Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 10 чаас

Быйыл 2024 сылга Саха сирин биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятелэ Евдокия Николаевна Горохова төрөөбүтүттэн 100 сылын бэлиэтиибит.

Өрөспүүбүлүкэбит осторуйатыгар ЫБСЛКС уобаластааҕы комитетын секретаринэн, ССКП Аллайыахатааҕы райкомун бастакы секретаринэн, Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бэрэссэдээтилинэн киирбитэ. Союзнай суолталаах персональнай пенсионер этэ.

Евдокия Николаевна төрөөбүт сиригэр — Аллайыаха улууһун сайдыытыгар бастыҥ оруолу оонньообута. «Мин Аллайыахам» кинигэни 40-ча саастааҕар, олоҕун-үлэтин үгэнигэр сылдьан суруйбут. Аллайыаха нэһилиэгин, улууһун остуоруйатын, улуус үөскээһинин, дьон-сэргэ олохсуйуутун, бастакы колхозтары, бөһүөлэктээһин кэмнэрин олус сиһилии суруйбут.

«Сайдыы суола» эрэдээксийэ өрөбүллэргэ ааҕааччыларыгар кыра-кыралаан бу кинигэни кытары билсиһиннэрин салҕыыр.

Бүгүн алтыс «Социальнай-культурнай эйгэҕэ» диэн улахан баһы кытары билсэрбитин бүтэрэбит. Манна Евдокия Николаевна доруобуйа харыстааһынын, үөрэхтээһин уонна культура сайдыытын туһунан кэпсиир, Аллайыахаттан төрүттээх биллиилээх дьону кытары билсиһиннэрэр.

СОЦИАЛЬНАЙ-КУЛЬТУРНАЙ ЭЙГЭҔЭ. 2 ЧААС

Уһук Хотугу сир норуоттарыгар Советскай былаас маҥнайгы уочараттаах дьаһалынан нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстааһын, үөрэхтээһини, культурнай-сырдатар үлэни киэҥник ыытыы буолбута. Бу политика мин суруйар (60-80 сс.) сылларбар даҕаны күүскэ ыытыллара.

Сылтан сыл нэһилиэнньэ доруобуйатын чэбдигирдэр үлэ кэҥээн иһэрэ. Оройуон киинигэр 25 миэстэлээх балыыһа, сэллик диспансера, оҕо садтара, дьааһылалара, медицинскэй пууннар үлэлииллэрэ. Врачтар, орто үөрэхтээх фельдшердэр, сиэстэрэлэр ахсааннара элбии турара.

Улахан проблеманан эмп тэрилтэлэрин дьиэлэрэ эргэрбит, саҥа оборудование туһаныллар кыаҕа суоҕа буолара. Ол иһин 1963 сыл саҕаттан Чокурдаахха балыыһа тутуутун элбэхтик туруорсан 1967 сылга эрэ икки мэндиэмэннээх корпус тутуллубута. Кэнники поликлиника туспа дьиэлэммитэ. Оленегорскайга типовой медпункт дьиэтэ тутуллан участковай балыыһа аһыллыбыта. Атын нэһилиэктэргэ саҥа тутуллар олорор дьиэлэртэн квартиралары биэрэн туран, медпуннар үлэлиир усулуобуйаларын хааччыйар этибит.

Көһө сылдьан үлэлиир нэһилиэнньэни эминэн хааччыйыыга медицинскэй этэрээттэр үлэлииллэрэ. Сылга биирдэ толору чинчийии ыыталлара. Вертолетунан, самолетунан санрейстэр сылдьалларыгар бюджеттан үп биэрэллэрэ.

Нэһилиэнньэ доруобуйатын туруга олорор дьиэ-уот тутуллан, коммунальнай өҥө хаачыстыбата үрдээн иһиититтэн быһаччы тутулуктаах. Эмп үлэһиттэрэ тутуу проблемата быһаарыллан иһэригэр улахан интэриэстээх этилэр, бэйэлэринэн кыһаллан үлэлииллэрэ.

Оройуон кылаабынай бырааһа Кригштейн О.С. Верховнай Совет сессиятыгар 1964 с. олорор дьиэ проблематын сытыытык туруорбута. Кригштейн О.С. Аллайыахаҕа, Эдьигээҥҥэ, Черскэйгэ элбэх сыл үлэлээн хотугу дойду дьонугар үтуө өйдөбүлү хаалларан барбыта. Кини кэнниттэн үлэлээбит Мареннай В.М. бэйэтинэн сүүрэн-көтөн, Совмин председателин Петров И.И. кабинетын «аанын саппакка» туруорсан, кылгас бириэмэ иһинэн балыыһаны туттарбыта. В.М. Мареннай Усть-Нераҕа, кэлин Нерюнгрига доруобуйа харыстабылыгар элбэх кылаатын уурбута. Саха АССР Верховнай Советын депутатынан быыбардана сылдьыбыта.

