Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 1 чаас

Быйыл 2024 сылга Саха сирин биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятелэ Евдокия Николаевна Горохова төрөөбүтүттэн 100 сылын бэлиэтиибит.

Өрөспүүбүлүкэбит осторуйатыгар ЫБСЛКС уобаластааҕы комитетын секретаринэн, ССКП Аллайыахатааҕы райкомун бастакы секретаринэн, Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бэрэссэдээтилинэн киирбитэ. Союзнай суолталаах персональнай пенсионер этэ.

Евдокия Николаевна төрөөбүт сиригэр — Аллайыаха улууһун сайдыытыгар бастыҥ оруолу оонньообута. «Мин Аллайыахам» кинигэни 40-ча саастааҕар, олоҕун-үлэтин үгэнигэр сылдьан суруйбут. Аллайыаха нэһилиэгин, улууһун остуоруйатын, улуус үөскээһинин, дьон-сэргэ олохсуйуутун, бастакы колхозтары, бөһүөлэктээһин кэмнэрин олус сиһилии суруйбут.

«Сайдыы суола» эрэдээксийэ өрөбүллэргэ ааҕааччыларыгар кыра-кыралаан бу кинигэни кытары билсиһиннэриэҕэ.

Бүгүн бастакы чааспытыгар киирии тыллар — Е.Н. Гороховаттан уонна 2014 сыллааҕы кинигэ хос таһаарыытыгар А.Н. Жирковтан, ол саҕанааҕы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ.

 

Е.Н. Горохова «Мин Аллайыахам» кинигэтэ

(А.Н. Жирков, Саха Республикатын Ил Түмэнин Председателэ, Е.Н. Горохова төрөөбүтэ 90 сылын бэлиэтээһини тэрийэр республикатааҕы хамыыһыйа председателэ)

Саха Республикатын биллиилээх государственнай уонна общественнай деятелэ, 1979-1985 сылларга Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Председателэ, РСФСР, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутата, Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, республика бочуоттаах олохтооҕо Евдокия Николаевна Горохова 90 сааһын бэлиэтиир республикатааҕы хамыыһыйа тэриллибитэ. Хамыыһыйа тэриллибитин истэн Евдокия Николаевна үөрбүтэ. Ол эрэн, дьылҕа атыннык дьаһайбыта. 2014 сыл кулун тутар 12 күнэ Е.Н. Горохова бу сиргэ олоҕор тиһэх күнүнэн буолбута. Онон кини 90 сааһын бэлиэтээһини тэрийиэхтээх хамыыһыйа Е.Н. Горохованы тиһэх суолугар атаарар хамыыһыйа үлэтин, онтон салгыы — Е.Н. Горохова төрөөбүтэ 90 сылын бэлиэтиир соругу ылыммыта.

Е.Н. Горохова 1924 сыллаахха, сурукка киирбитинэн, ахсынньы 12 күнүгэр, оттон бэйэтэ бэлиэтээн хаалларбытынан, кулун тутар ыйга, Дьэбдьэкиэйэ таҥара күнүгэр, оччолорго Усуйаана оройуонугар киирэр Аллыйкы (Аллайыаха) Бөрөлөөх нэһилиэгэр Кураанах Айаан диэн сиргэ 11 төгүл оҕоломмут ыалга төрөөбүт. Аҕата Николай Васильевич Дьааҥы Эҥэтиттэн, ийэтэ Анна Николаевна Томская Усуйаана Туматыттан эбиттэр. Кинилэр сүүрбэһис сыллар саҥаларыгар Бөрөлөөххө Муҥутуур диэн сиргэ Усуйаанаттан көһөн кэлэн, табаны — сүөһүнү тэҥинэн иитэн, бултаан, балыктаан олохсуйбуттар.

Ити Евдокия Николаевнаҕа аат биэрбит Дьэбдьэкиэйэ таҥара — Святая Преподобная мученица Евдокия диэн, православнай таҥара күнэ аныгы ааҕыынан кулун тутар 14 күнэ. Ол аата Е.Н. Горохова бу күн сиригэр лоп курдук 90 сыл кэлэн ааста.

«Республика чулуу дьоно» серияҕа Е.Н. Горохова туһунан кинигэ бэлэмнэнэр кэмигэр, кини бэйэтэ суруйбут ахтыыларын «Мин Аллайыахам» диэн ааттаан 1966 сыллаахха Верхоянскайга оройуон типографиятыгар бэчээттэтэн кинигэ оҥорон таһаартарбытын кыыһа, республика Национальнай библиотекатын библиотекара Л.Е. Корнилова аҕалан биэрбитэ. Хамыыһыйа быһаарыытынан бу кинигэ «Республика чулуу дьоно» серияҕа Е.Н. Горохова туһунан тахсыбыт кинигэни сэргэ саҥалыы бэчээттэнэр. Верхоянскай типографиятыгар тахсарыгар туттуллубут хаартыскалары көрдөөн булан, хаттаан киллэрдибит. Аҕыйах хаартыска кыайан көстүбэтэ, олору атын хаартыскаларынан солбуйдубут.

