Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 2 чаас

Быйыл 2024 сылга Саха сирин биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятелэ Евдокия Николаевна Горохова төрөөбүтүттэн 100 сылын бэлиэтиибит.

Өрөспүүбүлүкэбит осторуйатыгар ЫБСЛКС уобаластааҕы комитетын секретаринэн, ССКП Аллайыахатааҕы райкомун бастакы секретаринэн, Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бэрэссэдээтилинэн киирбитэ. Союзнай суолталаах персональнай пенсионер этэ.

Евдокия Николаевна төрөөбүт сиригэр — Аллайыаха улууһун сайдыытыгар бастыҥ оруолу оонньообута. «Мин Аллайыахам» кинигэни 40-ча саастааҕар, олоҕун-үлэтин үгэнигэр сылдьан суруйбут. Аллайыаха нэһилиэгин, улууһун остуоруйатын, улуус үөскээһинин, дьон-сэргэ олохсуйуутун, бастакы колхозтары, бөһүөлэктээһин кэмнэрин олус сиһилии суруйбут.

«Сайдыы суола» эрэдээксийэ өрөбүллэргэ ааҕааччыларыгар кыра-кыралаан бу кинигэни кытары билсиһиннэрин салҕыыр.

Бүгүн иккис «Ол өрдөөҕү кэмнэргэ» диэн чааспытыгар Евдокия Николаевна Аллыйкы Усуйаанаттан арахсар кэмнэр уонна саҥа Аллыйкы оройуонун маҥнайгы колхозтар тэрийиилэрин туһунан кэпсиир.

 

ОЛ ӨРДӨӨҔҮ КЭМНЭРГЭ

Сүүрбэһис үйэ саҕаланыытыгар «Киһи уонна айылҕа» («Человек и природа») диэн нууччалыы сурунаалга ««Аллайха» төһө да эргиэн суолугар таарыллан сыттар Саха сирин саамай сытыйбыт, ыарыһах дьонноох-киһилээх сэлиэнньэтэ», — диэн суруллубут. Оччотооҕу кыһалҕалаах олоҕу-дьаһаҕы туоһулуур сурукка хаалбыт докумуоннар суохтарын кэриэтэ. Арай Саха сиригэр Советскай былаас олохтоммутун кэнниттэн эрэ туох эмэ докумуон быһыытынан баар, ол даҕаны бэрт аҕыйах.

1930 с. балаҕан ыйын 10 күнүнээҕи БСКСК (ВЦИК) уурааҕынан РСФСР хотугу уһук сирдэрин төрүттээһин туһунан Балаһыанньа бигэргэтиллибитэ. Бу Балаһыанньа уһук хотугу территорияларга оройуоннары тэрийиигэ, холбоһуктааһыны ыытыыга төрүтчүт буолбута. 1927 с. олунньу ыйга Дьокуускай куоракка кыра туземнай омуктар 1 Бүтүн Саха сиринээҕи съезтэрэ буолбута. Онно 27 эбэнки, эбээн, саха, юкагир уо. д. а. хотугу омуктар представителлэрэ кыттыбыттара.

Аллыйкыттан эбээн Едукин Дмитрий Николаевич, Усуйаанаттан Горохов Андрей Спиридонович, Болтунов Алексей Дмитриевич сылдьыбыттар. Горохов уонна Болтунов кэнники Аллайыахаҕа кэлэн үлэлээбиттэрэ. А.Д. Болтунов Хотугу туземнай норуоттар Комитеттарын чилиэнинэн талыллыбыта. Съезд көһө сылдьар омуктары олохсутуу, харчынан-кредитинэн хааччыйыы, кооперацияны ыытыы туһунан дьүүллэспитэ уонна аналлаах дьаһал ылыммыта.

1926 с. РСФСР Совнаркома хотугу хоргуйан олорор нэһилиэнньэҕэ көмөлөһөн маҕаһыыннары ahapгa 48 тыһ. солкуобайы биэрбитэ. Нөҥүө сылыгар 59 тыһ. солкуобай табаардаах факториялар аһыллыбыттара. Кумалаан уонна дьадаҥы кэргэн ыалларга ас- таҥас, харчы босхо бэриллибитэ. 1926-29 сс. таба хаһаайыстыбата сайдарыгар анаан 164 тыһ. солкуобай, хотугу оройуоннар хаһаайыстыбаларын уонна культураларын өрө көтөҕөргө 1 мөл. 366 тыһ. солкуобай бэриллибитэ.