Биһиги оройуоммутугар өр сылларга акушер-гинеколог Давыдов Е.Л., терапевт Ходырева А.И., кылаабынай врач Барановскай Н.М. – Саха АССР үтуөлээх врачтара. Крылова З.И. уо. д. а. үлэлээбиттэрэ. Олохтоох ыччаттартан Слепцова, Константинова, Колесов, Стручкова, Соркомова, Казак, Едукина, Докунаевтар уо. д. а врач идэтин баһылаан үлэлии сылдьаллар. Тыа сиригэр ыарыһахха маҥнайгы көмөнү оҥороочулар фельдшердэр, акушердар, сиэстэрэлэр буолаллар. Егорова Т.Н., Садовникова А.П., Уваровская А.Г., Боков Л.И., Егоров Н.Д., кинилэртэн да атын уһун сылларга үлэлээбит, элбэх киһини эмтээн-томтоон үтүөрдүбүт эмп үлэһиттэрин ааттара ааттаныан, махталы-баһыыбаны ылыан ылаллар.

Улахан болҕомто ыччат үөрэҕириитигэр ууруллара. 1960 сыллаахха биир орто оскуола уонна нэһилиэктэргэ 4 кылаастаах оскуолалар үлэлииллэрэ, 582 оҕо үөрэнэрэ. Орто уонна ситэтэ суох орто үөрэхтээһининэн оскуола саастаах оҕолору хабан үөрэтэр сокуон олоххо киирэрин туһугар үлэ ыытыллара.

Тыа оскуолатын 4 кылааһын бүтэрбит кыра саастаах оҕолор оройуон киинигэр интернакка олорон үөрэнэргэ күһэллэллэрэ. Оҕолор ситэ үөрэммэккэ үөрэхтэрин быраҕар түбэлтэлэрэ тахсара. Ол иһин партийнай мунньахтарга, Советтар сессияларыгар орто үөрэхтээһини ситиһэр сыалтан тыа сирдэригэр 8-10 кылаастаах оскуолалары аһарга боппуруос элбэхтик көтөҕүллэрэ.

Партия райкома, райсовет норуотун үөрэҕириитин боппуруостарын болҕомто киинигэр ылан элбэх үлэни ыыппыттара.

Бастатан туран, оскуола дьиэлэрин тутуу боппуруоһа турара. Нэһилиэктэргэ типовой оскуола тутулларыгар үөрэнээччи ахсаана аҕыйах буолан үп-харчы көрүллүбэт этэ. Ойоотуҥҥа колхоз эрдэхтэринэ тутуллубут дьиэҕэ 8 кылаастаах оскуола үлэлиирэ. Саҥа тутуллар олорор дьиэлэртэн квартиралары биэрэн типовой 8 кылаастаах оскуолалары Русскай-Устьеҕа, Бөрөлөөххө астарбыппыт. Ити 1972-73 сыллардаахха этэ. Ол иннигэр хас да сыл туруорсубуппут. Нэһилиэктэргэ оҕо ахсаана аҕыйах, кыра комплектаах оскуолалар ороскуоттарын бюджет кыайан уйуммат диэн элбэхтик аккаастаабыппыт. Биир табыгастаах түгэни булан, үөрэх министирэ Николай Иванович Шарин бэйэтигэр ылынан ити оскуолалар аһыллыбыттара. Ол эрэ кэнниттэн саҥа тутууну туруорсар кыахтаммыппыт. Полярнайга уонна Бөрөлөөххө 50-миэстэлээх интернакка аналлаах корпустар бырайыактарын оҥорон тутуутун 2-3 сыл бүтэрэн үлэҕэ киллэрбиттэрэ. Хомойуох иһин, Полярнай оскуолата аҕыйах сыл үлэлээн баран умайан хаалбыта. Билигин саҥа корпус тутуллан турар.

