Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 4 чаас

Быйыл 2024 сылга Саха сирин биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятелэ Евдокия Николаевна Горохова төрөөбүтүттэн 100 сылын бэлиэтиибит.

Өрөспүүбүлүкэбит осторуйатыгар ЫБСЛКС уобаластааҕы комитетын секретаринэн, ССКП Аллайыахатааҕы райкомун бастакы секретаринэн, Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бэрэссэдээтилинэн киирбитэ. Союзнай суолталаах персональнай пенсионер этэ.

Евдокия Николаевна төрөөбүт сиригэр — Аллайыаха улууһун сайдыытыгар бастыҥ оруолу оонньообута. «Мин Аллайыахам» кинигэни 40-ча саастааҕар, олоҕун-үлэтин үгэнигэр сылдьан суруйбут. Аллайыаха нэһилиэгин, улууһун остуоруйатын, улуус үөскээһинин, дьон-сэргэ олохсуйуутун, бастакы колхозтары, бөһүөлэктээһин кэмнэрин олус сиһилии суруйбут.

«Сайдыы суола» эрэдээксийэ өрөбүллэргэ ааҕааччыларыгар кыра-кыралаан бу кинигэни кытары билсиһиннэрин салҕыыр.

Бүгүн үһүс «Аймах-билэ дьонум» диэн чааспытыгар Евдокия Николаевна аймахтарын, дьиэ кэргэнин уонна бэйэтэ улаатар, үөрэнэр, үлэлиир түгэннэрин туһунан кэпсиир.

 

АЙМАХ-БИЛЭ ДЬОНУМ

Бу суруйууларбар төрөппүттэрим уонна бэйэм туспунан ахтан ааһарым сөптөөх дии санаатым.

Мин 1924 с. ахсынньы ый 12 күнүгэр Аллайыаха оройуонун Бөрөлөөх нэһилиэгэр «Кураанах айаан» диэн сиргэ төрөөбүтүм. Билиҥҥи «мамонт кылаабыһатын» чугаһыгар. Дьиҥинэн төрөөбүт ыйым кулун тутар эбит. Дьэбдьэкиэйэ таҥара күнүгэр.

Аҕам Горохов Николай Васильевич Дьааҥы Эҥэтиттэн төрүттээҕэ. Көрүҥүнэн үрдүк уҥуохтаах, наҕыл, көнө быһыылаах-майгылаах киһи этэ. Эдэригэр кыайыгас-хотугас, булчут, сытыы сырыылаах айаннаах этэ диэн билэр дьон ахталлар. Усуйаанаҕа көһөн кэлэригэр сылгы сүөһүлээх эбит. Ол иһин буолуо, олохтохтор киниэхэ «Сылгы Ньукулай» диэн аат иҥэрбиттэр.

Ийэм Анна Николаевна Горохова (Томская) Усуйаана Туматыттан төрүттээх. Кини аҕата Томскай Николай Алексеевич (Чорбоҥ Ньукулай) диэн эбит. Биһиги эһэбит балта Томская Степанида Алексеевна Слепцов Алексей диэн ойуун киһиэхэ кэргэн тахсан 10 оҕону төрөппүт. Степанида иккис кэргэнэ Томскай Прокопий Архиповичтан биир оҕолонор. Кини аата Томская Марфа Прокопьевна. Бу кыыс аҕата, ийэтэ өлбүттэрин кэннэ аҕатын быраатыгар Томскай Алексей Архипович диэн Усуйаана улууһун кулубатыгар иитиллибит. Томскай Григорий Алексеевич диэн киһиэхэ кэргэн тахсыбыт, 6 оҕону төрөппүт. Улахан уола Николай 1925 с. төрөөбүт. Билигин Бүлүүгэ эргиэн үлэһитэ. Март диэн уола булчут, Гаврил — пенсияҕа олорор, Алексей — тракторист. Ирина 1991 с. ыалдьан өлбүт. Екатерина 1932 с. төрүөх. Ийэлэрэ Марфа Прокопьевна 55 caaһыгap Тумакка олорон өлбүт.

Бу мин ийэм төрүттэрин, аймахтарын туһунан миэхэ 1994 с. Екатерина Григорьевна Томская (Барабанская) биһиги ийэбит хос балта кэпсээбитэ. Екатерина Усуйаана улууһугар олорор. Кини биһиги ийэбитигэр үhүc хос балта. Эбэтэр биһиги ийэбит аҕатын бииргэ төрөөбүт балтын Степанида Марфа диэн кыыһын кыыһа. Екатерина Григорьевна 5 oҕолoox: Марфа Слепцова библиотекарь, Тумакка олорор, 5 оҕолоох, кини биир кыыһа Снежана Слепцова Благовещенскай куоракка китай тылыгар үөрэнэр; Надежда Кладкина — үрдүк юрист үөрэхтээх, 2 oҕолoox: Мария Болонова — педагог идэлээх, кини биир оҕолоох; Мария Ключкина — иистэнньэҥ, 2 oҕолоox; Александра Бочкарева тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ, 3 оҕолоох, Казачьеҕа олорор. Екатерина аҕата Томскай Григорий Алексеевич уонна Томскай Алексей Алексеевич бииргэ төрөөбүттэр. Алексей Алексеевич дойдутугар, республикаҕа биллэр бастыҥ булчут, икки Үлэ Кыһыл Знамята орденнаах, 80 сааһын ааһан эрэр.

Аҕабыт аймахтарыттан биллэринэн Горохов Федор Федорович диэн баар. Кини үс уоллаах — Николай, Алексей Александр диэннэр. Бу дьонтон биирдэстэрэ миигин кытта көрсө сылдьыбыта.

Биһиги аҕабыт бииргэ төрөөбүт балта Варвара Васильевна Горохова Бөрөлөөххө олорон 97 caaһыгар өлбүтэ. Кыыһа Рожина Анастасия Алексеевна нэһилиэк Советын секретара этэ. Кини уола Рожин Николай Егорович билигин нэһилиэк администрациятын баһылыгынан үлэлиир, 3 оҕолоох, сиэннэрдээх.

Аҕам, ийэм төрүттэрин-уустарын туһунан миэхэ биллэринэн итинник. Онон мин төрөппүттэрим көлүөнэлэрэ Дьааҥы, Усуйаана, Аллайыаха улуустарыгар тарҕанан yyhyy-бииһии олордохторо. Онтон элбэх ахсааннаах сиэннэр, хос-хос сиэннэр Саха сирин араас улуустарыгар үлэлии-хамсыы, oҕо төрөтөн өбүгэлэрин ааттарын ааттата сырыттахтара. Ол туһунан кинилэр билиэхтэрин наада диэн мин бэйэм тугу билбиппин сиһилии суруйабын.

Сүүрбэһис сыллардаахха Саха сиригэр, хоту да сирдэргэ былаас элбэхтик үрүҥнэр, кыһыллар илиилэригэр киирэ сылдьыбыта. Мин төрөппүттэрим ити сылларга оҕолорбутун «баандаҕа ылыахтара» диэн куттанан Усуйаанаттан атах балай илин диэки түспүттэр. Оҕолорун ити курдук күрэтэр, ол саҕана үгүс эбиттэр. Ону кырдьаҕастар билигин даҕаны «Күрүүр сыл» диэн ахталлар.

Биһиги дьоммут, дьэ, ити курдук, билиҥҥи Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин сиригэр кэлэн олохсуйбуттар. Мин оҕо сааһым Муҥутуур диэн улахан күөллээх, тула өттө оттуур ходуһалардаах, киэҥ дэлэгэй сыһыыга (алаас курдук сир) ааспыта. Билигин сааһыран олорон санаатахха, ол кэмнэр кэрэ, ахтылҕаннаах да эбиттэр. Манна олохсуйуохтарын иннигэр мин дьонум булдунан иитиллэн олорбуттар. Бөрөлөөх, Хоромой үрэхтэрин кэрийэн, көһө сылдьан, табаны иитэн, бултаан, балыктаан айахтарын иитинэн олорбуттар. Кинилэр 11 оҕоломмуттар, онтон 7 оҕо улаатан дьон буолбуттар. Атыттар кыраларыгар өлбүттэр.