Хотугу олохтоох дьон тыа хаһаайыстыбатын нолуогуттан, подоходнай нолуоктан, бултан уонна гербовой хомуурдартан босхоломмуттар. Урукку иэстэр сотуллубуттар. Индигиргэ балыгы бултуур табаарыстыбалар тэриллэн, бастатан туран, юкагир дьадаҥыларын аччыктааһынтан быыһыыр дьаһал ылыллыбыт.

Отутус сыллартан ыла хотугу народностар олохторо тупсан барбыт. 1931 сылтан Саха сирин хотугу өттүгэр национальнай-территориальнай оройуоннар тэриллибиттэр, тыа хаһаайыстыбатын холбоһуктааһына ыытыллыбыт.

Саха сирин үрдүнэн 1928-1936 сс. хотугу оройуоннарга 222 маҥнайгы табаарыстыбалар тэриллибиттэр. Онно 4922 хаһаайыстыба киирбит. Ол иһигэр 2918 саха, 1687 эбээн уонна эбэнки, 61 чукча, 229 нуучча ыаллара киирбиттэр.

1932-1937 сылларга көһө сылдьар омуктары олохсутууга 598 тыһ. солк. үп ороскуоттаммыт.

Мантан көрдөххө Советскай былаас маҥнайгы сылларыгар уһук хотугу омуктар быстан-ойдон олорбут олохторуттан быыһанан, быдан үрдүк таһымҥа үктэммиттэрэ мэлдьэҕэ суох.

***

Аллыйкы Усуйаана улууһугар киирэр эрдэҕинэ саамай ыраах, түҥкэтэх сир этэ.

Булуҥ уокуругун салалтатыттан ыйыы-кэрдии кэлэн, Усуйаана улууһун ситэриилээх комитета быһаччы дьаһал ыларыгар бэрт уһун бириэмэ наада буолара. Оччотооҕуга суол-иис сайдыбатах буолан таба, ыт эрэ көлөнү туһаналлара. Хаһааччыйаттан Аллыйкыга диэри кэлэр боломуочунай арыт ыйы-ыйынан айанныыра. Эгэ нэһилиэктэргэ тиийэргэ төһөлөөх күүс-көлө, ый-күн наада буолуой?

Оччолорго ыытыллыбыт мунньахтар боротокуолларыттан манныктары көрөбүт.

1925 с. тохсунньу 26 күнүгэр Аллыйкы нэһилиэктэрин съезтэрин уопсай мунньахтара Аллыйкы селотугар ыытыллыбыт. Манна Булун уокуругуттан Тарасов Федор Гаврильевич диэн представитель сылдьыбыт. Ону тэҥэ Томскай Иван Иванович кыттыбыт.

Олохтоох нэһилиэктэртэн маннык дьон сылдьыбыттар: Слепцов Иван Егорович — Аллыйкы нассоветын председателэ, Стражев Петр Иннокентьевич — нассовет секретара, Галыжинскай Семен Егорович — Русскай Устье бааһынай общинатын председателэ, община секретара — Ромов Иван Викторович.

Ону тэҥэ 5 быыбарнай представителлэр, 5 нэһилиэк 7 представителлэрэ кыттыыны ылбыттар.

Съезд председателинэн Дьяконов Максим Николаевич, солбуйар председателинэн Корякин Константин Тимофеевич, секретарынан Данилов Михаил Федорович талыллыбыттар.

Маҥнайгы боппуруоһунан Тарасов Ф.Р. Усуйаана улууһун III съеһин уурааҕын кытта билиһиннэрбит. Уурааҕы сведениеҕэ ыларга диэбиттэр. Уонна манныгы ыйбыттар: 2000 солк. харчыны нэһилиэктэртэн хомуйан Усуйаана улууһугар биэрэр кыаллыбат, нэһилиэнньэ ахсааныгар сөп түбэспэт диэн.

Иккис боппуруоһунан «ССРС экономическай уонна политическай балаһыанньатын туһунан уонна коммунистар диэн кимнээхтэрий» диэн доклады Тарасов оҥорбут. Ону тэҥэ Аллыйкы Советын биир сыллаах отчуота буолбут.

Бутэһик боппуруос — Аллыйкы нассоветын быыбара.