Маннык норуот олоҕор кэскиллээх боппуруостар быһаарыллыбыттара оройуон салалтатын эрэ өҥөтө буолбатах. Оччолорго нэһилиэктэргэ үлэлиир актыып, салайааччылар дьаныһан туран туруорсаллара, «өй уган» биэрэллэрэ. Чикачев М.И., Потапов Д.А. курдук коммунистар араас трибунаттан тыа сирдэригэр үрдүкү кылаастаах оскуолалар аһыллалларын элбэхтик туруорсубуттара. Потапов Д.А. Саха АССР депутатын быһыытынан туруорсан Чокурдаахха 320 миэстэлээх оскуола дьиэтэ тутуллубута. Оленегорскайга типовой орто оскуола уонна интернат корпуһа тутуллубутун туһунан үөһээ ахтан турабын. Оленегорскай орто оскуолатыгар 1977-78 үөрэх сылыттан эбээн тылын предмет быһыытынан үөрэтэр буолбуттара. Бу иннигэр эбээн тылын үөрэтэр учууталлары Ленинградка Герцен аатынан институтка үөрэттэрэн бэлэмнээһин ыытыллыбыта. Дуткин Х.И., Едукин А.С., Бокова Е.Н., Едукина А.С. эбээн тылын үөрэтэр идэлээх педагогтар үүммүттэрэ. Онон 70-с сыллар бүтэһиктэригэр оскуолалар материальнай базалара быһаарыллан, ыччат үөрэнэригэр толору кыахтар баар буолбуттара.

Үлэлии сылдьан ыччаты үөрэтиигэ киэһээҥи оскуола үлэлиирэ уонна кэтэхтэн үөрэнии ыытыллара.

Тыа сиригэр ситэтэ суох орто уонна орто оскуолалар аһылланнар дьон олохсуйуйалларыгар, оҕолор төрөппүттэриттэн тэйбэккэ үөрэнэллэригэр табыгастаах усулуобуйа тэриллэн нэһилиэнньэ улахан биһирэбилин ылбыта.

Маны тэҥэ оҕо садтара, дьааһылалар дьиэнэн хааччыллыылларыгар эмиэ үлэ бара сатыыра. Кыра саастаах оҕолор эт-хаан өттүнэн сайдыыларыгар, аналлаах дьаһаллар ылыллаллара. Оҕо тэрилтэлэрэ сибиэһэй аһылыгынан, таҥаһынан, тээбирининэн хааччыллыыллара атын оройуоннартан итэҕэһэ суох буолара.

Оҕо ахсаана элбии турара. 1973 с. 800 тахса үөрэнээччи баар эбит буоллаҕына, 1979 с. – 1200 тахса оҕо үөрэнэрэ. Орто оскуоланы бүтэрбит ыччаттар үрдүк уонна орто үөрэх заведениеларыгар киирэн үөрэниилэрэ элбээбитэ. Аҥардас Оленегорскай оскуолатыттан араас СПТУ-ларга 1978 с. — 10 оҕо, спортшколаҕа — 1, педучилищеҕа — 2, СГУ-га — 2, тыа хаһаайыстыбатын техникумугар — 1 киһи үөрэнэрэ. Ити бириэмэҕэ аналлаах орто үөрэҕи бүтэрбит элбэх ыччаттар үлэлии сылдьаллара.

1975 с. Чокурдаах оскуолатын бүтэрбит 16 үрдүк үөрэхтээх дьон оройуон иһигэр, 23 киһи атын оройуоннарга үлэлииллэрэ, 30 киһи үрдүк үөрэххэ, 15 киһи кэтэхтэн үөрэнэллэрэ, орто үөрэх заведениеларыгар 35 киһи үөрэнэ сылдьаллара. 1971-1974 сс. үрдүк үөрэххэ 7, техникумнарга 15 киһи үөрэнэ киирбитэ. Кэнники да сылларга ыччат үөрэххэ киириитэ элбээбитэ.

Чокурдаах орто оскуолатын бүтэрбит элбэх ыччат араас идэлээх специалистар буолан үлэлии сылдьаллар. Ол туһунан урут ахтыллан турар. Кинилэр истэриттэн Кириллин А.П., Гаврильев Р.Е. полковник званиеларын ыланнар, Куттал суох буолуутун службатыгар министр, министри солбуйааччы дуоһунаһыгар тиийэ үүммүттэрэ. Гаврильева Е.Е. химическай наука кандидатын аатын көмүскээн үлэлии сылдьар. Бу испииһэги өссө да кэҥэтиэххэ сөп этэ. Ол курдук Чокурдаах орто оскуолатыгар үөрэммит уонна музыкальнай үөрэхтээх ыччат — Андрей Колесов Дьокуускайга культура-эстетика саҥа эйгэтигэр таҥнар таҥас муодатын көрдөрөр «Айыы Куо» муода театрын тэрийэн, бэрт киэҥ кэрэхсэбили ылан үлэлии сылдьар. Кини Колесовтар диэн Бөрөлөөххө олохсуйбут элбэх оҕолоох Герой-ийэ Александра Колесова сиэнэ.