«Мин Аллайыахам» кинигэни Евдокия Николаевна 40-ча саастааҕар, олоҕун-үлэтин үгэнигэр сылдьан суруйбут. Аллайыаха нэһилиэгин, улууһун историятын, улуус үөскээһинин, дьон-сэргэ олохсуйуутун, бастакы колхозтары, бөһүөлэктээһин кэмнэрин олус сиһилии суруйбут. Ааспыт үйэ саҥатыттан 60-с сылларга диэри Аллайыаха сиригэр-уотугар олорон, үлэлээн ааспыт улэһит дьон, салайааччылар тустарынан чахчы үчүгэйдик билэр киһи быһыытынан кэпсээбит. Бу дойду ити кэмнэрдээҕи улэһит дьоно Евдокия Николаевна кинигэтигэр киирэн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ааттара ааттанар, үлэлэрэ-хамнастара холобур буолар кыахтаммытын бэлиэтиибит.

Биллиилээх государственнай уонна общественнай улэһит, хотугу дойду маанылаах кыыһа Е.Н. Горохова бэйэтин төрөөбүт сирин, бу дойду элэккэй улэһит дьонун туһунан иһирэх тыллара кини төрөөбүт хотугу дойдутугар умсулҕаннаах тапталын, ааспат ахтылҕанын, ахсаабат кыһамньытын бэлиэтэ буолан, Саха сирин олохтоохторун, биир дойдулаахтарын, хотугу дьон үтүө санааларын күүрдэ, өрүкүтэ сырыттын.

 

Киирии тыл

(Е.Н. Горохова)

Индигир өрүс бэрт өрдөөҕүттэн ыт, таба көлөлөөх омуктар олорор сирдэрэ этэ. Ол иһин буолуо, нуучча айанньыттара бу өрүһү «Собачья река» диэн ааттаабыттар.

Өрүс аллараа өттүгэр, мас саҕатыттан Муустаах муора кытылыгар диэри, туундараҕа, былыр-былыргыттан эбээннэр, юкагирдар ууһаан-тэнийэн олорбуттар. Наука чинчийиитигэр олоҕуран этэр буоллахха, XVII үйэ кэнниттэн Саха сирин киин улуустарыттан сахалар аҕыйах ахсааннаахтык да буоллар утуу-субуу хоту көһөн олохсуйан испиттэр. Онтон XVII үйэттэн нууччалар маҥнайгы айанньыттара муоранан уонна Индигир өрүс үөһээ өттүнэн, Зашиверскай куорат төрүттэниэн иннинээҕи кэмнэртэн, өтөн киирэн Индигир өрүс төрдүгэр олохсуйбуттар.

Бу араас омуктарга бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар атааннаһыы, саанан-саадаҕынан утарсыы буолбута биир үһүйээҥҥэ, сэһэҥҥэ баара биллибэт.

Индигир өрүс илин өттүн туундаратыгар уонна Ерча таастарыгар көһө сылдьар эбээннэр уонна юкагирдар олорбуттар. Кинилэр сүрүн хаһаайыстыбалара таба иитиитэ, кыыл табаны бултааһын этэ. Өрүскэ, күөллэргэ балыктыыллара, кыһыныгар түүлээҕи бултууллара.

Советскай былаас маҥнайгы сылларыгар тэриллибит Юкагир нэһилиэгэр 1925 с. 74 эрэ киһи баар диэн ыйыллыбыт. Ахсаан өттүнэн юкагирдар, эбээннэр ахсааннара олус аҕыйаабыта ыарыы, сут дьыллар содуллара, ону тэҥэ кинилэр Халыма диэки илин эҥэргэ тарҕанан барбыттара буолар.

Муустаах муора биэрэгэр, Индигир өрүс төрдүгэр Русское Устье диэн нуучча дьонноох бааһынай общината баар буолбута (XVII үйэттэн саҕалаан). 1925 с. 346 киһилээх этэ. Манна олохсуйбут нууччалар балык, түүлээх булдунан олохтоох дьонтон итэҕэһэ суох дьарыктанан олорбуттар. Ыт көлөнү сүрүн транспорт оҥостон Муустаах муора биэрэгин, арыыларын, элбэх боротуокалары, үрэхтэри, күөллэри тэлийэ көтөн өлгөмнүк бултуйан, эргинэн, дьиэлэнэн-уоттанан төрүт омук аатырбыттар.