Совет председателинэн Слепцов Иван Алексеевич, солбуйааччынан Лебедев Василий Прокопьевич, чилиэннэринэн — Дуткин Иван (Сарыыкаан), Черемкин Петр (Окоокоон), Слепцов Василий (Куччугуй ыт oҕото) уонна Трофимов Павел Егорович талыллыбыттар.

Нэһилиэктэргэ киһи ахсаана аҕыйаҕынан нэһилиэк Советтарын тэрийбэккэ, нассовет чилиэннэрэ боломуочунай быһыытынан үлэлиэх тустаахтар диэн уураахха ыйыллар.

Нассовет бюджетин ороскуот өттө 3137 солк. 28 харчы бигэргэтиллибит.

Бу мунньахха Усуйаана улууһуттан арахсар туһунан оройуон олоҕор улахан суолталаах боппуруос көтөҕүллүбүт.

Элбэх кэпсэтии, дьүүллэһии кэнниттэн Усуйаана улууһун кииниттэн 80 көстөөх сирин ханнык эмэ быһаччы дьаһалы, көмөнү ылар кыаллыбат. 1000 киһилээх нэһилиэктэр холбоһон туспа оройуон буолар кыахтаахтар диэн түмүккэ кэлбиттэр. Онон Булуҥ уокуругун Ситэриилээх Комитетыттан Аллыйкы туспа улуус буоларын быһаарарыгар диэн уураах ылыныллыбыт.

Чааһынай эргиэн уонна кооперация туһунан боппуруоһу дьүүллэһэн баран кооперативнай итиэннэ государственнай эргиэни өйүүргэ, киэҥник тэрийэргэ диэн быһаарбыттар.

Аллыйкыга туспа оройуону тэрийэр туһунан этиилэри Усуйаа­на улууһун Советын съеһэ өссө эрдэ, 1924 с. сэтинньи 24 күнүгэр дьүүллэһэн баран ылымматах.

1925 с. бүтүүтүгэр Аллыйкы нэһилиэктэрин, Русскай Устье бааһынай общинатын уонна Ожогин олохтоохторун уопсай мунньахтара ыытыллыбыт. Онно Саха сирин КССК комиссиятын председателэ Андреев Г.Ф. кыттыыны ылбыт. Мунньахха 72 киһи сылдьыбыт. Андреев Г.Ф. ССРС уонна САССР ис, тас балаһыанньатын туһунан дакылаат оҥорбут. Мунньах кыттыылаахтара Саха АССР правительствота ыытар эйэлээх политикатын уонна Советскай былаас норуот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэрэр дьаһалларын өйүүллэрин туһунан биллэрбиттэр.

Уураахха миэстэтигэр Советскай былаас органнарын тэрийэргэ, эйэлээх олоҕу олохтуурга диэн этиллибит.

Правительствоҕа Аллыйкы оройуонун туругун уонна туспа оройуону тэрийэр туһунан тиэрдэргэ көрдөһүү киллэрбиттэр.

Аллыйкы сэлиэнньэтигэр кииннээн холбоһуктаах нэһилиэк Совета тэриллибит, кини састаабыгар киирбиттэр:

Председателинэн — Рожин Николай Игнатьевич (Үөдүгэй), чилиэннэринэн — Рожин Спиридон Кириллович (II Ногоот), Чикачев Дмитрий Николаевич.

Кандидаттарынан — Черемкин Иван Васильевич («Холбоһуу»), Никулин Гаврил Григорьевич (Күүрэ), Рожин Семен Егорович (Үөдүгэй).

Үөдүгэй нэһилиэгин Советын председателинэн — Слепцов Алексей Кириллович, чилиэннэринэн — Слепцов Николай Иванович, Рожин Семен Егорович буолбуттар. II Ногоот Нассоветын председателинэн Никулин Василий Гаврильевич, чилиэннэринэн — Щелканов Дмитрий Петрович, Кочкин Петр Егорович. Русскай Устье Советын председателинэн — Щелканов Иван Николаевич, солбуйааччынан — Галыжинскай Егор Семенович, чилиэннэринэн — Шелоховскай Пантелеймон Николаевич, Рожин Николай Парфенович, Щелканов Семен Николаевич талыллыбыттар.

Бу курдук тэриллибит холбоһуктаах Аллыйкы нэһилиэктэрин Советтара оройуон тэриллиэр диэри үлэлээбиттэрэ.