Норуот үөрэҕириитин кыһатыгар өр сылларга кыһамньылаахтык үлэлээбит Пестряков Н.С., Макаров В.Н., Жиркова С.Ф., Кузьмина П.Г., Винокурова М.В., Винокурова Г.Б., Федоров Ф.М., Терентьев Н.И., Уваров П.Е., Бокова Е.Н., Стручкова Р.И., Семкина П.Г., Паршукова З.А., Большаков К.И. курдук педагогтар элбэхтэр. Кинилэр ыччаты үөрэхтээһиҥҥэ үтүөлэрэ-өҥөлөрө умнуллубат.

Оройуон олоҕун культурнай таһымын быһаарар, норуот ис дууһатын туругун сиэркилэ курдук көрдөрөр үлэнэн культура тэрилтэлэрэ буолаллар. Эмиэ дьиэттэн-уоттан саҕалаатахха, саамай кыһалҕалаах кулууптар, библиотекалар этилэр.

Төһө да оннугун иһин культура тэрилтэлэрэ уоттарын умулуннарбакка үлэлээбиттэрэ. Маҥнайгы колхозтартан саҕалаан нэһилиэктэр кииннэригэр хайаан да мунньахтыыр, киинэни көрөр, араас вечердэри тэрийэр кулууп дьиэ баар буолара. Оччолорго типовой кулууптары туттарар туһунан санаабат да этилэр.

Биллэрин курдук, Чокурдаахха 1937 с. урукку оройуон кииниттэн көһөрөн аҕалыллыбыт таҥара дьиэтин маһынан тутуллубут кулууп 60-с сылларга диэри туһалаабыта.  Өссө авиапорт кулууптаах буолан балаһыанньаттан тахсарбыт.

Элбэх мунньахтарга, республика салалтатыгар туруорсан, оройуон киинигэр типовой кулууп тутуута 1967-1969 сылларга ыытыллыбыта. А.Г. Чикачев райисполком председателинэн үлэлии сылдьан бу кулууп тутуутун ыыттарбыта.

Саҥа кулууп үлэҕэ киириитэ оройуон культурнай олоҕор улахан событиенан буолбута. Олохтоох уус-уран самодеятельность, фестиваллар, артистар гастроллара элбэхтик тэриллэр буолбуттара.

Бөһүөлэктэргэ эмиэ анал тутуу ыытыллыбат буолан, олорор дьиэлэртэн былдьаһан кулууптанар этилэр. Арай Оленегорскайга 300 миэстэлээх үчүгэй кулууп дьиэтэ кэнники сылларга тутуллубута. Билигин культура киинэ буолан олохтоох ыччаттар үлэлии сылдьаллара үөрүүлээх.

Нэһилиэнньэни сырдатыыга, билиини-көрүүнү тарҕатыыга библиотекалар үлэлэрэ улахан оруоллаах. Кинигэ, сурунаал, хаһыат дьон олоҕор аһыыр аһы, тыынар салгыны кытта тэҥнээх курдук буолара диэтэххэ омуннааһын буолуо суоҕа. Библиотекаларга элбэх ааҕааччылар түмсүүлэрин, суруйааччылар кинигэлэрин дьүүллэһэн конференциялары тэрийэллэрэ.

Биир хотугу дойдуга табыгастаах, биһирэммит культура тэрилтэтинэн кыһыл чуумнар этилэр, кэнники агиткультбригада диэн ааттаммыттара. Табаһыттар, балыксыттар, булчуттар күндү ыалдьыттара кинилэр буолаллара. Эмп үлэһитэ, учуутал эмиэ иинник бригада састаабыгар үлэлииллэрэ. 1968 с. Чокурдаахха, 1978 с. Оленегорскайга музыкальнай оскуолалар аһыллыбыттара. Онно үөрэммит музыкальнай үөрэхтээх специалистар оройуоҥҥа, оройуон тас да өттүгэр үлэлии сылдьаллар. Дьокуускайга оҕо музыкальнай оскуолатыгар 30-ча сыл Петренко Анатолий Павлович үлэлии сылдьар. Кини тулаайах да улааттар, бэйэтин талаанын музыкальнай оскуолаҕа үөрэнэ сырыттаҕына таба көрөн, музыкальнай училищеҕа, культура институтугар үөрэнэргэ суол аһыллыбыта. Русскай Устьеҕа төрөөбүт Петренко Саха музыкальнай культуратын кадрдарын иитэн таһаарарга улахан кылааттаах. Музыкальнай оскуолаҕа үөрэммит Александра Степановна билигин оройуоҥҥа музыкальнай оскуола директорынан айымньылаахтык үлэлии сылдьар. Индигира Быкова биллиилээх пианистка буолла. Онтон да атын музыкаҕа талааннаах ыччаттар музыкальнай оскуолалар кыһаларыттан тахсыбыттара.