Ити сылларга Абыйтан Ураһалаах нэһилиэгин киһитэ Слепцов Петр Васильевич (Бүөтүрчэ) диэн 8 оҕолоох ыал эмиэ күрээн кэлэн ити этиллэр Муҥутуур сыһыытыгар олохсуйбуттар. Ынах, сылгы сүөһүнү Абыйтан үүрэн аҕалан саха сүөһүтүн тутан олорбуттар. Биһиги дьоммут кинилэри кытта көрсөн уруу-аймах буолбуттар. Биһиги улахан эдьиийбит Огдооччуйа Слепцовтар Мэхээлэ диэн уолларыгар кэргэн тахсыбыт. Онон биһиги дьоммут ынах, сылгы сүөһүлэнэн Муҥутуурга олохсуйбуттар. Мин өйдүүрбэр манна икки сахалыы балаҕан дьиэ, ампаар, хотон, күрүө-xahaa баара. Дьиэ-уот, oҕo-ypyy, булт-ас дэлэй, ньир курдук олохтоох ыаллар этибит. Бүөтүрчэ оҕонньор барыга бары дьоҕурдаах киһи этэ. Тимиртэн, мастан, мамонт муоһуттан араас оҥоһуктары уһанара. Быһах охсоро, сүгэ, өтүйэ кутара. Уһанар дьиэлээх, күөртээх этэ. Мас иһиттэри, тууйастары, муос тараахтары, кырабыайкалары оҥорорун өйдүүбүн.

Оччолорго Муҥутуур Усуйаанаттан Абыйга барар кыһыҥҥы суол аана этэ. Онон сотору-сотору сырыы тохтоло суох буолара.

Биһиги оройуоммутугар Советскай былаас олоҕурар, табаарыстыбалар, колхозтар тэриллэр сылларыгар мин убайдарым, эдьиийим, атын да аймах дьоннорум актыыбынайдык үлэлээбиттэрэ, хас биирдиилэрэ кыттыбыттара.

1930 сыллаахха диэри Аллайыаха нэһилиэк быһыытынан Булуҥ уокуругун Усуйаана улууһун иһигэр киирэрэ. 1931 сыллаахха ыам ыйыгар оройуон Советын маҥнайгы съеһэ ыҥырыллан Аллайыаха туспа оройуон быһыытынан тэриллибитэ.

Ол сылларга мин улахан убайым Горохов Афанасий Николаевич I Бөрөлөөх нэһилиэгэр маҥнайгы тэриллибит «Сирдьит» диэн табаарыстыба председателинэн талыллан үлэлээбитэ. Кини 1910 сыллаах төрүөх этэ. 22 caacтааҕap партия кэккэтигэр киирбитэ. Нэһилиэккэ маҥнайгы комсомол, коммунист эбит. Кини 1934 сыллаахтан оройуон киинигэр «Интегралсоюз» диэн нэһилиэнньэни аһынан-таҥаһынан хааччыйар тэрилтэҕэ инструкторынан үлэлээбитэ. Эдэр сааһыгар 1936 с. тымныйан ыалдьан өлбүтэ. Оройуон урукку киинигэр көмүллүбүтэ.

Эдьиийим Слепцова Евдокия Николаевна бэйэтин нэһилиэгин дьонун ортотугар убаастанар, биллэр-көстөр үлэһит дьахтар этэ. Нэһилиэк Советын председателинэн, ынах сүөһүнү иитэр ферма бригадирынан үлэлээбитэ. Оройуон Советын депутата этэ. Сэрии сылларыгар ыалдьан өлбүтэ. Муҥутуурга көмүллэ сытар.

Ортоку убайым Горохов Спиридон Николаевич нэһилиэккэ комсомольскай тэрилтэ секретарынан, «Сталинскай пятилетка» колхоз председателинэн үлэлээбитэ. Кэнники сылларга республикаҕа биллэр булчут буолбута. Кыра убайым Горохов Афанасий Николаевич II эдэриттэн комсомолга киирэн актыыбынайдык үлэлээбитэ. Оройуон киинигэр үөрэнэн 4 кылааһы бүтэрэн баран РИК аппаратыгар үлэлии сырыттаҕына Дьокуускайга партийнай-советскай курска үөрэххэ ыыппыттара. Мин оччолорго 4 кылааска үөрэнэ сылдьарым. Убайым табалаах сыарҕаҕа олорон, кэнниттэн хаар өрүкүйэ хаалбыта бу харахпар көстөргө дылы. Үөрэҕин бүтэрэн баран Булуҥ райисполкомун инструкторынан үлэлии сылдьан сыынгалаан 1937 с. хомолтолоохтук өлбүтэ. Ийэбитигэр чаһытын, хаартыскаларын ыыппыттарын өйдүүбүн.

Мин кыра oҕo сааһым оччотооҕу олох-дьаһах уларыйар, саҥа олох тэриллэр, күргүөмнээх үлэ-хамнас оргуйар сылларыгар ааспыта. Биһиги Муҥутуурбутугар caҥa олох сабыдыала эмиэ биллибитэ. Бүөтүрчэ оҕонньор кыра уола Слепцов Василий Петрович (Баһыкаан) суруйарынан Муҥутуурунан кэлэн ааспыт Татаринов диэн киһи сахалыы кинигэ хаалларбыт. Ол кинигэ буукубаларын үөрэтэннэр кинилэр ааҕар-суруйар буолбуттар. Мин убайдарым хоонньуларыгар киирэн бу кинигэ хартыыналарын, буукубаларын бэркэ сирийэн көрө-истэ сатыырбын өйдүүбүн. Кинилэр мунньахтарга сылдьан кэлэн баран, киэһэни быһа олох-дьаһах туһунан күргүөмнээхтик кэпсэтэллэрин, мөккүһэллэрин истэ сатыыр этим. Бу барыта, билигин санаатахха, сабыдыала суох хаалбатах эбит.

Мин 1932 сыллаахха 8 саастаахпар оройуон киинигэр оскуолаҕа үөрэнэ киирбитим. Оскуолаҕа хайдах үөрэнэ барбытым туһунан Модин Павел Михайлович диэн оччолорго биһиги оройуоммутугар үлэлээбит Саха Киин Ситэриилээх Комитетын инструктора миэхэ сурук суруйан турар.

Кини этэринэн, ол сылларга 25 көстөөх ыраах сиртэн оройуон киинигэр кыра оҕону үөрэххэ ыытары төрөппүттэрэ улаханнык ыарырҕатар, сорохтор утарсар эбиттэр. П.М. Модин мин ийэбэр: «Эн уолун кыра Охонооһой үөрэнэ сылдьар. Аны кыыскын Дьэбдьиэни ыытыахха. Баҕар, кыыһын үөрэхтээх ыччат буолан дьонун-сэргэтин туһугар үлэлиир киһи буолан тахсыаҕа», — диэн өйдөппүт. Биһиги ийэбит төһө эмэ иһигэр эрэйдэнэн, уһуннук толкуйдаан баран сөбүлэһэн миигин үөрэххэ ыыппыт. Эһиилигэр ыаллыы Быйаҥныыр нэһилиэгэр оскуола аһыллан иккис-үhүc кылаастарга онно үөрэммитим. Ийэм миигин үөрэттэрээри кыра оҕолорун илдьэ баран интернакка остуорастаан, мас мастаан, oһox оттон кыра хамнаска үлэлээн сылдьыбыта. Бэйэтин нэһилиэгин оҕолорун эмиэ көрөн-истэн, таҥастарын-саптарын тигэн икки кыһыны быha сылдьыбыта. Yhүc кылааска үөрэнэ сырыттахпына ийэм саамай кыра уолун оҕолоно оройуон киинигэр убайым аахха киирэн олоро сылдьыбыта. Каникулбар ийэм аахха кэллим. Кыра бырааппын көрөн, дьоммор ахтылҕаммын таһааран, нуучча ohoҕop буспут килиэби сиэн, бирээнньиги, кэмпиэти амсайан үөрэ-көтө сырыттым. Каникулум бүтэ охсон оскуолабар төннөр күнүм кэллэ. Мин испэр манна үөрэнэ хаалар инибин дии санаан «оскуолабар барбаппын», диэн буолан турдум.