Русскай Устьетааҕы бааһынай общината Советскай былаас маҥнайгы сылларыттан Аллыйкы холбоһуктаах нэһилиэгин Советын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлээбит. Кинилэр Аллыйкы совета ыытар мунньахтарыгар кыттан, оройуон олоҕун боппуруостарын быһаарсар эбиттэр.

1927 с. олунньу ый 14 күнүгэр Русскай Устье олохтоохторун быыбарга аналлаах мунньахтара буолбут. А.А. Киселев дьиэтигэр 58 киһи мунньустубут. Мунньаҕы Усуйаана улууһун боломуочунайа Анисимов Василий Алексеевич ыыппыт. Мунньах председателинэн Киселев И.А., секретарынан — Ромов талыллыбыттар.

Нэһилиэк Советын отчуотун дьүүллэһэн, сөптөөҕүнэн ааҕан баран Совет председателинэн Щелканов Егор Николаевиһы, чилиэннэринэн Щербачков Григорий Илларионовиһы, Галыжинскай Семен Егоровиһы, кандидаттарынан — Шелоховскай Пантелеймон Николаевиһы. Шкулев Егор Семеновиһы талбыттар. 5 киһиттэн ревизкому, көмө кассаны 5 киһиттэн, народнай заседателлэри 9 киһиттэн талбыттар. Улуус съеһигэр делегатынан Аниси­мов В.А. быыбардаммыт.

Паулин А.В. суруйарынан бу Совет састааба дьиҥнээх Советскай былаас политикатын ыыппатах.

1930 с. кулун тутар 29 күнүгэр Русскай Устьеҕа буолбут дьадаҥылар мунньахтарын Дьокуускайтан кэлбит представитель Паулин А.В. уонна Василевскай Д.Е. салайан ыыппыттар. Мунньах председателэ Чикачев И.Т., секретара — Чесноков. 52 киһи кыттыбыт. Бy мунньах икки күн устата барбыт. Манна сүрүн боппуруоһунан нэһилиэнньэ ортотугар дьадаҥы уонна баай-кулаак араҥаларынан араарыы буолбут. Комиссия быһаарыытынан 3 саамай бөдөҥ баай дьон кулаактаммыттар, быыбардыыр бырааптара быһыллыбыт: Щелканов Иван Николаевич, Киселев Иван Алек­сеевич, Новгородова Анастасия. Промысловай колхоһу тэрийэр туһунан боппуруоһу дьүүллэһэн баран тута колхоз чилиэнинэн 9 киһи киирбит.

Булт уонна балык сирдэрин хос үллэрии туһунан Совет саҥа састаабыгар суруйбуттар.

Сельскэй Совет председателинэн батрачка Лариса Кон­стантиновна Чикачева талыллыбыт. Чилиэннэринэн — Черемкин Никита, Шкулев Семен, Чикачева Сима, Шкулев Илья, Щелканов Егор, Плащевская Авдотья, ревизкомҥа — Шелоховская Мария, Чи­качев Егор, Чикачев Александр быыбардаммыттар.

Паулин А. В. суруйарынан бу мунньахха нэһилиэк Совета дьиҥнээх Советскай былаас политикатын өйүүр нэһилиэнньэ дьадаҥы араҥатыттан талыллыбыт. Мунньах кэнниттэн колхозка Щербачков Иннокентий, Чикачев Григорий, Черемкин Никита, Шкулев Семен, Струков Илья, Струков Петр, Щелканов Дмитрий, Варякин Василий, Струков Григорий киирбиттэр.

1930 с. муус устар 1-2 күннэригэр Русскай Устье промысловай колхоһун уопсай мунньаҕа ыытыллыбыт. Мунньах председателэ Щелканов Дмитрий, секретарь — Василевскай. Колхоз чилиэн­нэринэн 21 киһини ылбыттар. Правление председателинэн Щел­канов Дмитрий, чилиэннэринэн — Щербачков Иннокентий, Струков Илья быыбардаммыттар. Колхоз баайа-дуола 9493 солк. сыаналаммыт.