Культура тэрилтэлэрэ кылгас бириэмэҕэ үлэлээбэт буоллахтарына нэһилиэнньэ улахан «ЧП» курдук сыаналыыра. Мин ытык кырдьаҕас Слепцов Алексей Алексеевич биирдэ эппитин өйдүүбүн: «Ити кулууп үлэлээбэт, киинэ суох буоллаҕына ыччат тугу гыныан сөбүй? Үҥкүү-таансы, оонньуу баар буоллаҕына оҕолор барахсаттар көрсөн-билсэн ыал буолаллар. Дьэ, Дьэбдэкиэйэ Ньукулайабына, итини эн кытаат, тэриэбийдээ», — диэ. Бу дьиҥнээх муударай өй-санаа туоһута буолар.

Мин манна оччотооҕу сылларга элбэх өрүттээх дьаһаллар культура үлэһиттэринэн ыытыллыбыттарын барытын суруйар сыалым суох, ол кыаллыбат даҕаны. Биир тылынан эттэххэ, культура үлэһиттэрэ кулууптар, библиотекалар нэһилиэнньэ сынньанар, билии-көрүү кииннэрэ буолалларын толорор иһин үлэлииллэрэ. Ону хааччыйарга кыһамньыларын уураллара. Дьон киинэҕэ сылдьыыта элбэҕэ, күн ахсын хастыы да сеанстарга саалалар толору буолаллара. Нэһилиэккэ киинэни тиэрдии графига кэһилиннэҕинэ райкомҥа тиийэ улахан айдаан буолара.

Хотугу дойду уһулуччу талааннаах дьоннордоох. Ыраах айаннарга сылдьан, булчут үүтээнигэр, табаһыт тордоҕор ырыаны-хоһоону, кэпсээни-сэһэни, олоҥхону тардан кэбиһэр үгэстээхтэр. Оттон эбээннии һээдьэни, сахалыы оһуокайы ньиргиччи, итийэн-кутуйан туран үҥкүүлүүр түгэннэр ким баҕарар сүргэтин көтөҕөллөр. Олохтоох нуучалар – русскай-устьелар «Омуканчиктарын», «Рассохаларын», хоробуоттарын тардан кэбистэхтэринэ бу эмиэ бэйэтэ умнуллубат түгэннэр.

Ханнык баҕарар түмсүүлэр, бырааһынньыктар, үбүлүөйдэр олохтоох омуктар үгэстэрин тутуһан, сайыннаран ыыталлара. Республика да фестивалларыгар биһиги оройуоммут самодеятельноһа ситиһиилээхтик кыттара. Д. Лебедева, А. Трайзе, Т. Омукчанова, Е. Силина-Лебедева, В. Слепцов, С. Шахов, М. Шахова, И.А. Лебедев, Е.Н. Бокова, В.А. Рябов, балыстыы Солдатовтар, В.И. Чикачева, А.П. Чикачева, онтон да атын самодеятельность кыттыылаахтарын курдук оройуон, республика, Россия араас сценаларыгар ыллаан-туойан, үҥкүүлээн оройуон чиэһин элбэхтик көмүскээбит, талааннарынан дьону-сэргэни сөхтөрбүт, махтал-баһыыба ылбыт дьоннордоохпут. Кинилэр истэриттэн Бокова Евдокия Николаевна бэйэтэ мелодияны айан, эбээннии тылынан ырыаны-хоһоону суруйан, Саха сирин үрдүнэн биир талааннаах мелодист-ырыаһыт быһыытынан биллэр. Кини туундара туһунан иэйиилээх ырыатынан «Геван» радиобиэрии саҕаланарын дьон биһирии истэллэрэ чахчы.

Эбээн кыыһа Лина Трайзе оҕо эрдэҕиттэн чуор куолаһынан чугдаара ыллыыра. Билигин кини эбээн талааннаах оҕолорун кытта үлэлээн ансамбль тэрийбитэ олус кэрэхсибиллээх.

Соторутааҕыта 75 саастаах Аграфена Петровна Чикачеваҕа «Саха Республикатын культуратын үтуөлээх үлэһитин» аата иҥэриллибитэ кырдьаҕас көлүөнэ хайдахтаах курдук талааннаахтарын, ырыа-үҥкүү доҕуһуоллаах дьоннордоохпут туоһутунан буолла.

