаачыстыбатынан, үлэҕэ тэрийэр дьоҕурунан үлэлиир кыахтаах салайааччы этэ. Кини бу иннинэ партия райкомун иккис секретарынан, райсовет исполкомун председателинэн үлэлээбитэ. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутатынан быыбарданан оройуон олоҕор элбэҕи ситиспитэ. Оччолорго биирдэ таһыттан аймах киһитэ итирик киирэн, айдааны тарпытын таһырдьа анньан таһаарбытын охсуспуттар диэн буруйдаан партия райкомун бюрога (I секретарь Аммосов А.В.) Слепцову райисполком председателиттэн устан, быыгабардаан Быйаҥныырга колхоз председателинэн ыыппыт этилэр. Партия райкомун, райисполком аппаратыгар ол бириэмэҕэ иккис секретарынан Чикачев Алексей Гаврилович, райисполком председателинэн Кириллин Владимир Титович талыллан үлэлээбиттэрэ. Бары да эдэр буоламмыт үлэҕэ баҕабыт, оройуон сайдарын туһугар турунуубут улахан этэ. Мин 36 сааспар сылдьарым. Ити ааттыыр дьонум отуччалыы эрэ саастаахтара. Онон үлэҕэ опыт кыра, ордук хаһаайыстыба салааларын салайан, сүрүннээн үлэлииргэ ыарахан этэ. Ол иһин нэһилиэктэргэ баар үлэҕэ эриллибит дьону, салайааччылары оннуларынан хаалларар ордук буолсу диэн быһаарыммыппыт. Отделениеларга Аллайыахаҕа — Стручков Иван Иванович, Ойоотуҥҥа — Щербачков Василий Егорович, Бөрөлөөххө — Потапов Дмитрий Алексеевич, Быйаҥныырга — Садовников Спиридон Петрович, Русскай Устьеҕа — Сотников Иван Миронович управляющайдарынан ананан үлэлээбиттэрэ.

Зоотехниктарынан, ветеринардарынан олохтоох уонна кэлии специалистарынан тыа хаһаайыстыбатын министерствотын көмөтүнэн совхоз хааччылла сатаабыта. Совхоз систематыгар киирии элбэх уратылардааҕа, уустуктардааҕа. Нэһилиэктэринэн элбэхтик сылдьар, тэрийэр, иитэр-өйдөтөр үлэ ыытыллара наадалаах этэ. Оччолорго партия райкома, райисполком, совхоз салалтатын кытта бииргэ ыытыллар үлэ былаана оҥоһуллара. Туундараҕа олорор булчуттары, табаһыттары, балыксыттары кытта көрсөн кэпсэтиһэр, сүбэлэһэр наадатын өйдүүрбүт. Сотору-сотору нэһилиэктэринэн сылдьан мунньахтары ыытарбыт. Оччолорго суол-иис ыарахан этэ, полярнай авиация саҥа оннун булан нэһилиэк кииннэригэр АН-2 самолеттар көтөр буолбуттара. Вертолет суох этэ.