Ийэм элбэх саҥата суох миигин суолга таҥыннарбытынан барда уонна ыттаах сыарҕаҕа тaһaapaн олордон кэбистэ да дьиэтин аанын саба баттаата. Өскөтүн ийэм оччолорго миигин аһынан атаахтаппыта буоллар үөрэхпин бырахпыт да буолуохпун сөп эбит. Мин биир саастыылаахтарым үөрэммэккэ хаалбыттара үгүс этэ. Эһиилигэр 1936 сыллаахха төрдүс кылааһы оройуон киинигэр бүтэрбитим. Үөрэппит учууталларбын Максимов Н.П., Филиппов В.Е., Горохова (Гуляева) Елена Прокопьевнаны, Жирков Роман Степановиһы улахан махталынан саныыбын.

Маҥнайгы кылааһы бүтэрэн дойдубар Муҥутуурга сырыттахпына учууталым Елена Прокопьевна биһиэхэ кэлэн сайылаабыта. Киниэхэ колхозтан биир «Самыырдаах» диэн ааттаах ыанар ынаҕы сыһыарбыттара. Мин учууталбын кытта бу ынахпытын көрөр-истэр этибит. Үөрүөхпүт иһин ынахпыт игирэ ньирэйдэри төрөппүтэ. «Сирдьит» уонна «Сулус» диэн ааттаах тыһылаах оҕус тарбыйахтарбытын оҕо курдук оҕолуур этибит. Елена Прокопьевна бэрт эйэҕэс, сайаҕас, көрдөөх-нардаах киһи этэ. Кини оройуоҥҥа комсомольскай тэрилтэ маҥнайгы секретарынан үлэлээбитэ. Кэнники Саха АССР Үтүөлээх учуутала буолбута, куруутун көрсөр, биллэр этибит. САССР 50 сааһын туолар юбилейыгар ыҥырыллан Чокурдаахха кэлэн ыалдьыттаан барбыта.

Учууталым Жирков Роман Степанович Быйаҥныыр оскуолатыгар үөрэппитэ. Кини сааһынан эдэр, бэрт үлэһит, барыга-бары дьоҕурдаах киһи этэ. Нэһилиэк үлэтигэр көхтөөхтүк кыттара. Лекция, доклад оҥороро. Улахан дьону ликбезкэ үөрэтэрэ. Арыт миигин көмө оҥостон улахан дьону үөрэттэрэрэ. Мин уҥуохпунан кыра буоламмын чуурка үрдүгэр туран дуоскаҕа суруйарым. «Үөрэнээччилэрим», бары да саастаах дьон, учууталбыт олус да кыра киһи дии-дии дьээбэлэнэр этилэр. Оттон уруокка киирэн бэрт болҕомтолоохтук үөрэнэллэрэ. Роман Степанович Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмыт сылыгар дойдутугар Чурапчыга баран, армияҕа сэрии бүтүөр диэри сылдьан, төннөн кэлбитэ. Элбэх бойобуой наҕараалардаах. Эдьигээн оройуонугар өр сылларга учууталлаабыта. Кыайыы 50 сылыгар хоту үлэлээбит оройуонугар Чокурдаахха сылдьан үөрэн-көтөн кэлбитэ.

Мин иккис-үһүс кылаастары бүтэрэн сайын Муҥутуурбар үөрэн-көтөн кэлэр буоларым. Үөрэхтээх киһи буоламмын дьоммор кинигэ aaҕap, кэпсиир этим. Ордук эһэбит Бүөтүрчэ оҕонньор улаханнык сэҥээрэрэ. Биһиги кэргэн «чээчэбит» диирбит. Оттон ийэбитин бука бары «мааха» диэн ааттыырбыт. Улахан да дьон «Охонооһой маахата», «Оҕолор маахалара» диэн убаастаан ыҥыраллара.

Өбүгэбит миигин тыыга мэҥэстэн балыктыыр сиригэр илдьэ барара. «Саҥа олох» диэн бэрт элбэх ойуулардаах кинигэ сайын устата илдьирийиэр диэри ааҕыллыбыта. Өбүгэм хата бэйэтэ хас илииһин aaҕa билэр буолбута. Биирдэ Ленин мэтириэтэ ойууламмытын көрөн олорон: «Тукаам, бу түөһүгэр төбөлөөх курдук туох көстөрүй?», — диэтэ. Мин көрө сатаан баран бэрт холкутук: «Бу оҕото», — диэтим. Kиһим сирийэн көрө-көрө: «Дьэ саарбах», — диэтэ. Ити биһиги Ленин маҕан туочукалаах хара хаалтыһын туһунан кэпсэтэр этибит. Оччолорго хаалтыс диэн харахтаабатах дьоммут.

Бу биһиги олорбут Муҥутуурбут колхоз 70-ча сүөһүгэ сиир ото оттонор ходуһалардаах сыһыы. Уҥуор өттүгэр сайылык баара. Бу күөлү тула cүөһү мэччийэр уолбуттара бааллара. Сайын сүөһүнү онно мэччитэр этилэр. Аны туран Быйаҥныыр диэки өттүгэр «Кырдьаҕас Муҥутуур» диэн улахан уолбут баар. Онно хас да сылгы үөрүн тутар этилэр. Кыһыныгар хаһыылаах, сайыныгар киэҥ мэччирэҥнээх сирдэр бааллар. Муҥутууртан биир көстөөх сиргэ «Үүкүлээх» диэн сайылык эмиэ бэрт киэҥ ходуһалардаах сыһыылаах. Билигин даҕаны бу сирдэргэ ынах, сылгы сүөһүнү үөскэтиэххэ сөп этэ.

1935-36 үөрэх сылыгар оройуон киинигэр Аллыйкыга үөрэнэн төрдүс кылааһы бүтэрбитим. Аллыйкы сэлиэнньэтэ Индигиргэ түһэр Аллыйкы диэн үрэх үрдүгэр турар. Булуҥтан, Усуйаанаттан Халымаҕа, Абыйга барар суол манан этэ. Онон кэлии-барыы, дьаам, эргиэн, таһаҕас таһыыта быыстала суох буолара. Мин үөрэнэ киирэрбэр уонча балаҕан, биир эмэ ампаар дьиэ баара. Киһи xapaҕap быраҕыллара аҕыс муннуктаах таҥара дьиэтэ этэ. Бу таҥара дьиэтин куолакаллара олбуор иһигэр түһэн сыталлара. Олору кэнники Дьокуускай диэки илдьэ барбыттара. Биһиги, оҕолор таҥара диэтин иһигэр куучалана сытар бэрт ула­хан, кыра даҕаны таҥара туһунан кинигэлэри сурунар кумааҕы, тэтэрээт оҥостop этибит. Бy дьиэни Нардом, кэнники клуб оҥостубуттара. Кэнники Чокурдаахха көһөрөн клуб туппуттара.

Оскуола дьиэтэ кэҥэс соҕус охсуу дьиэҕэ этэ. Манна сыһыары турар ампаарга оҕолор араас оҥоһуктара хомуллан туруоруллубута. Улахан да дьон төрөппүттэр сыарҕаны, пааһы, чааркааны, сүгэни, хотууру, араас туттар сэби-сэбиргэли аҕалар этилэр. Ол билиҥҥи оскуола музейдарын курдук эбит. Мин маны олус сөҕө-махтайа саныыбын, үтүө санаалаах, үлэһит учууталлар оччолорго хайдах курдук кыһанан үлэлииллэрин.