* * *

1930 сыл кулун тутар 29-31 күннэригэр Илин-Юкагир нэһилиэгин быыбардааччыларын мунньаҕа буолбут. 59 киһи кыттыбыт. Баай феодаллары быыбардыыр бырааптарын быһар туһунан уонна холбоһуктааһыны тэрийии туһунан боппуруоһу дьүүллэспиттэр. Булуҥҥа бандьыыттааһыны үлтүрүтүү туһунан боппуруоһу истибиттэр. Нассовет састааба быыбардаммыт: Слепцов Дмитрий Гаврилович, Донской Михаил Петрович, Дуткина Евдокия Алексеевна, Щербачков Егор Спиридонович, Едукин Василий Иванович, Кочкин Иннокентий Алексеевич, Слепцов Савва, Дуткина Анна Михайловна, Таркова Анастасия Алексеевна. Улуус съеһигэр делегатынан Слепцов Савва Яковлевич, Кочкин Иннокентий Алексеевич быыбардаммыттар.

Быыбардааччылар ахсааннара Илин-Юкагир нэһилиэгэр бу бириэмэҕэ 114 киһи эбит.

Аллыйкы нэһилиэктэригэр холбоһуктааһын ыытыллыбыт.

1930 с. кулун тутар 28-29 күннэригэр Аллыйкы нэһилиэктэрин быыбардааччыларын мунньаҕа буолбут. Мунньахха 136 киһи сылдьыбыт, ол иһигэр 38 дьахтар. Кыра-дьадаҥы орто ыаллары холбоһуктааһын уонна кулаактар, феодаллар баайдарын конфискациялыыр туһунан Ефремов А.М. дакылаат оҥорбут. Маны өйөөн Рожин Николай Николаевич, Слепцов Иван Семенович, Слепцов Алексей Гаврилович, Слепцов Семен Николаевич уо. д. а. тыл эппиттэр. Бары нэһилиэктэргэ баайдары кулаактааһын ыытыллыбыт, туох баар бас билиилэрин, үптэрин-астарын күүс өттүнэн былдьаан ылан саҥа тэриллэр табаарыстыбалар, колхозтар бас билиилэригэр бэриллибит.

Бу мунньаҕынан 76 киһи куоластыыр бырааптара быһыллыбыт. Ол испииһэккэ маннык дьоннор бааллар: Лебедев Василий Семенович (Күөртэкээн), Слепцов Петр (Хоодук), Дуткин Христофор Иванович, Чикачев Иван Николаевич, Рожин Спиридон Кириллович, Горохов Иван Васильевич (Матайбыт), Рожин Иван Егорович (Турукаан), Рожин Алексей Николаевич (Хонойор), Слепцов Иван Егорович (Маарыйа Уйбаана), Стрюков Михаил Николаевич, Стрюков Николай Самойлович, Слепцов Петр (Бүөтүрчэ), Горохова Анна Иннокентьевна, уо. д. а. Бу дьон төһө сөптөөхтүк кулаактаммыттарын, чуолкай туох буруйдаахтарын, төһө баайдаахтарын туһунан этэргэ күчүмэҕэй, сорох ардыгар киһини итэҕэтэр чахчылар суохтар диэххэ сөп. Аҥардас баайдаах эрэ дьону буолбакка, таҥара дьиэтин үлэһиттэрин, ойууннаабыт уонна бандьыыттарга сирдьиттээн сылдьыбыт, көлө биэрбит дьону эмиэ куоластыыр бырааптарын быспыттар. Холобур, Юкагир нэһилиэгэр биир мунньаҕынан 1930 с. 7 киһини, ол иһигэр 3 ойууну куоластарын быспыттар.

Паулин А.В. суруйарынан Русскай Устьеҕа 9 кулаак ыал 16 батараагы хамначчыт оҥостон, көлөһүннээн байбыттар, олор кулаактаммыттар, сорохторо көһөрүүгэ, хаайыыга ыытыллыбыттар.

Ол эрээри аҕыйах ыйынан куоластыыр бырааптара быстыбыт дьону хос көрөн бырааптарын чөлүгэр түһэрэргэ диэн мунньах уурааҕа ылыллыбыт. Холобур, 1930 с. муус устар 12 күнүгэр Аллыйкы быыбардыыр комиссията 11 киһиэхэ куоластыыр бырааптарын төннөрбүт.

Ити бириэмэҕэ 151 тыһ. солкуобай сууммалаах баай-дуол дьонтон былдьаммыт. Ол иһигэр 2434 таба, 113 ыт көлө, 66 сылгы, 65 ынах сүөһү, 1432 кырса пааһа, 743 илим, 10 муҥха. 812 табаны колхозка аҕыйах орто ыаллар холбообуттар.