Кэлин 1961 с. тохсунньу ыйга Бөрөлөөххө командировкаҕа тахсыбытым. Сэттэ кылаастаах оскуолаҕа үөрэнэ киириэхпититтэн (1937 с.) төрөөбүт дойдубар сылдьа илик этим. Райкомҥа үлэлии сылдьан 1947 с. сайын эрэ катерынан Дьолоон урэҕинэн сылдьыбыттааҕым. Онон нэһилиэк олоҕун, дьонун-сэргэтин билиҥҥитин билбэт этим. Саҥа нэһилиэккэ сылдьар курдук буолбута. Нэһилиэк олоҕор хаста да уларыйыы, түҥ-таҥ дьаһайыы да содула биллэрэ. 1954 с. Күүрэ нэһилиэгин Чкалов аатынан колхоһа Бөрөлөөх «Сталинскай пятилетка» колхоһун кытта холбоһон биир хаһаайыстыба буолбуттара. Нэһилиэнньэ ахсаана элбээн Бөрөлөөх нэһилиэгэ оройуоҥҥа биир бөдөҥ нэһилиэк этэ. 70-ча ыаллаах, 5 тыһыынча табалаах, 100 сылгы, 100-тэн тахса ынах сүөһүлээх колхоз буолбута. Бу бириэмэҕэ колхоз председателинэн Слепцов Михаил Петрович, Петров Гаврил Иванович үлэлии сылдьыбыттара. Киин бөһүөлэктэрин Төбүлэхтэн Талахтаах диэн билигин Чкалов селота турар сиригэр көһөрбүттэрэ. Олорор дьиэлэри, оскуоланы, медпууну Төбүлэхтэн, Борууттан көһөрөн аҕалан тутуу ыытыллыбыт. Ол саҕана тутууга бригадирдаабыт Потапов Д.А. ахтарынан, үс сыл иһинэн төһө кыалларынан дьон балаҕан да буоллар, олорор дьиэлэнэн бөһүөлэк улаатан испит. Кини суруйарын курдук, дьэ саҥа кыаҕыран, үлэ түмүктээх буолан эрдэҕинэ колхозтары дөссө бөдөҥсүтэр, дьиҥинэн, олох cыыһa дьаһал ыытыллыбыт. 1958 с. Бөрөлөөх икки Быйаҥныыр нэһилиэктэрин холбоон (оройуон территориятын аҥаарыттан ордук сирэ) биир колхоз тэриллибит. Туруктаах соҕус дьиэлэри, ынах, сылгы cүөһүнү, кырса иитэр ферманы, таба ыстаадаларын Быйаҥныырга көһөрүү буолбут. Бөрөлөөххө түүлээх булдун бригадатын эрэ хаалларбыттар. Онон хаһаайыстыбаҕа улахан хоромньу тахсыбыт, дьон-сэргэ олоҕо улаханнык аймаммыт этэ.

Бу сырыыбар мунньахтары ыытан, дьон тылын-санаатын истэн үлэлиир сыаллаах этим. Үлэһит илии тиийбэт, холбоһуу бириэмэтигэр дьон тарҕанан оннуларын була илик этилэр. Манна даҕатан эттэххэ, биһиги аҕа-ийэ дьоннорбут өлөн, кырдьан үлэттэн туораабыт кэмэ буолан, орто көлүөнэ дьонугар тирэнэн үлэни ыытар наада этэ. Оччолорго эдэрчи дьон Потапов Д.А., Слепцов И.П., Горохов С.Н., Горохов М.К., Лебедев С.А., Уваровскай А.И., Горохов В.Н., Слепцов Н.Е., уо. д. а. улэҕэ-сырыыга тутаах дьоннор бааллара. Ордук таба иитиитигэр ыччат ыарахан усулуобуйаттан чаҕыйан тохтообот буолан иһэрэ.

Нэһилиэк иһигэр булт учаастактарыгар, таба ыстаадаларыгар ытынан, табанан эрэ айаннаан тиийэллэрэ. Мин маҥнайгы сырыыбар нэһилиэк киинигэр эрэ буолбакка булчуттарга, табаһыттapгa эмиэ сылдьыбытым. Оччолорго Топпордоох диэн булчуттар бригадалара баара. Онно буурҕа иһинэн тоҕус көстөөх сиргэ ытынан айаннаан тиийбиппит. Сирдьитим Иван Семенович Лебедев (Бурҕаа) диэн бэрт сытыы-хотуу кырдьаҕас этэ. Тордоххо суукка аҥаарын курдук айаннаан тиийдибит. Булчуттар икки балаҕан дуомугар кэргэттэринээн олорор эбиттэр. Мин тиийэн кэлбиппэр олус сөхтүлэр, сирдьиппин Иван Семеновиһы сөҕө-махтайа көрүстүлэр. Киһилэрэ бэрт холкутук күлэр-үөрэр: «Мин аҕалбатахпына ким аҕалыай бу оҕону (секретарбытын)», — диир.

Кырдьык, оччолорго эдэр буолан суол-иис күчүмэҕэйиттэн улаханнык саллыбаккын, барыаххын-кэлиэххин, дьону кытары көрсөр, кэпсэтэр наадатын эрэ саныыгын.

Табаһыттарга табанан сылдьан кыһыҥҥы тордоххо хонон олохторун, үлэлэрин эмиэ билистим.

Атын нэһилиэктэргэ эмиэ оройуон актыыба сылдьан кэлбиттэрэ. Мин бэйэм кылгас бириэмэ иһинэн бары нэһилиэктэргэ сырыттым. Табаһыттарга самолетунан, табанан да айаннаан сылдьа сатаатым.