Аллыйкыга маҥнайгы учууталынан Слепцов Пантелеймон Иннокентьевич кэлэн 1928 с. оскуоланы аспыт. Онтон Филип­пов Василин Егорович, Горохова Елена Прокопьевна учууталлаабыттара. Ити кэмҥэ бэһис кылаас суоҕа. Ол иһин биһиги, төрдүс кылааһы бүтэрбит оҕолор, нэһилиэктэрбитигэр тарҕаспыппыт. Улахан саастаах оҕолор сурук үлэтигэр анаммыттара. Мин Лебеде­ва Анисия диэн кыыстыын Бөрөлөөххө төннөн Муҥутуурга ынах сүөһүгэ үлэлээбиппит. «Үүкүлээх» диэн сиртэн оҕуһунан от тиэйэр этибит. Ол сылдьан биирдэ ууга түһэн өлө сыспыппыт. Саас этэ, күөллэр ырбыылаан суол быстан, сыарҕалаах оппут, оҕустарбыт уонна бэйэбит ырбыыга түһэн муус анныгар бара сыспыппыт. Чугаспытыгар масчыттар баар буоланнар, көрөн, быыһаан тураллар.

Ол сыл нэһилиэк киинигэр эргэ Төбүлэххэ сатыы сылдьан политкружокка үөрэнэр этибит. Нэһилиэнньэ ортотугар агитаторынан үлэлиирбит, культурнай-маассабай үлэҕэ кыттарбыт. Онон биир сыл биллибэккэ ааспыта.

Хомолтолооҕо диэн ити кыһын маҥнай аҕабыт өлбүтэ. Онтон сотору 1936 сыл саҥатыгар улахан убайбыт Охонооһой туундараҕа командировкаҕа сылдьан эмп-том суох сиригэр өрүһүммэккэ өлөр. Бу биһиэхэ, ордук ийэбитигэр улахан охсуу, ыарахан аһыы этэ. Убайбын оройуон киинигэр көмпүттэрэ. Ийэм онно сылдьан баран, биһиги Муҥутуурга аспыт быстан аччыктаан олордохпутуна кэлэн, таба этин буһаран аһаппытын, өргө диэри ол ас сытын, амтанын умнубакка өйдүүр этим.

1936 с. оройуон киинэ саҥа тутулла турар Чокурдаах бөһүөлэгэр көспүтэ. Манна 1937 с. күһүнүгэр 7 кылаастаах оскуола аһыллыбыта. Мин улахан үөрүүнэн бэһис кылааска үөрэнэ киирбитим. Чокурдаахха олорор дьиэлэр, маҕаһыын, бэкээринэ, ыскылааттар тутулла тураллара. 25 миэстэлээх больница тутуллан бүппүт этэ. Бу улахан больницаны Мокровскай Сергей Павлович диэн нуучча киһитэ, врач бэйэтинэн кыттан, илиитигэр сүгэ, эрбии тутан, тутуу маһын Муоматтан болуоттаан аҕалан туттарбыта. Балыыһа ис өттө маҥан кырааскалаах элбэх палаталардаах, операция оҥорор кабинеттаах, дьахтар оҕолонор хостоох, биһиги көрөрбүтүгэр олус улахан түннүктэрдээх сүүнэ тутуу этэ.

Аллыйкыттан көһөрүллүбүт Управа 4 хостоох дьиэтигэр (эбии учууталларга сыһыары тутуллубут хостоох) үөрэнэрбит. Таҥара дьиэтин маһыттан кулууп тутуллубут этэ. Оччолорго Чокурдаахха киһи ахсаана элбээн испитэ, Дьокуускайтан учууталлар, эмп үлэһиттэрэ кэлбиттэрэ. Маҥнайгы самолеттары, пароходтары, катердары биһиги оҕолор, олохтоох дьон сөҕө-махтайа көрөрбүт. Самолет кэллэҕинэ үөрэнэ да олорон биэрэккэ сүүрэн киирэрбит. Маҥнайгы полярнай летчиктар Водопьянов, Мазурук көтөр кэмнэрэ этэ.

Килиэби, буулканы, минньигэс астары саҥа амсайбыппыт. Маҥнайгы пароход таһаҕаһы, аһы, таҥаһы, малы-салы аҕалан биэрэккэ сүөкээбитэ бу элбэҕин, дэлэгэйин сөҕө көрөрбүт. Нэһилиэнньэ бүттүүнэ оҕолуун-уруулуун киирэн баржалартан таһаҕаһы сүөкэһэрэ.

Оскуола оҕолоро интернакка олорон үөрэнэллэрэ. Тыаттан киирээппин кытта миигин Дьокуускайтан кэлбит аймахпыт дьахтар ыҥыран, биһиэхэ олорон үөрэниэҥ диэн дьиэтигэр илдьэ барбыта. Кини ити мин үөһээ ахтыбыт Бүөтүрчэ оҕонньор кыыһа Ааныска диэн этэ. Кини Мэҥэ-Хаҥаластан төрүттээх Васильев Иван Петрович диэн киһиэхэ кэргэн тахсан Чокурдаахха көһөн кэлбиттэрэ. Мин бу ыалга үс сыл олорон 7 кылааһы бүтэрбитим. Бу ыал миигин бэйэлэрин оҕолорун курдук тутан, аһатан, таҥыннаран олорпуттара. Иван Петрович ыскылаат сэбиэдиссэйинэн үлэлиирэ. Кыра үөрэхтээх, суруксут, ахсааны-суоту иҥнибэккэ ааҕар, нууччалыы үчүгэйдик билэр киһи этэ.

Оччолорго эргиэҥҥэ барыта кэриэтэ нуучча дьоно үлэлииллэрэ. Васильев кинилэри кытта тэҥҥэ сылдьар, аахсар, баһыйар да быһыылааҕа. Кини киэҥ «шаровар» ыстааннаах, телогрейкатын кэтит хара таҥаһынан ыга курдаммыт бөдөҥ көрүҥнээх киһи этэ. Кинини «Киэҥ Ыстаан Баһылайап» диэн ааттыыллара.

Иван Петрович араас үчүгэй кэпсээннэрдээх оҕо ааҕарыгар сөптөөх кинигэлэри аҕалан аахтарара. Сталин, Молотов оҕолорун кытта курорка сылдьан түспүт хартыыналардаах кинигэлэрэ эмиэ бааллара. Онтон мин Сталин кыыһа Светлана диэн ааттаах эбит диэн оҕолорго кэпсиирбин өйдүүбүн. Биирдэ миэхэ Иван Петрович бэрт мааны, икки ааннаах тирии бартыбыал атыыласта. Мин оскуолаҕа тиийээппин кытта оҕолор бартыбыалбын хабан ыллылар уонна: «Ок-сиэ, бу Киэҥ Ыстаан Баһылайап кыыһын бартыбыалын көрүҥ эрэ», — дии-дии илииттэн илиигэ түһэрдилэр. Ордук Костя Трофимов күннээтэ, дьээбэлэннэ. Онуоха мин хардарсан: «Эн да Костя, Слепцов милиция уола буолбаккын дуо?», — диэтим. Дьэ, итинник көр-нар, күлүү-үөрүү аргыстаах үөрэммит эбиппит. Мин ити сылларга үчүгэйдик үөрэнэрбэр Иван Петрович уонна Анна Петровна улахан өҥөлөөхтөр. Ол иһин кэнники даҕаны кинилэри ытыктыы, махтана саныырым. Иван Петрович арыт холуоччуйан баран: «Оҕом хаһан эрэ, хаһан эрэ киһи буолуоҕа», — диирин өйдүүбүн. Үлэһит буолан баран бу миигин иипиит, үөрэттэрбит дьоҥҥо көмөлөһө сатыыр этим.