1930 сыллаахха колхозка — 202, 1932 с. — 228 хаһаайыстыба холбоспуттар. 3246 таба, 704 ыт көлө, 84 сылгы, 65 ынах сүөһү, 7593 кырса паайа, 2499 илим, 85 муҥха, уо. д. а. колхозтар уопсай бас билиилэригэр холбоммут.

1929-1930 сс. Аллыйкыга 17 булдунан дьарыктанар колхозтар (табаарыстыбалар) тэриллибиттэр: Русскай Устьеҕа — 1, Аллыйкы нэһилиэгэр — 3, ону тэҥэ — Ерча, Шанскай, Саха-Урайата, Юкагир-Ламут, Бурулгин, Кириэстээх, Ураһа-Таала, Бөрөлөөх, Сыаҕаннаах, I Юкагир-Шандрин, II Юкагир-Шандрин, Кэрэмэһик, Шевелев — диэннэр.

1930 с. кулун тутар 25 күнүгэр Бөрөлөөх дьадаҥыларын мунньаҕа буолбут. 34 киһи сылдьыбыт, ол иһигэр 15 дьадаҥы, 8 батараак. Булуҥҥа бандьыыттааһын туһунан дакылааты истибиттэр уонна колхозтары тэрийии туһунан боппуруос көрүллүбүт. Икки колхоз тэриллибит. Бөрөлөөх колхоһугар 19 киһи киирбит:

  1. Ермолаев Дмитрий Фомич;
  2. Рожин Дмитрий Николаевич;
  3. Рожин Василий Николаевич;
  4. Рожина Анастасия;
  5. Рожина Евгения Николаевна;
  6. Рожин Петр Николаевич;
  7. Рожин Прокопий Алексеевич;
  8. Слепцов Николай Николаевич;
  9. Слепцова Феодосия;
  10. Горохов Афанасий Николаевич;
  11. Горохов Спиридон Николаевич;
  12. Горохова Анна Николаевна;
  13. Слепцов Алексей Петрович;
  14. Слепцов Михаил Петрович;
  15. Рожин Егор Николаевич;
  16. Яковлев Дмитрий Ефимович;
  17. Сыроватскай Алексей Константинович;
  18. Щелканов Иннокентий Иванович;
  19. Слепцов Прокопий Андреевич.

Колхоз председателинэн Ермолаев Д.Ф., правлениеҕа — Рожин Егор Николаевич, Слепцов Михаил Петрович талыллыбыттар. Колхоз уопсай баайа 22600 солк. сыаналаммыт, 280 таба, 18 сылгы, 18 ынах cүөһү, 591 кырса пaaһa холбоммут. Кулаактааһынтан 150 таба, 16 сылгы, 21 ынах cүөһү киирбит.

Бу колхозка мин ийэм Горохова А.Н., кини уолаттара Афанасий, Спиридон Гороховтар киирбиттэр. Кэнники сылларга кинилэр иккиэн табаарыстыба уонна колхоз председателлэринэн үлэлии сылдьыбыттара.

«Сыаҕаннаах» колхоһугар 11 ыал киирбит:

  1. Слепцов Дмитрий Марьянович (нуучча уола);
  2. Жирков Илья Кононович;
  3. Бережнев Илья Николаевич;
  4. Уваровскай Афанасий;
  5. Уваровскай Николай Афанасьевич;
  6. Уваровская Евдокия Афанасьевна;
  7. Уваровская Екатерина Афанасьевна;
  8. Уваровская Ульяна Гавриловна;
  9. Данилов Семен Григорьевич;
  10. Слепцов Егор Семенович;
  11. Горохов Николай Афанасьевич.

Председателинэн Слепцов Дмитрий талыллыбыт. Колхоз баайа 11383 солкуобайынан сыаналаммыт.

1930 с. кулун тутар 31 күнүгэр Илиҥҥи-Юкагир нэһилиэгин мунньаҕа буолбут. 59 киһи сылдьыбыт. 7 киһини феодаллар, ойууннар диэн быыбардыыр бырааптарын быспыттар. Олор истэригэр Дуткин Егор Степанович, Тарков Николай, Лебедев Илья Терентьевич, Балаганчик Федор (ойуун) ааттара бааллар. Дуткин Е.С. 1000 табатын, Тарков Н. — 500 атын былдьаан колхозка холбообуттар.