Совхоз тэриллибитин кэнниттэн Ойоотун отделениетыгар управляющайынан Н. Третьяков, Д. Сыроватскай, Е. Едукин үлэлээбиттэрэ. Щербачков В.Е. ол саҕана таба ферматын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир этэ. Кини үлэҕэ дьоҕурун, салайар үлэҕэ сыһыаннааҕын иһин сотору Дьокуускайга совпартшколаҕа үөрэххэ ыыппыппыт. Эргиллэн кэлэн маҥнай Ойоотуҥҥа управляющайынан, кэнники сылларга партия райкомун иккис секретарынан, совхоз директорынан бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Ойоотуҥҥа маҥнайгы сырыыбын өйдүүбүн. Оччолорго партия райкомугар транспорбыт биир ыттаах сыарҕа этэ. Каюрунан Горохов Андрей Спиридонович үлэлиирэ. Ыта, сыарҕата бэйэтин бас билиитэ этэ, бэрт дуона суох хамнастаах буолара. Кини бу үлэтин нaһaa кыһанан, чуолкайдык толороро. Айаммыт устата Юкагир нэһилиэгин олоҕун-дьаһаҕын, дьонун-сэргэтин туһунан миэхэ сиһилии кэпсии испитэ. Онон мин Андрей Спиридоновичтан толору информация ылан кэлбитим.

Ыыппыт мунньахпытыгар дьонун кытта бииргэ туруоруллубут боппуруостарга тыл этэн элбэх наадалаах боппуруостары көтөхпүтэ. Таба иитиитигэр олохтоох актыып, коммунистар элбэх туруорсар боппуруостардаах этилэр, олорор дьиэ-уот суоҕун, табаһыттар олохторо ыараханын, аһынан-таҥаһынан хааччыллыы куһаҕанын ыйбыттара. Оттор мас тиийбэтин, сотору-сотору оҕо тэрилтэлэрэ тоҥоллорун, сабылла-сабылла үлэлиир кыһалҕаларын кэпсээбиттэрэ.

Таба ыстаадаларыгар бригадирынан Лебедев Х.И., Слепцов А.И., Слепцов Н.С., Едукин Г.В. курдук сытыы-хотуу дьон үлэлииллэрэ. Хааччыллыы олус мөлтөҕүн үрдүнэн табаһыттар бэйэлэрин кыахтарын харыстаабакка үлэлиир буоланнар бары ыарахаттары кыайа-хото туталлара.

Быйаҥныырга колхоз председателинэн Докунаева Марфа Петровна, Слепцов Василий Петрович үлэлии сылдьыбыттара. Совхоз отделениета тэриллибитин кэнниттэн салалтаҕа Докунаев В.П., Садовников С.П., Черемкин С.Г., Ефимов И.Н., Жирков С.И. үлэлээбиттэрэ. Ынах, сылгы, таба иитиитигэр үлэлиир, булчут, балыксыт Слепцов П.П., Жирков А.И., Лебедев С.П., Слепцов К.К., Слепцов И.В. уо. д. а. тутаах дьон быһаарар оруоллаах этилэр.

Русскай-Устье отделениетыгар Сотников Иван Миронович диэн уруг колхоз эрдэҕинэ председателлээбит опыттаах үлэһит баара. Кини хас да сыл үлэлээн нэһилиэккэ авторитеттаах этэ. Нэһилиэккэ Чикачев М.И., Киселев И.Г., Рожин Н.К., Портнягин Г.Д., Киселев В.А. салалтаҕа уһyн сылларга сыраларын харыстаабакка үлэлээбит дьоннордоох этибит. Түүлээх булдугар оччолорго аатырбыт булчуттар Солдатов И.И., Щербачков С.П., эдэрдэртэн Киселевтар, Черемкиннар, Шаховтар бастыыллара.

Горохова Е.Н., Чикачев М.И. — сельскэй Совет председателэ

Аллайыаха отделениетыгap Стручков Иван Иванович диэн уруккуттан оройуоҥҥа элбэх хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ эриллибит, опыттаах үлэһит управляющайдаабыта. Бу отделение булчуттара, балыксыттара Аллыйкы, Дьолоон үрэхтэринэн тэнийэ сылдьан бултууллара. Чикачев И.Н., Рожин А.А., Рожин П.Н., Чикачев С.И., Лебедев В.А., Слепцов П.И., Егор, Михаил, Иван Николаевич Антонов, уо. д. а. оройуон тэриллиэҕиттэн күүстэрин-көлөһүннэрин үлэ-хамнас иннигэр элбэхтик тохпут бастыҥ дьоннор бааллара. Колхоһунан олорор кэмнэригэр оройуоҥҥа биир кыахтаах хаһаайыстыба этэ.