Ийэм ити сылларга икки кыра уолаттарын Сэмэни уонна Баасканы, сиэннэрин илдьэ сылдьан Быйаҥныыр оскуолатыгар үөрэттэрбитэ. Бэйэтэ уруккутун курдук оскуолаҕа, интернакка остуорастаан айаҕын ииттэрэ. Сайыныгар нэһилиэгэр кэлэн туундараҕа киирэн балыктаһара.

Мин сэттэ кылаастаах оскуолаҕа биһигини үөрэппит, олохпутугар сырдык кыымы сахпыт учууталларбын дириҥ махталынан саныыбын. Кинилэр инники өттүгэр үөрэнэрбитигэр, үлэлиирбитигэр улахан сабыдыалы оҥорбуттара. Директорбыт Захаров Савва Иванович диэн Хаҥаластан төрүттээх этэ. Кини Захаров Андрей Иванович диэн обком секретарынан үлэлии сылдьыбыт киһи бииргэ төрөөбүт убайа. Чокурдаахха Русскай Устьеттан олохтоох нуучча дьахтарын кэргэн ылан уһуннук үлэлээбитэ.

Винокуров Владимир Иннокентьевич, Винокуров Гаврил Иванович, Попова Нина Ивановна, Эляхов Афанасий Иванович уо. д. а. бэртээхэй учууталлар бааллара. Сэрии сылларыгар биһиги оскуолабытыгар кэнники саха биллиилээх суруйааччыта буолбут Габышев Николай Алексеевич ийэтинээн Мария Гавриловналыын (ЯЦИК председателин Габышев А. Г. эдьиийэ) кэлэн учууталлаабыта. Хоту дойду олоҕуттан хас да кинигэни суруйбута. Попов Тимофей Павлович, Макарова Варвара Ивановна диэн кэргэннии дьон, Анисимов Семен Николаевич, Аржаков Константин Терентьевич үлэлээбиттэрэ.

Учууталларбыт нэһилиэнньэ ортотугар улахан сабыдыаллаах, авторитеттаах, билиилээх-көрүүлээх, бэртээхэй улэһит дьон этилэр. Сайыныгар нэһилиэктэргэ тахсан от оттоһоллоро, дакылаат, лекция ааҕаллара.

Мин Чокурдаах 7 кылаастаах оскуолатын 1940 сыллаахха бүтэрбитим. Барыта 12 буолан бүтэрбиппит. Улахан саастаах оҕолорбутун сельскэй Совет секретардарынан, колхозка суоччутунан, оройуон тэрилтэлэригэр үлэҕэ ыыппыттара. Миигин кытары 7 кылааһы бүтэрбиттэртэн Слепцов Гаврил Алексеевич (Бүөтүрчэ оҕонньор сиэнэ) партийнай үлэһит, Садовников Спиридон Петрович нассовет председателэ, Чахов Петр Федотович — бухгалтер, Докунаев Василий Петрович партийнай үлэҕэ, Рожин Нестор Николаевич советскай үлэҕэ, кэнники биллэр балыксыт, Трофимов Константин Алексеевич — биллиилээх табаһыт («Бочуот Знага» орденнаах), Черемкин Николай Николаевич хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ, уо. д. а. өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.

Мин сааспынан кыра буоламмын партия райкомугар парткабинекка библиотекарынан анаммытым, онтон техсекретарь буолбутум. Манна 1940-1948 сс. үлэлээбитим. 1940 с. комсомолга киирбитим. Нөҥүө сылыгар сэрии буолбута иһиллибитэ. Партия райкомугар Совинформбюро бюллетенэ телеграбынан кэлэрэ. Ону биһиги копиркалаан илиибитинэн суруйан тэрилтэлэргэ, нэһилиэктэргэ ыытарбыт. Бу үлэни бэрт кыһамньылаахтык, түргэнник oҥopop этибит.

Сэрии сылларыгар биһиги оройуоммут булчуттара, табаһыттара, балыксыттара, бары үлэ салаатын үлэһит дьоно фроҥҥа көмөлөһөн күүстэрин харыстаабакка, үтүө суобастаахтык үлэлииллэрин өйбүнэн-санаабынан билбитим. Элбэх ыарахаттары көрсөн, аччыктаан, тоҥон-хатан, бэһилиэннэй үптэрин, астарын-таҥастарын фроҥҥа ыыталлара. Оройуон ыччаттара төһө кыах баарынан, оччотооҕу кыһалҕалаах сылларга, ханнык да үлэ буол-лун, толлон турбакка үлэлиир этибит. Мин бу да ыарахан сылларга салгыы үөрэнэргэ дьулуһарым. Учуутал буолар санаа миигиттэн арахсыбат этэ. Мин дьолбор 1943 с. Булуҥҥа педучилище аһыллар сураҕа иһиллибитэ.

Биһиги Лебедев Спиридоннуун иккиэ буолан үөрэнэ барар буолбуппут. Ити курдук сэрии ыарахан сылларын аахсыбакка Саха АССР правительствотын дьаһалынан хотугу норуоттар ыччаттарын үөрэтэн норуот үөрэҕириитин кадрдарын бэлэмнээһин соруга турбута. Манна Чурапчы оройуонуттан көһүүгэ кэлбит ыччаттар, Прибалтика поселенецтара эмиэ үөрэммиттэрэ. Үөрэнэр база cyoҕa. Орто оскуола дьиэтигэр киэһэ оттүгэр үөрэнэрбит. Интернат эргэ баанньык дьиэтигэр аһыллыбыта. Директорынан Никифоров Андрей Григорьевич (РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх учуутала), саха тылын, история учууталынан биллиилээх историк, филолог Барашков Иван Иванович үлэлээбиттэрэ. Иван Иванович студеннар куттарын бэркэ тутар, киэҥ билиилээх учуутал этэ. Кистии-саба Кулаковскай, Ойуунускай айымньыларын кэпсиирин бэркэ сэҥээрэн истэрбит, элбэх кэпсэтии тахсара. Бииргэ үөрэммит Чурапчы ыччаттара саха тылын, культуратын кытта алтыһарга сабыдыаллаахтара. Оттон Латвия, Литва, Эстония оҕолоро оччолорго хоту дойдуга цивилизация элеменнэрэ өтөн киирэллэригэр үтүө дьайыылаахтара эмиэ саарбаҕа суох.

Педучилищеҕа музыка, ырыа учууталынан литовка Тувье Гутта Моисеевна үлэлээбитэ. Биллэн турар, оччолорго биһиги тымныы кылааска тоҥо-титирии, аччык олорон ити уруоктары аахайбат, күрээн да баран хаалар этибит. Ол иһин кини кылаас ааныгар илиитин тэлэччи тутан бүөлүү туран: «Баһаалыста, барыман», — диэн көрдөһөр буолара. Ол курдук булкуһан биһигини нотаны билэр, пианиноҕа кыра ырыалары тоҥсуйар гына үөрэппитэ. Кини кыра балта Ася Тувье биһигини кытта үөрэммитэ. Кэнники Дьокуускайга пединституту бүтэрбит буолуохтаах.

Поселенецтар саҥа дьылга кулуупка бал-маскарад оҥорбуттара. Биһиги, студеннар, бары маскарад костюмнаах кэлбиппит. Саҥа дьыл ёлкатын онно аан маҥнай көрбүппүт.

Үөрэнэр усулуобуйабыт олус ыарахан буолан студеннар үгүстэрэ цингалаан, бааһыран ыалдьыбыттара. Мин дьолбор, Күһүүргэ мин дьоммун билэр биир дойдулааҕым Евгения Николаевна уонна кини кэргэнэ Слепцов Гаврил (Хоочу) диэн Аллыйкыга үлэлии сылдьыбыт дьон миигин бэйэлэригэр ылан олорпуттара. Хоочу райисполком инструкторынан үлэлиирэ. Бэрт булчут, сытыы-хотуу, үлэһит киһи этэ. Онон мин улахан кыһалҕаны билбэккэ икки сыл үөрэммитим. Евгения Николаевна кэнники куоракка олохсуйбута, икки оҕото учуутал үөрэхтээхтэр.