Билиҥҥи эдэр ыччаттар ортолоругар кинилэр аҕа көлүөнэлэрин традицияларын, хотугу норуоттар культураларын салгыы сайыннарар талааннаахтар бааллара биһигини үөрдэр, инникигэ эрэли үөскэтэр.

Оройуон нэһилиэнньэтин үөрэхтээһин уонна культура өттүнэн сайдыытын таһымын маннык сыыппаралартан көрүөххэ сөп:

үрдүк үөрэхтээх 1970 сылга – 96, 1979 – 269 (манна уонна салҕыы — ыйыллыбыт сылларга — ред. прим.);

ситэтэ суох үрдүк — 14; — 47;

орто үөрэхтээх — 666; — 1567;

ситэтэ суох орто — 611; — 917;

кыра үөрэхтээх — 928; — 863.

Мантан көстөрүн курдук ити сылларга үрдүк уонна орто үөрэхтээх дьон ахсааннара 2-3 төгүл элбээбит.

Сылтан сыл ахсын олохтоох нэһилиэнньэттэн учуутталлар, эмчиттэр, инженердэр, ветеринардар, зоотехниктар идэлэрин баһылаабыт ыччат ахсаана элбии турар. Оччолорго ыытыллар булгуччулаах орто үөрэхтээһин сокуона олоххо киирэригэр туһуламмыт үлэ норуот үөрэҕириитигэр туһалаахтык дьайбыта мэлдьэҕэ суох. Оройуон экономиката, культура инники сайдарын туһугар тэрийэр-иитэр дьоҕурдаах элбэх салайааччылар үлэлээбиттэрин бэлиэтиир наадаах. Ол курдук оройуон олоҕор, инники сайдыытыгар уонча сыл устата бэрт бэриниилээхтик үлэлээбит райсовет исполкомун председателэ Федоров Николай Алексеевич буолар. Совхоз бухгалтерыттан саҕалаан оройуон салалтатыгар тиийэ үүммүт Тимофеев Иннокентий Васильевич Аллайыаханы дойду оҥостон отуттан тахса сыл үлэлээн кэллэ.

 

Партия райкомун аппаратыгар үлэлээбит Николаев Данил Иванович, Иванов Николай Спиридонович, Иванова Раиса Семеновна, Новиков Дмитрий Ильич, Серкина Любовь Ивановна, Ребров Иван Степанович уонна да атыттар оройуон үлэһиттэригэр үчүгэй өйдөбүлү хааллардылар. Кинилэр бары даҕаны оройуон ыарахан проблемаларын быһаарсар туһугар билиилэрин-көрүүлэрин, туох баар дьоҕурдарын ууран туран үлэлээбит өҥөлөөхтөр. Ханнык баҕарар тутаах учаастактарга дьыалабыай, идэтийбит үлэһиттэрдээх буоламмыт үлэ-хамнас ордук түмүктээх буолбута биллэн турар.

Олохтоох дьонтон үс наука кандидаттара үүммүттэрэ. Кинилэр научнай үлэлэрэ хотугу дойду олоҕун, культуратын историческай-этнографическай чинчийиигэ эрэ туһаайыллыбыт буолбатахтар. Маны таһынан кинилэр Саха сирин наукатыгар кырата суох кылааты киллэрбиттэрэ. К.И. Горохов, биллэрин курдук, 1959-1962 сыллардаахха «Юкагирдар» диэн кэлим теманы чинчийиигэ кыттыыны ылбыта. Бу түҥ былыргы норуоттар олохторун-дьаһахтарын, төрүт культураларын үөрэппитэ. «Юкагирдар XIX үйэҕэ» диэн научнай очерката бэчээттэммитэ. Кини 20-тэн тахса научнай үлэлэрдээх. Олор ортолоругар XVIII үйэ иккис аҥаарыгар сахалар сиргэ сыһыаннаһыыларын туһунан Сибиряков экспедициятын үлэтин чинчийиини, Аллараа Индигир сахаларын олохторун туһунан сорох историческай-этнографическай сибидиэнньэлэри, Э.К. Пекарскай, эбээн литературатын төрүттээччи Н. Тарабукин туһунан дьоһуннаах үлэлэри суруйан хаалларбыта.

Билигин үгүс ученайдар, автордар биһиги биир дойдулаахпыт К.И. Горохов үлэлэригэр сигэнэн, источник быһыытынан научнай үлэлэригэр туһаналларын, кини наукаҕа киллэрбит киэҥ кылаатынан киэҥ туттабыт.