Үлэни-хамнаһы билсиһии кэнниттэн сотору партия райкомун пленумугар киэҥ кэпсэтии уонна ыытыллыахтаах дьаһаллар тустарынан дьүүллэһии буолбута. Производство ыарахаттарын туоратарга, бастатан туран, дьон үлэлиир, олорор усулуобуйатын тэрийии соруга турбута. Табаһыттары, булчуттары, балык-сыттары таҥаһынан-aһынан хааччыйыы, саа-саадах, илим-туһах наадатын быһаарыы барыта транспорт, суол-иис, техника суоҕунан кыайтарбата. Ол иһин полярнай авиация өҥөтө кэҥиирин ситиһии наадалаах этэ. Оччолорго полярнай авиацияҕа бэрт хорсун, оройуон кыһалҕатын өйдүүр үлэһиттэр баар буоланнар итинник дьаһаллар олоххо киирэллэрэ. Холобур, Скарин Н.Д. диэн летчик ханнык баҕарар күҥҥэ-дьылга таба ыстаадаларыгар, балыксыттарга бэйэтин көрүүтүнэн, билиитинэн мууска, ahaҕac туундараҕа түһэн, элбэхтик харса суох көтүүлэри оҥороро. Аэропорка Н.Ф. Живков, И.Ф. Бобков, Г. Рутман диэн бэрт дьаһаллаах, быһаарыылаах салайааччылар, оройуон олоҕор элбэх көмөлөөх-өҥөлөөх дьон бааллара.

Жирков Н.Ф. — аэропорт начальнига, Горохова Е.Н. — ССКП РК I секретара, Кириллин В.Т. — райисполком председателэ

Онон оройуон проблематын быһаарарга салайааччылар бары биир санаанан үлэлииллэрэ улахан суолталаах этэ.

Биир сүрүн боппуруоһунан капитальнай тутуу этэ. Оройуоҥҥа тутуу тэрилтэтэ диэн суоҕа. Бу үлэ бэйэ эрэ күүһүнэн бара сатыыра. Тутууну ыытар воинскай чаас аэродром тутуутун бүтэрэн Тиксиигэ дислокацияланар буолбута. Тутуу матырыйаала Индигиргэ аҕалыллар схемата быһаарылла илигэ. Халыма, Индигир өрүстэргэ самоходнай баржалар сылдьа иликтэрэ. Тутуу матырыйаалын фондатын туһунан боппуруос ханна да быһаарылла илигэ. Маннык уонна мантан тутулуктаах проблемалар олус сытыытык тураллара.

Боппуруостары республика салалтатыгар тириэрдэр, туруорсар наада буолбута. Партия обкомун секретарын аатыгар докладной сурук түһэрбиппит. Партия обкомун пленумугар, Үрдүкү Сэбиэт сессиятыгар тыл этэн көрбүтүм. Республикаттан сылга хаста эмэ комиссия, боломуочунай сылдьара. Син өйдүү, көмөлөһө сатыыллара. Ол саҕана правительство ылыммыт сүрүн докумуонунан 1957 с. ылыллыбыт ССРС правительствотын хотугу дойдуга олорор кыра омуктар экономическай, социальнай олохторун тупсарыы туһунан 300 №-дээх yypaaҕa буолара. Бу уураах сүнньүнэн үлэ бара сатыыра, хотугу оройуоннарга элбэх көмө оҥоһуллубута. Техника, тутуу матырыйаалын, оттук фондалара көрүллэр буолбуттара да, транспортнай схемата, эппитим курдук, үлэлээбэтэҕэ.

Оройуоҥҥа тутууну ыытар тэрилтэ хайаан да наадалааҕа. Ол иһин Дьокуускайга туруорсан итинник тэрилтэни тэрийбиппит. Туох да үлэлиир база суоҕа, ол үрдүнэн партия райкомун дьиэтиттэн биир xohy биэрэммит тутуу учаастага үлэтин саҕалаабыта. Бу тэрилтэ кэнники сылларга кыаҕыран СМУ, онтон ПМК буолан оройуоҥҥа улахан объемнаах тутууну ыыппыта.