Мин Чокурдаахха үлэлиир эрдэхпинэ кэлэн ыалдьыттаан барара, тугу наадыйарын, оччолорго куоракка сэдэх табаардары талан ылан барара, баһыыбалыыра-махтанара.

Икки сыл буолан баран училищены сабан, студеннары Дьокуускай педучилищетыгар көһөрбүттэрэ. Онон 1945-46 үөрэх сылыгар мин учуутал дипломун ылан дойдубар үлэлии кэлбитим.

Ол сылларга педучилище директорынан Самсонов Парфений Никитич, онтон Потапов Константин Дмитриевич үлэлээбиттэрэ. Завуч Романов Михаил Павлович диэн бэрт авторитеттаах, үрдүк культуралаах педагог үлэлиирэ. Элбэх үрдүк үөрэхтээх педагогтар бааллара. Сэрии кэннинээҕи сыл ыарахана, сыана үрдүгэ, биһиги кыра стипендиябытыгар aһaaн-сиэн үөрэнэргэ кыһалҕалаах кэм этэ. Күһүн хомуурга, Даркылаахха таһаҕас таһыытыгар үлэлиирбит. Хаппыыста миини, куура хаппыт быччыкы балыгы aһaaн, хара килиэп тооромоһун сиэн сылдьарбыт. Ол эрээри столица аата столица. Киэһэ театрдарга, концертарга барарбыт. Син үөрэ-көтө сылдьан үөрэнэрбит.

Дойдубар төннөн улахан үөрүүнэн начальнай кылаастарга учууталынан барбытым. 1-3 кылааһы үөрэтэрим. Саҥаны, солуну туттан үлэлии сатыырым. Оччолорго оҕолор таҥастара-саптара бэрт мөлтөх, кирдээх буолара. Төрөппүттэри кэрийэ сылдьан оҕолор баттахтарын кырыттаран, сууйтаран, таҥастарын тиктэрэн, солото суох мөхсөрүм. Түмүгэр санитарнай суумкалаах, носовой платоктаах оҕолор кылааска олороллоро үөрүүлээх буолара. Директортан хайҕанар учуутал буолбутум. Мин үөрэппит оҕолорбуттан Жирков Рома, кэнники английскай тыл учуутала, райкомол секретара буолбута; Шахов Семен партийнай үлэҕэ, «Оленегорскай» совхоз директорынан, Едукин Егор совхоз отделениетын управляющайынан, зоотехнигынан үлэлии сылдьыбыттара.

Миигин сотору буолаат комсомольскай үлэҕэ быыбардаабыттара. Онон бэрт кылгастык учууталлаатым диэн хомойор этим. «Бырачыас» оҥорон оскуолаҕа учууталынан үөрэх дьыла бүтүөр диэри үлэлии сылдьыбытым. 1947-1948 сылларга райкомол секретарынан үлэлээбитим. 1948 с. ССКП кэккэтигэр киирбитим. Оройуон Комсомольскай тэрилтэтигэр улахан, эппиэттээх үлэлэр сүктэриллэр этилэр.

Бастатан туран, ыччат үөрэхтээһинэ, олохтоох ыччаттартан специалистары бэлэмнээһин. Орто уонна үрдүк үөрэххэ элбэх ыччат киирбитэ. Кэнники Горохов Кирилл Иванович историческай наука кандидата, оройуонтан маҥнайгы ученай буолбута. Жирков Роман Романович Иркутскайдааҕы университет омук тылын факультетын бүтэрбитэ. Горохов Николай Михайлович университеты бүтэрэн, геолог буолан, партия XXIII съеһин аатынан алмаас трубкатын арыйан Үлэ Кыһыл Знамята орденынан наҕараадаламмыта. Горохов Семен Николаевич II — историк-ученай, ЯГУ преподавателэ, Слепцова Христина Николаевна — маҥнайгы врач, Стручков Алексей Егорович — военнай летчик, Горохов Семен Николаевич 1-15 сыл устата партия обкомун инструкторынан үлэлээбитэ, «Хотугу сулус» журнал кылаабынай редактора, журналист, тылбаасчыт, саха суруйааччыта, Чикачев Алексей Гаврилович — партийнай үлэһит, краевед, уо. д. а. төрөөбүт оройуоннарыгар, республикаҕа үгүс сылларга үлэлээн норуот хаһаайыстыбатыгар элбэх өҥөлөөх кадрдар буолбуттара.

Ити сылларга Дьокуускайга самолетунан Зырянканан көтөр этибит. Биирдэ сайын Зырянка пордун уу ылан биир ыйтан ордук хаайтаран олорбуппут. Олус эрэйдээх сырыы буолара. Кыһыныгар эмиэ самолет хаһан эмэ көтөрө. 1947 сыл кыһыныгар В.А. Протодьяконов Совмин председателэ, Масленников партия обкомун секретара Халыма оройуоннарыгар сылдьан баран Чокурдаахха тохтоон мунньах ыыппыттара. Онно миигин райкомнар тыл эт диэн сорудахтаабыттара.

Мин Дьокуускайга обкомол пленумун мунньаҕар Протодьяконовтааҕы кытта көтүспүтүм. Казачьеҕа түһэн бэрт уһуннук көтөн Дьокуускайы булбуппут. Мин бу сырыыбар Чокурдаахха ыалдьан өлбүт Нестерова Серафима Ильинична диэн учуутал оҕото тулаайах хаалбытын детдомҥа илдьэ барбытым. Казачье тохтобулугар бу оҕону (аата Толя диэн) Протодьяконов В.А. олорбут сыарҕатыгар мэҥэһиннэрэн портан бөһүөлэккэ диэри илпиттэр. Ону мин билбэккэ хаалбыппын. Тиийэн остолобуойга киирбитим оҕом Василий Андреевиһы кытта остуолга олорон тоҥ балыгы сии олорор эбит (бу оҕо кэнники профтех-училищены бүтэрэн тракторист буолан Өлүөхүмэҕэ үлэлиир сурахтааҕа). Сарсыныгар обкомол пленумугар кэлбитим табаарыстарым: «Дьэ, олус да табыллар суоллаах-иистээх кыыскын, тойоттору эрэ кытта сылдьаҕын», — диэн дьээбэлии көрүстүлэр.

Бу түбэлтэни Василий Андреевичка 80 сааһын туолар күнүгэр ыалдьыттыы олороммун кэпсээбиппин олус сэргии истибитэ уонна ис-иһиттэн үөрбүтэ.

Ыччапар өрүс уҥуор Барыласка самолет түһэр площадкатын оҥорууга уонна балыктыыр, таба иитэр бригадаларга, түүлээх булдугар көхтөөхтүк үлэлиир кэмнэрэ этэ.

Улахан самолет түһэр аэродромун Чокурдаахха тутуу ити сылларга саҕаламмыта. Площадка территориятын тула дириҥ ханаабалары хаһыы оччолорго илии үлэтинэн ыытыллыбыта. Биирдии комсомолец күн ахсын 2-3 чааһы үлэлиирэ. 60-нус сыллардаахха таас аэродром тутуллан Чокурдаах-Тиксии-Андерма-Москва хотугу авиатрасса аһыллыбыта. Халыма, Индигир оройуоннарын дьоно быһа Москваҕа көтөр кыахтаммыттара.