Аллайыахаттан, төрөөбүт Бөрөлөөҕүн сириттэн бастакы ученай буолбут Кирилл Иванович Горохов күн сиригэр баара-суоҕа 36 сыл олорон, уонча эрэ сыл устата наукаҕа үлэлээн, бэйэтин кэннигэр умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыта. Кини төрөппүт кыыһа Татьяна Горохова аҕатын туйаҕын хатаран социолог-ученай буолла, кандидатскай үлэни ситиһиилээхтик көмүскээн Саха Государственнай университетыгар үлэлии сылдьар.

Бэйэтин норуотун төрүт тылын, культуратын дириҥник, уөрэтэн, чинчийэн Саха сиригэр эбээн тылын биир собус соҕотох научнай үөрэхтээҕэ Дуткин Христофор Иннокентьевич биһиги оройуоммут Ойоотуҥуттан төрүттээх. Кини Ленинградка Герцен аатынан институту бүтэриэҕиттэн учууталлыы сылдьан научнай үлэнэн дьарыктаммыта. Томскай уобаласка кэргэнин дойдутугар үлэлии сылдьан дойдутугар төннөн, научнай үлэнэн дьарыктанар санаалаҕын туһунан миэхэ сурук суруйар этэ. Биһиги ыҥырыы ыыппыппыт үрдүнэн кэргэниттэн тутуллан кэлбэккэ сылдьыбыта. 1970-с сыллардаахха дьэ Дьокуускайга төннөн кэлэн, науканан уһун сылларга дьаныардаахтык дьарыктанна. 1990 сыллаахха наука кандидатын аатын көмүскээбитэ, киэҥ эйгэлээх научнай-чинчийэр үлэни ыытан, эбээн тылын хас да учебнигын суруйда. Х.И. Дуткин элбэх научнай-популярнай үлэлэрэ бэчээккэ тахсытылаата. Билигин кини СГУ доцена. Кини «Аллайыаха туундаратын эбээннэрин кэпсэтэр тыллара» диэн кинигэтэ күн сирин көрдө. Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларынан дьарыктанар институтка отделы салайар. Эдэр ученай инникитин даҕаны наука кыһатыгар үлэлиир киэҥ былааннардаах.

Историческай наука кандидата, доцент, Саха государственнай университетыгар өр бириэмэҕэ преподавателынан, кафедра сэбиэдиссэйинэн ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар Горохов Семен Николаевич биһиги биир эмиэ дойдулаахпыт. Кини омугунан юкагир. Төрөппүттэрэ Усуйаанаттан төрүттээхтэр. Бэйэтэ Бөрөлөөххө улааппыта. Чокурдаах орто оскуолатын бүтэрэн баран культурнай-сырдатар оскуолаҕа үөрэммитэ. Оройуонугар кэлэн райкомол секретарынан үлэлээбитэ. Саха Госуниверситетын бүтэрэн баран университет преподавателынан үлэлии хаалбыта. Историческай наука кандидата буолбута, доцент, кафедра заведующайа. С.Н. Горохов сүүстэн тахса научнай, научнай-популярнай үлэлэр автордара, сурунаалларга, хаһыаттарга 200-чэ ыстатыйаны бэчээттэппитэ. Сүүрбэттэн тахса аан дойдутааҕы научнай конференцияларга кыттыыны ылан, араас темаҕа дакылааттары, иһитиннэриилэри оҥорбута. Кини үлэлэрэ английскай, французскай, испанскай, португальскай тылга тылбаастанан бэчээттэммитэ. Семен Николаевич Хотугу уонна бэйэтин төрөөбүт дойдутун ыччаттара үрдүк үөрэххэ киирэллэригэр, үөрэнэллэригэр куруутун көмөлөһөр. Кини көмөтүнэн үөрэхтэммит элбэх специалистар норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар үлэлии сылдьаллар. Онно кини үтүөтэ-өҥөтө улахан.

Хотугу кыраайы үөрэтиигэ элбэх историческай кинигэлэри суруйбут Русскай Устьеттан төрүттээх, Аллайыаха улахан патриота, биллэрин курдук, уһун сылларга норуот үөрэҕириитигэр, салайар советскай-партийнай үлэлэргэ эриллибит, буспут-хаппыт киһилээхпит. Кини краевед (кыраайы үөрэтээччи) Алексей Гаврилович Чикачев. Манна сыһыаран эттэххэ, Русскай Устье Чикачевтара маҥнайгы землепроходецтартан Федор Чихачевтан төрүттээх-уустаах көлүөнэ дьон. Алексей Гаврилович биэс бииргэ төрөөбүттэрэ бары үөрэхтээх буолбут үтүө үлэһит кэргэҥҥэ иитиллибит киһи. Кини быраата Иван Чикачев олохтоохтортон биир соҕотох полковник званиелаах Ис дьыала ветерана этэ. Улахан убайа Николай сааһын тухары сибээс тэрилтэлэригэр таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Вениамин, Юлия үрдук үөрэхтээх специалистар.