Совхоз отделениеларыгap бытаан да буоллар тутуу саҕаламмыта. Биир сүрүн проблеманан электроэнергиянан хааччыллыы этэ. Нэһилиэктэргэ электростанциялар суохтарын кэриэтэ этэ. Оройуон киинигэр аэропорт электростанцията бэрт эрэйинэн бөһүөлэги хааччыйа сатыыра. Бy боппуруоһу быһаарарга бэрт элбэх сырабыт барара. 1962-1964 сылларга нэһилиэк кииннэригэр кыра электростанциялар үлэлиир буолбуттара. Оттук бэрт эрэйинэн оройуон кииниттэн тракторынан таһыллара. Техника тымныыны тулуйбакка алдьаныыта олус элбэхтик тахсара. Тэрилтэ салайааччылара, совхоз директора, управляющайдар бэйэлэринэн техника өрөмүөнүгэр үлэлииллэрэ, дьоҕурдаах өттө бэйэлэринэн уруулга олорон рейстэргэ сылдьаллара.

Иккис улахан проблеманан оттор маһынан хааччыллыы этэ. Маһы Муома, Абый сиригэр-уотугар бэлэмнээн сааскы уунан уһааран аҕалаллара. Манна тэрилтэлэр үлэһиттэрэ бука бары үлэлииллэрэ. Нэһилиэктэри эмиэ хааччыйар үлэ ыытыллара.

Биһиги оройуоммутугар ити сылларга кэлэ сылдьыбыт Н. Гуляев диэн «Социалистическая Якутия» хаһыат корреспондена «Огонь в тундре» диэн ыстатыйа суруйбута. Ойоотуҥҥа сылдьан ohox оттор мас проблематын, оскуола, балыыһа, клуб, хонтуоралар, олорор дьиэлэр кыһын ортото оттор маһа суох буолан дьон эрэйдэнэллэрин, тоҥоллорун туһунан, олоххо баар эрэйи-муҥу сөҕөн туран суруйбута. «Найти в тундре дрова также трудно, как и снег в Индии», — диэн эппиттээх. Сельскэй Совет председателэ Федоров Д.С. бу маннык эрэйи эҥээринэн сүкпүт киһи. Бу ыарахан, хаһан быһаарыллара биллибэт проблема этэ.

Балыксыттарга суруйааччылар ыалдьыттыыллар

Ити төрүт боппуруостары ыйан туран Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин сессиятыгар 1963 с. ахсынньыга тыл эппитим.

Этиибэр совхоз тэриллиэҕиттэн эти оҥоруу 160 бырыһыан, түүлээх булда 123 бырыһыан үрдээбитин, 1960 с. колхозтар 124 тонна эти государствоҕа туттарбыт буоллахтарына, 1963 с. 580 тоннаны эбэтэр 5 төгүл элбэҕи туттарбыттарын, балыгы туттарыы 160 бырыһыан улааппытын ыйбытым. Сессияҕа Хотугу оройуоннарга тутууну күүстээхтик ыытарга суһал дьаһаллары олохтууру туруорсубуппут. Олорор дьиэлэри уунан ититиллэр, толору хааччыллыылаах саҥа бырайыактарынан ыытарга, табаһыттapгa табыгастаах базалары тутуу, кэргэттэрин, оҕолорун илдьэ сылдьан үлэлиир, сынньанар усулуобуйаларын тэрийии курдук боппуруостары көтөхпүппүт. Оройуон киинигэр 1964-65 сылларга клуб, больница тутуутун туруорсубуппут. Чокурдаахха коммунальнай тэрилтэни тэрийии наадалааҕын ыйбытым.

Оччотооҕу туруорсубут боппуруостарбыт дөбөҥнүк быһаарылла охсубатахтара, оройуоннары холбооһун бириэмэтигэр дөссө уустутурбуттара. Мин Өлүөхүмэҕэ барбытым кэнниттэн саҥа салалта үлэлии хаалбыта. Ити проблемалары тиһэҕэр тиэрдэргэ араас мэһэйдэр үөскээбиттэрэ.