Оройуон бастакы ученайа Кирилл Иванович Горохов (1928-1964 сс.) Аллараа Индигир сахаларын туһунан чинчийэн, үөрэтэн баран научнай үлэ суруйбута. Онуоха олоҕуран манныктары этиэххэ сөп. 1917 с. Октябрьскай революция иннигэр Аллараа Индигир сахалара Верхоянскай уокуругн Усуйаана улууһугар киирэллэрэ. Кинилэр төрүттэрэ Саха сирин киин улуустарыттан кэлбит дьон эбиттэр. Оччолорго сахалар олорор сирдэринэн 3 нэһилиэк баар эбит. II Күүрэ (II Кюринский), Үөдүгэй (Удюгейский), II Ногоот (II Ноготский) диэннэр.

Нэһилиэктэр икки ардыларыгар сир-уот араарсыыта (кыраныысса) диэн өйдөбүл суоҕа. Учаастактарынан, тоҕойдорунан үллэһик баара. Холобур, Үөдүгэй нэһилиэгэ Дьолоон, Бөрөлөөх, Аллыйкы үрэҕтэрин, Индигир өрүһүн сорох сирдэрин ылара.

Ногоот нэһилиэгэ Индигир өрүскэ Бөлкөчөх, Сэлиэп, Тииттээх, Эргэ үрэх тоҕойдорун хабара.

Сахалар олорор сирдэригэр 1925 с. 310 киһи баара.

Сахалар сүрүн дьарыктарынан балыгы, түүлээҕи, кыыл табаны бултааһын, таба иитиитэ буолара. Кэнники сылгыны, ынах сүөһүнү ииппиттэр.

Ити курдук билиҥҥи эбээннэр, сахалар, юкагирдар, нууччалар бэрт табыгастаахтык тарҕанан, оройуон сирин-уотун баһылаан, үллэстэн билиҥҥэ диэри туһунан улуус буолан олороллор. Ити этиллибитин курдук, улуус төрүт олохтоохторунан юкагирдар, эбээннэр, сахалар буолаллар. Былыр-былыргыттан кинилэр аҕа ууһунан олорбуттар. Кэнники кинээстэринэн бөлөхтөспүт буолуохтаахтар. Саха сирэ Россияҕа холбоһорун саҕана Индигир аллараа туундаратыгар баһылыгынан Аллай диэн ааттаах эбээн хорсуна олорбут. Кини өлбүтүн кэнниттэн кыыһа бэрт үтүө санаалаах Аллыйкы диэн дьахтар кинээстээбит.

Ол иһин нуучча чинчийээччилэрэ Россия картатын оҥороллоругар Аллайки сирэ (Земля Аллайхи) диэн ааттаабыттар. Индигиргэ туһэр үрэх нууччалыы Аллайха диэн ааттаммыт. Бэрт хойут оройуон киинэ Аллайха диэн буолбут. Нууччалыы — Аллайха, эбээннии — Аллыйкы — сөп тубэсиһэр ааттар. Сахалыы сурук-бичик тэнийбитин кэнниттэн ону саха тылын грамматикатыгар сөп түбэһиннэрэн «Аллайыаха» диэн суруйар буолбуттар. Олохтоох дьон маннык ааты уһуннук ылымматаҕа. Кырдьаҕастар, олохтоохтор Аллыйкы оройуона диэн ааттаан иннилэрин биэрбэт этилэр. Мин Дьокуускайга үөрэххэ тиийэрбэр: «Ханнык оройуонтан сылдьаҕын?» — диэн ыйыттахтарына, «Аллыйкы оройуонуттан», — диэтэхпинэ: «Ол тугуй, Аллыйкы буолбатах, Аллайыаха диэ», — диэн үөрэтэллэрэ. Онон Аллыйкы диэн төрүт омуктуу аат сахатыйан сүтэн-симэлийэн хаалбыт. Билигин төрүт аат- суол, тыл-өс норуот культуратын быһыытынан оннугар туһэр бириэмэтигэр сөп тубэһиннэрэн улуус аатын чуолкайдаан Аллыйцы улууһа диэн көннөрүөххэ сөп дии саныыбын.

Ол өрдөөҕү кэмнэри чуолкай маннык этэ диэн этэргэ уустук. Ол эрээри мин бэрт аҕыйах да буоллар архив докумуоннарыгар олоҕуран бэлиэтээһиннэри оҥорорго соруннум.

 

Салҕыы аах:

Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 2 чаас

Читайте дальше