Ити курдук икки сыл комсомолга үлэлээн, балайда үлэҕэ эриллэн испитим. 1948 с. миигин комсомол обкома (иккис секретара Аргунов Василий Корнилович) Москваҕа икки сыллаах Киин Комсомольскай оскуолаҕа үөрэххэ ыыппыта. Оччолорго Киин сиргэ үөрэххэ барыы бэрт сэдэх буолара. Онон улахан дьолго тиксибит курдук ылынан үөрэммитим. ЦКШ Москва куорат таһыгар Вешняки диэн сиргэ баара, былыр нуучча улуу патриота Шереметьев Кусковоҕа баар дыбарыаһыттан чугас саҥа тутуллубут үс корпуска үөрэммиппит. Москваҕа 20 минутанан электричканан сылдьар этибит. Манна дойду бары муннуктарыттан 150-ча эдэр дьон үөрэнэллэрэ. Икки сыл устата үөрэнэр программалаах оскуола этэ. Сэрии кэннинээҕи Москваҕа быһыы-майгы, дьон бэйэ-бэйэҕэ сыһыана олус убаастабыллаах, истиҥ буолара. Биһигини Москва биллэр ученайдара, профессордара, преподавателлэрэ үөрэтэллэрэ. Б.А. Рыбаков, Дмитриев, Е.А. Дудзинская, уо. д. а. наука доктордара бааллара. Ону тэҥэ атын да ВУЗ-тар профессордара кэлэн лекция ааҕаллара. Английскай, французскай тыллары эмиэ үөрэтэрбит. Манна үөрэнэ сылдьан Москва музейдарыгар, выставкаларыгар, театрдарыгар үгүстүк сылдьарбыт. Улахан театр репертуарын барытын көрөр этибит.

Бу үөрэммит сылларым мин олохпор, инники үлэһит буоларбар улахан суолталаах буолбуттара. Оччотооҕу араас омуктар ыччаттарын кытта билсэн, табаарыстаһан, бодоруһан, истиҥник доҕордоһон үөрэммиппит. Комсомол Х-с съеһигэр уонна Перовскай оройуоннааҕы партконференцияҕa делегатынан талылла сылдьыбытым. Ити сылларга 1-й Маай, Октябрьскай революция бырааһынньыктарыгар Москваҕа улахан парад, демонстрация буолаллара. Онно правительство баһылыктарын И.В. Сталины, В.М. Молотовы, М.И. Калинины, К.Е. Ворошиловы, С.М. Буденнайы чугастан «тутан туран» көрөр этибит, уруйдаан-айхаллаан ааһарбыт.

Горохова Евдокия Николаевна, Москва куорат, 12.02.1950 с.

Миигин кытта үөрэммит комсомольскай үлэһиттэртэн посоллар, дипломаттар, журналистар, суруйааччылар, партийнай-советскай үлэһиттэр, общественнай деятеллэр үүнэн тахсыбыттара. Биһиги билиҥҥэ диэри сибээспитин сүтэрбэппит. 1985, 1990 сылларга ЦКШ-ны бүтэрбит даталарбытын Москваҕа түмсэн үөрэн-көтөн бэлиэтээбиппит.

Мин ити сылларга үөрэнэр, үлэлиир бириэмэбэр ийэм ортоку убайым Спиридон көмөтүнэн уолаттарын Сэмэни, Баһылайы, эдьиийбиттэн хаалбыт үс тулаайахтары бииргэ тута сылдьан үөрэттэрбитэ.

Тутаах, көмө киһитинэн ийэбэр уола Спиридон этэ. Убайым Спиридон Николаевич 1915 с. төрүөх. Кини oҕo эрдэҕиттэн үлэҕэ-сырыыга эриллэн улааппыта. Убайын Охонооһой уонна бииргэ үөскээбит доҕорун Слепцов Василий Петрович сабыдыалларынан комсомолга киирбитэ. Суруйарга-ааҕарга эрдэ үөрэммитэ. Олус үчүгэй буочардаах суруксут буолбута. Мунньахтарга тыл этэн бардаҕына бэрт араатарынан биллэрэ.

Oҕo эрдэҕиттэн булка-аска дьоҕурдаах, ыраах айаннарга тулуйан сылдьар хорсун үлэһит буолан тахсыбыта. Колхоз председателинэн, фактория сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьыбыта. Оччотооҕуга райисполком председателинэн үлэлиир Чупров Василий Михайлович киниэхэ элбэхтик көмөлөспүтүн убайым ахтар-саныыр этэ. Кинилэр сааһыран баран көрсөр, суруйсар, уруккуну-хойуккуну ырытыһар этилэр.

Сэрии сылларыгар Маарыйабыс диэҥ ааттаах таба бригадирын табаһыттар өлөрөн баран кистээн көмөн кэбиспиттэрин В.М. Чупров уонна С.Н. Горохов булбуттарын, буруйдаахтары хайдах туппуттарын туһунан «Xoтугу сулус» сурунаал 1989 с. 9-с нүөмэригэр суруллан турар. Спиридон өр сылларга совхозка булчутунан сылдьан республикаҕа бастыҥ көрдөрүүлэри ситиспитэ, тыа хаһаайыстыбатын Бүтүн Союзтааҕы Выставкатын кыттыылааҕа этэ. Ити сылларга Усуйаана бастыҥ булчутун, Социалистическай Үлэ Геройун Колесов Николай Саввиһы кытта истиҥник доҕордоһоро.

Кини нэһилиэгэ сайдарын туһугар мунньахтарга элбэхтик этинэрэ. Холобур, 8 кылаастаах оскуоланы ahap тyһунaн депутат быһыытынан туруорсан ситис диэн миэхэ этэн турардаах. Биллэрин курдук, 70-с сылларга Оленегорскайга 10 кылаастаах, Русскай Устьеҕа, Бөрөлөөххө 8 кылаастаах саҥа оскуолалар тутуллан үлэлээннэр дьон культурнай-социальнай олоҕор быһаарыылаах суолталаммыттара. Олорор дьиэлэр тутуулара тэтимнээхтик ыытыллыбыта. Убайым ханнык баҕаpap дьыалаҕа бэйэтэ толкуйдаах, этиилээх буолара. Спиридон Николаевич пенсияҕа да тахсан баран илиитин үлэттэн араарбатаҕа. Урут бултуу сылдьыбыт сирдэригэр бригаданан бултааһыҥҥа дьону көҕүлээн күүһэ кыайарынан үлэлэспитэ. Кини биһиги аймахтан бэйэтин кэнниттэн элбэх ыччаты хаалларбыт киһи буолар. Биэс оҕо аҕата. Кыргыттара Лиза, Оля оҕолонон-урууланан үлэлии сылдьаллар. Элбэх сиэннэрдээх. Убайбыт 1977 с. 62 сааһыгар ыалдьан өлбүтэ, Чокурдаахха көмүллүбүтэ.

Мин кыра бырааттарым — Сэмэн 1926 с. төрөөбүтэ, Баһылай 1933 сыллаахха. Вася үп техникумугар үөрэнэ сылдьан армияҕа сулууспалыы сылдьан 1954 с. Красноярскайга ууга оһоллонон хомолтолоохтук өлбүтэ. Сэмэн улааппыт, үөрэммит сыллара эмиэ сэрии кыһалҕалаах кэмнэригэр ааспыта. Ийэтин кыра хамнаһыгар иитиллэн, интернакка олорон үөрэммитэ. 7 кылааһы Чокурдаахха бүтэрэн баран үөрэҕин Абый оройуонугар салҕаабыта. Оройуонун ыччаттарыттан маҥнайгынан 10 кылаастаах орто үөрэхтэммитэ. Аас-туор сылларга аччыктаан, таҥнар да таҥас кырымчы буолан, тоҥор-хатар диэни тулуйан кыһалҕалаахтык сылдьан үөрэммитэ.

Үөрэҕин бүтэрэн кэлээт оскуолаҕа учууталлаабыта, онтон райкомолга секретарынан быыбардаммыта. Ити сылларга оройуон ыччата сэрии кэннинээҕи ыарахан олоҕу туораан үлэҕэ, үөрэххэ талаһыыта улахан этэ. Оччолорго комсомол үлэһиттэрэ ыччаттар үлэлиир тэрилтэлэригэр, тыа сирдэригэр, табаһыттарга, булчуттарга сылдьан бииргэ үлэлэһэн, тордоххо, балааккаҕа олорон, үксүгэр хаар да үрдүгэр, самыыр-ардах да анныгар хонон-туран олох оскуолатын барбыттара.