Ити сылларга үөһээ этиллибит Правительство yypaaҕap тирэҕирэн Хотугу кыра ахсааннаах норуоттар культураларын, үөрэҕириилэрин, эминэн хааччыллыыларын боппуруостарынан партия райкома, райисполком элбэх өрүттээх үлэни ыыппытын бэлиэтиэхпин наада. Орто уонна үрдүк үөрэх заведениеларыгар чэпчэтиллибит миэстэлэри туруорсан балайда ыччат үөрэххэ киирбитэ. Оччолорго оройуон киинигэр биир орто оскуола, Ойоотуҥҥа 8 кылаастаах, атын иэһилиэктэргэ начальнай оскуолалар үлэлииллэрэ. Оҕону үөрэҕинэн хабыы ыытылла сатыыра буолан баран олохтоох дьон оҕолоро бэрт эрэйинэн, элбэх үлэнэн орто үөрэҕи бүтэрэллэрэ. Манна элбэх мэһэйдэр бааллара: хааччыллыы, дьиэ-уот суоҕа, олох-дьаһах айгырааһына, төрөппүттэр итириктээһиннэрэ, оҕолор кыраларыттан табахха, арыгыга ылларыылара, уо. д. а.

Хомойуох иһин, хотугу оройуоннарга арыгыны иһии олус тэнийбитэ. Мин дойдубар кэлэн баран олус соһуйбутум. Урут билэр дьонум, бииргэ үөрэммит доҕотторум ити дьайга ылларбыт этилэр. Маны утары үлэ ыытылла сатыыра кыаллыбат буолбут курдуга. Партийнай дьиссипилиинэни күүһүрдэ caтааһын, суут-сокуон өттүтэн хааччахтааһын улахан түмүгү биэрбэт этэ. Сыл ахсын арыгы apaaһa быыстала суох тиэллэн кэлэ турара, хааччаҕа суох атыыланара. Сорох мунньахтарга арыгы оройуон киинигэр көҥүл атыыланар, табаһыттарга тоҕo аҕалан атыылаабаттар диэччилэр бааллара. Салалта аппаратыгар үлэлиир миэстэлэригэр арыгы сыттаах дьон да баар буолаллара.

Мин биир обком пленумугар сылдьан обком идеологиянан дьарыктанар секретарыгар киирэн информация оҥорбуппун «дьону иитиэххэ, үлэлиэххэ наада, балаһыанньа эһиэхэ эрэ оннук буолбатах. Иитэр-политическай үлэ күүһүрдүллүөхтээх», — диэн буолбута.

1964 с. обком пленумугар идеологическай үлэни тупсарар дьаһаллар тустарынан боппуруос турбута. Мин тыл этэргэ бэлэмнэнэн тиийбитим. Ол саҕана тыл этэр текскин обком инструктора көрөн баран сөбүлэҥин эттэҕинэ эрэ машинкаҕа бэчээттээн биэрэллэрэ. Манна киирбит критиканы сымнатыахха, идеология секретарын аатын ааттаамыахха эҥин диэн буолбута.

Горохова Е.Н. — ССКП Аллайыаха РК секретара (1960-1979 сс.)

Мин партия КК тунеядствоны, итириктээһини утары oxcyһap туһунан yypaaҕap олоҕуран, ону олоххо киллэрэргэ диэн ааттаан, тунеядецтары, үспүкүлээһининэн дьарыктаммыт дьону хотугу оройуоннарга көннөрүнэргэ ыытарга диэн дьаһал ылыныллыбытын утаран тыл эппитим. Биһиги оройуоммутугар ис дьыала министерствотын дьаһалынан этаптанан бэрт элбэх киһи ыытыллара. Бу суут уурааҕынан кэлбит дьон хоту дойду олоҕор туох да дьоҕура, сыһыана суох буоланнар үлэлээбэккэ, арыгылааһынынан дьарыктанар этилэр, ыччаты, арыгыһыт дьону сутуйаллара. Маны утаран, хотугу оройуоннарга тунеядецтары, арыгыһыттары ыытары тохтоторго модьуйан тыл эппитим. Ити туруорсуу кэнниттэн итинник сыыһа дьаһал тохтотуллубута.