А.Г. Чикачев «Русскай Устье фольклора», «За дальними шиверами» диэн кинигэлэр автордара. Новосибирскайга «Русское Устье» диэн улахан үлэтэ тахсыбыта. «Нууччалар Индигиргэ», «Походск», «Туундара уола» диэн кинигэлэрэ ааҕааччылар биһирэбиллэрин ыллылар. Кини элбэх ыстатыйалара, номохторо саха сирин хаһыаттарыгар бэчээттэнэн тахса тураллар. А.Г. Чикачев төрөөбүт норуотун, маҥнайгы нуучча дьоно тыйыс айылҕалаах Муустаах муора биэрэгин булан олохсуйан, ууһаан-бииһээн, түөрт үйэ тухары тылларын-өстөрүн, өбүгэлэрин былыргы культураларын, үгэстэрин ыһыктыбакка, сүтэрбэккэ сайдан кэлбит остуоруйаларын дириҥник чинчийэн үөрэтэр. Ол туһунан билиҥҥи көлүөнэ дьоҥҥо киэҥник, итэҕитиилээхтик суруйан, историяҕа наадалаах краеведческай үлэни ыытар. Алексей, Вениамин Чикачевтар Русскай Устье 350 сыла туолуутунан сибээстээн элбэх кэрэхсибиллээх үлэни ыыппыттара. Өбүгэлэр саҕаттан доҕордуу олорон кэлбит хотугу омуктар үөрүүлээх бырааһынньыктарын тэрийбиттэрэ. Бэлиэ-памятник туруоран остуоруйаны сөргүппүттэрэ олус хайҕаллаах уонна махталлаах.

Саха суруйааччыта, Россия журналистарын чилиэнэ, тылбаасчыт Горохов Семен Николаевич үлэлэрин туһунан үөһээ ахтыыларбар сырдатан турабын.

Маны тэҥэ олохтоох дьонтон элбэх талааннаах автордар бааллар. Едукин Егор Васильевич «Чолбон» сурунаалга бэрт кэрэхсэбиллээх «Омукан» диэн кэпсээнэ тахсыбыта. И.А. Лебедев, С.С. Климовскай, Д.С. Едукин, Д.З. Слепцов, Е.К. Горохова курдук суруйар идэлээх дьоннор бэйэлэрин айымньыларынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэллэр.

Аллайыахалар киэн туттар атын да аҕыйаҕа суох дьоннордоохпут.

Биһиги оройуоммутутуттан төрүттээх Быйаҥныыр ыччата Горохов Николай Михайлович тулаайах сылдьан бэрт эрэйинэн да буоллар үрдүк үөрэҕи бүтэрбитэ, геолог идэтин ылбыта. Оҕо эрдэҕиттэн мындыр өйдөөх, иҥнэн-толлон турбат, дьаныардаах үлэһит буола улаатан, геолог эрэйдээх-эргиирдээх үлэтин этинэн-хаанынан билбит киһи. Кини төһөлөөх сири сатыы хаампыта, ыар сүгэһэри сүкпүтэ, төһө тонна тааһы-буору хаспыта-түөлбүтэ буолуой? Үс сыл Ботуобуйа экспедициятыгар дьаныардаахтык үлэлээн партия XXIII съеһин аатын ылбыт алмаас трубкатын аспыта. Ол иһин Үлэ Кыһыл Знамятын орденынан наҕараадаламмыта. 1969 с. «Интернациональнай» трубка аһыллытыгар быһаччы кыттыбыта. 30-тан тахса сыл Н.М. Горохов алмаастаах Мирнэйгэ геолог, главнай геолог быһыытынан үлэлээн Саха сиригэр алмаас промышленноһа сайдыытыгар улахан өҥөлөөх. Билигин пенсияҕа тахсан баран элбэх туһалаах общественнай үлэнэн дьарыктанар. Хаһыаттарга ыстатыйалары, ахтыылары суруйар. 1995 сылтан «Леннаучфильм» студиятын кытта кэпсэтии ыытан төрөөбүт Аллайыахатын туһунан документальнай киинэ уһултара сылдьар. Маны улуус олоҕор биир улахан суолталаах, хотугу норуоттар олохторун, культураларын, дьонун-сэргэтин үйэтитэр үлэ быһыытынан сыаналыахха сэп.

Салҕыы аах:

Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 9 чаас

Читайте дальше