1950 с. Абый оройуонун комсомолецтара Сэмэни райкомол секретарынан быыбардаабыттара. Манна кини 3 сыл табыллан, көхтөөхтүк үлэлээбитэ.

Сэмэн оҕо эрдэҕиттэн элбэхтик саҥара-иҥэрэ, биллэ-көстө сылдьыбатаҕын да иһин олоҕу, дьону-сэргэни, төрөөбүт сирин-дойдутун, көтөрүн-сүүрэрин, айылҕатын сиһилии көрөн-истэн, иҥэринэн, барытыгар болҕомтолоохтук сыһыаннаһан улааппыта. Толкуйдуура, суруйара.

Кини журналист буолар суолу тутуспута. «Кыым», «Социалистическая Якутия» хаһыаттар корреспонденнарынан, хас да оройуоҥҥа хаһыат редакторынан үлэлээбитэ. Саха сирин хоту, coҕypyy өттүн хоһуун-хоодуот дьоннорун үлэлэрин-хамнастарын элбэхтик сырдаппыта.

1967-1980 сылларга партия обкомун бэчээт секторыгар үлэлээбитэ. Манна кини партийнай, общественнай-политическай үлэ оскуолатын барбыта. Араас идэлээх, киэҥ билиилээх, үрдүк таһымнаах кадрдар кэккэлэригэр сылдьан үлэлээн буспута-хаппыта. Республикаҕа печать, радио, телевидение сайдыытыгар бииргэ үлэлиир отделын үлэһиттэрин кытары сүрүн боппуруостарынан быһаччы дьарыктаммыта. Элбэх саҥа печатнай органнар республикаҕа, оройуоннарга тэриллэн нууччалыы, сахалыы тылынан тахсар буолбуттара. 1980 сылтан пенсияҕа тахсыар диэри «Хотугу сулус» уонна «Полярная звезда» сурунаалларга кылаабынай редакторынан үлэлээбитэ.

Бу сурунаал ис хоһоонун үрдэтиигэ, ааҕааччылар көрдөбүллэрин хааччыйыыга элбэх күүһүн ууран үлэлээн, киэҥ биһирэбили ылбыта. Сэмэн ааҕааччылар, журналистар ортолоругар тылбаасчыт быһыытынан биллэр. 1950 сыллаахтан саҕалаан 20-тэн тахса политическай, публицистическай, художественнай кинигэлэри сахалыы тылбаастаан таһаартарда. Ол иһигэр B.Л. Серошевскай «Якуты» диэн улахан монографиятын сахалыы тылбаастаата. Итинэн кини саха норуотун олоҕор, культуратыгар улахан кэрэхсэбиллээх үлэни оҥордо.

Нивх биллэр суруйааччыта В. Санги «Кевонгалар кэргэн кэпсэтэллэр» диэн романын, нанаец Г. Ходжер «Колан» диэн сэһэнинм уо. д а. суруйуулары саха ааҕааччыларыгар билиһиннэрдэ.

Кэнники сылларга элбэх кинигэлэрэ бэчээттэнэн таҕыста. Ол иһигэр «Мой Север», «Кулуһун уота», «Дьааҥыга күөх сайын», «Дыхание Арктики» диэн кинигэлэригэр хоту дойду табаһыттарын, булчуттарын, балыксыттарын олохторун, проблемаларын, норуоттар доҕордоһууларын туһунан очеркалары, кэпсээннэри суруйда. «За дальними шиверами» диэн үс автор (Чикачев, Горохов, Дохунаев) 350 сыл анараа өттүгэр нуучча дьоно Индигир өрүс сирин арыйбыттарын туһунан кэрэхсэбиллээх кинигэлэрэ биһирэбили ылла.

Сэмэн пенсияҕа да тахсан баран суруйааччы, журналист быһыытынан айымньылаахтык үлэлии сылдьар. «Саха сирэ» хаһыат аналлаах корреспондена. «Арчы» («Забота») хаһыакка элбэхтик суруйар.

Биһиги улаатан, үөрэнэн, үлэһит дьон буолбуппут төрдө ийэбитигэр. Кэпсээним саҕаланыытыгар кини туһунан, кини хайдахтаах ыарахан олоҕу олорбутун, оҕолоро, сиэннэрэ дьон буолалларын туһугар бэйэтин олоҕун анаабытын туһунан суруйбутум. Ханна да сылдьыбытым тухары, ыарахан даҕаны, үөрүүлээх-көтүүлээх да түгэннэргэ куруутун кини дууһатыгар сүгүрүйэн тураммын махталбын-баһыыбабын аныыбын. 1994 с. «Далбар Хотун» диэн дьахталларга аналлаах сурунаалга «Ийэбит сырдык кэриэһэ» диэн ахтыы суруйан турабын. Ким төрөппүт оҕолорун киһи оҥорбут — дьоллоох, аата-суола уһун үйэлэргэ умнуллубат холобур буолуохтаах.

Мин 1950 сыллаахха ЦКШ-ны бүтэрэн баран, комсомол обкомун кадрга секретарынан үлэлээбитим. Бу сылларга Саха сирин үгүс оройуоннарыгар сылдьан эдэр ыччаттары, комсомол актыыбын кытта элбэхтик көрсөн, киин оройуоннар олохторун, дьарыктарын билсибитим. Комсомолга үлэлээбит сылларым миэхэ үлэ, олох оскуолата буолбуттара. Ону оччотооҕу комсомол кадрдарын үгүстэрэ кэнники республикаҕа партийнай, советскай үлэлэргэ, хаһаайыстыба араас салааларыгар ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ да туоһулуур.

1952 с. миигин Эдьигээн райкомугар иккис секретарынан ыыппыттара. Партия обкомун 1 секретара Илья Егорович Винокуров бэрт истиҥник кэпсэппитэ. Хоту дойду оҕото эбиккин, кадр тиийбэт, онон партийнай үлэҕэ баран үлэлээ диэбитин өйдүүбүн. 27 саастаах эдэр киһиэхэ бу соһуччу этэ. Бу оройуоҥҥа опыттаах үлэһит дьон өйөбүллэринэн түөрт сылтан ордук бириэмэҕэ үлэлээбитим. Партия райкомун маҥнайгы секретарынан эрчимнээх үлэһит Окоемов Алексей Дмитриевич этэ. Райисполком председателинэн Шемяков Николай Васильевич диэн олохтоох эвенк киһитэ үлэлиирэ. Кини ССРС Үрдүкү Сэбиэтигэр икки төгүл депутатынан быыбардаммыт бэрт сайаҕас, кэлбит-барбыт сытыы-хотуу киһи этэ. Киниттэн мин хоту дойду олоҕун-дьаһаҕын ыарахаттарын хайдах туоруурга, үлэлиир дьулуурга үөрэммитим.

Ол сылларга оройуоҥҥа Сергеев С.С., Кондакова М.М., Винокурова Н.И., Константинова Е.И., Андреев С.И., Иванова (Попова) В.Н., уо. д. а. дьоҕурдаах, актыыбынай ыччаттар үлэлииллэрэ. Оччолорго Эдьигээҥҥэ Кыстатыам, Баахынай бөһүөлэктэрин саҥа тутуу, оскуола, эмп тэрилтэлэрин, олорор дьиэлэри тутуу саҕаланан күүскэ ыытыллыбыта. Оройуон дьоно бэрт түмсүүлээхтик турунан үлэлиир этилэр. Манна мин элбэххэ үөрэммитим, буһууну-хатыыны ааспытым дии саныыбын.

1956 с. Красноярскайга Үрдүкү Партийнай оскуолаҕа үөрэнэ барбытым. 1960 с. үөрэхпин бүтэриэхпиттэн төрөөбүт дойдум олоҕун кытта ыкса сибээстээх уһун сыллаах үлэм саҕаламмыта.

 

Салҕыы аах:

Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 1 чаас

Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 2 чаас

Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 3 чаас

Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 5 чаас

Читайте дальше