1961-1965 сс. ылыныллыбыт оройуон мероприятиелара балайда олоххо киирэн иһэн тохтотуллан барбыттара. Ол дойду, республика үрдүнэн улахан уларыйыылар тахсыбыттарынан тутулуктааҕа. Ити сылларга дойдуну Н.С. Хрущев салайар кэмэ этэ. Партийнай, хаһаайыстыбаннай, советскай структураларга элбэх уларыйыылар, эргитэ тутуулар сотору-сотору буолаллара. Олус элбэх мунньахтар ыытыллаллара. Партия райкомун пленума хас ый ахсын ыытыллара, сылга 12-тэ хомуллуу буолара. Партийнай конференциялар сыл ахсын ыытыллар этилэр. Совет сессиялара эмиэ сотору-сотору буолаллара. Онон күн-дьыл мунньахтан орпот үлүгэрэ этэ. Партия КК, партия обкомун уураахтарын эргитэ сылдьан дьүүллэһии буолара. Партия КК, партия обкомун салайар үлэһиттэрэ 1963 с. Халыма, Индигир оройуоннарыгар сылдьан тыа хаһаайыстыбатын производственнай управлениеларын тэрийэр туһунан КК уурааҕын олоххо киллэрэргэ мероприятие оҥорторбуттара.

Саха сирин үрдүнэн 8 промышленнай, тыа хаһаайыстыбатын производственнай управлениелара тэриллибиттэрэ. Салайааччылара партия КК номенклатуратыгар бигэргэтиллэрэ. Онтон партия райкомнарын оннугар парткомнар тэриллибиттэрэ. Аны туран биирдии управление хастыы да оройуоннары хабара, парткомнар эмиэ оннук принцибинэн тэриллибиттэрэ. Индигир сүнньүгэр биир производственнай управление тэриллибитэ. Муома, Абый, Аллайыаха оройуоннарын партийнай тэрилтэлэрэ биир парткомҥа холбоспуттара. Индигир производственнай управлениетын киинэ Усть-Нераҕа баара. Манна партийнай салалта партия Киин Комитетын парткомун секретарынан ыытыллара.

Индигир үс оройуонун салайар парткома Чокурдаахха кииннэммитэ. Партия обкомун секретара Авдеев И.П. кэлэн уопсай партийнай конференцияны ыыппыта. Муома, Абый делегаттара кэлбиттэрэ. 1964 с. муус устар ыйга этэ. Бу иннигэр миигин кытта партия обкомун секретара Борисов С.З. партком секретарынан үлэлии хаал диэбитин мин сөбүлэспэтэҕим. Онон кэргэммин Гаврильев Егор Ивановиһы Өлүөхүмэ т/х производ-ственнай управлениетын начальнигынан ыытар буолбуттара. Кини идэтинэн агроном, үрдүк партийнай үөрэхтээх этэ. Кэбээйи, Амма оройуоннарыгар райисполком председателин дуоһунаһыгар хас да сыл үлэлээбит опыттаах салайар үлэһит буоларын быһыытынан итинник быһаарыы тахсыбыта. Конференция кэнниттэн Өлүөҕүмэҕэ көһөр буолбуппут.

Чокурдаахха тыа хаһаайыстыбатын производственнай парткомун секретарынан Матвеев М.Н. талыллыбыта. Кини бу иннигэр Абый райкомун бастакы секретарынан үлэлээбитэ. Партком секретарынан кини биир эрэ сыл курдук үлэлээбит буолуохтаах. Кини кэнниттэн Миронов Г.Н. кылгас бириэмэҕэ үлэлээбитэ.

Оройуоннары ити курдук холбоон, биир сиртэн xahaaйыстыбаннай, партийнай салалтаны олохтооһун табыгаha суоҕун олох көрдөрбүтэ. Салалта хайдах тосхолу тутуһан үлэлиирин сатаан өйдөөбөт кытаанах быһыыга-майгыга олорон хаалбыта. Ол үлэҕэ, олоххо улахан охсуулаах буолбута. Оройуон хаһаайыстыбатыгар, дьон социальнай, культурнай олорор сатарыйыы тахсыбыта. Бу киэҥ сири-уоту ханныктаах да салалта аппарата хабан салайар кыаҕа cyoҕa. Онон бу сылларга олох айманан, биир сиргэ тэпсэннээһин, төттөрү хаамыы тахсыбыта. Партком, оройуон салалтата сотору-сотору уларыйа турара. Олохтоох кадрдар үрүө-тараа барбыттара. Кэлии кадрдар тохтообот буолбуттара.

1960-1964 сылларга Аллайыаха оройуонугар үлэлээбит бириэмэм кылгастык аҕыннахха итинник.

Салҕыы аах:

Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 4 чаас

Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 6 чаас

Читайте дальше