Избирком састаабыгар председатель Климентов Александр Иннокентьевич, членнэр — Щербачков Егор Спиридонович, Никулин Егор Максимович талыллыбыттар. Бу комиссия көрүүтүнэн кулаактааһын уонна колхоһу тэрийэр туһунан боппуруостар нэһилиэк мунньахтарыгар киирэллэр эбит.

«Ерча» колхоһугар 37 киһи киирбит. Бу колхоз баайа 9119 солк. диэн ыйыллыбыт.1927 с. олунньу 15 күнүгэр Аллыйкы сэлиэнньэтигэр 19 киһилээх Ожогин олохтоохторун мунньаҕа буолбут. Мунньаҕы боломуочунай Климовскай И.Ф. ыыппыт. Саҥа Совет састаабыгар киирбиттэр: Стрюков Михаил Николаевич — председатель, Стрюков Николай Самойлович, Суздалов Николай Митрофанович, Антонов Афанасий Иванович, Антонов Василий Николаевич.

Донской Егор Петрович, Винокуров Иннокентий Васильевич (аҕабыыт) куоластыыр бырааптара быһыллыбыт.

1930 с. кулун тутар 27 күнүгэр Ожогин батараактарын, дьадаҥыларын мунньахтара ыытыллыбыт. 31 киһи сылдьыбыт. Бу мунньаҕынан 3 булдунан дьарыктанар колхоз тэриллибит: Шанскай, Саха-Ураһата, Ерча-Ожогино диэн ааттаахтар эбит.

Ити бириэмэҕэ Ожогин олохтоохторун мунньахтарыгар Аллыйкы холбоһуктаах Советыгар делегаттарынан Пантелеев Федор Алексеевич, Антонов Егор Николаевич, Журавлева Александра Николаевна, Стрюков Тимофей Митрофанович талыллыбыттар.

1930 с. ахсынньы 2 күнүгэр 18 киһи колхозка киирбиттэр: Стрюков Гаврил Васильевич, Антонов Егор Николаевич, Стрюков Афанасий Ильич, Банщиков Александр Андрианович, Пантелеев Федор Александрович, Стрюков Николай Михайлович, уо. д. а. Ожогин колхоһун баайа 8755 солкуобай диэн ааҕыллыбыт.

Маҥнайгы колхозтары тэрийиигэ токурутуулар, көҥүл өттүнэн киириини кэһиилэр тахсыбыттарын туһунан кэнники да, оччолорго да элбэхтик этиллибитэ. Киин сирдэргэ тахсыбыт алҕастар тустарынан партийнай органнар уураахтара тахсыбыта мээнэҕэ буолбатах.

Паулин А.В. Русскай Устьеҕа колхоз тэрийэр бириэмэтигэр биир киһи киниттэн ыйыппыт: «Мин колхозка киирбэтэхпинэ миигин хайдах гынаҕыт?», — диэн. «Мин кини боппуруоһуттан хараҕым аһыллыбыта уонна колхозка киирии баҕа өттүнэн ыытыллар диэн өйдөппүтүм, оннук үлэни ыыппытым», — диир кини.

Маҥнайгы тэриллибит бытархай колхозтар кыахтара олус кыра этэ. Салалта оччолорго кыайан тиийбэт, куус-уох, үп-ас, харчы суох, тиийиммэт бириэмэтэ этэ. Ол туһунан туоһулуур чахчылар элбэхтэр.

1929-1930 сылларга Аллыйкы нэһилиэнньэтигэр сут, аччык сыллар буолбуттара.

Русскай Устье сельскай Советын секретарынан үлэлии сылдьыбыт Торгенсен Иван Иванович II Булуҥ уокуругун исполкомун аадырыһыгар докладной суругар аччыктааһыны утары охсуһарга комиссия тэрилиннэ диэн ыйар. Барыта 41 буут балыгы, 66 буут бурдугу хомуйан 28 ыалга, 132 киһиэхэ үллэрэн көмө оноһуллубут. Комиссия председателинэн Щелканов Иван Николаевич, членнэринэн Торгенсен Иван Иванович II, Чикачев Иван Тихонович, Киселев Алексей Афанасьевич, Шелоховскай П.Н., Чикачев Прокопий Тихонович үлэлээбиттэр.

Биир буут бурдук сыаната 7 солк. Ыйга биир киһиэхэ 20 фунта бурдугу, 10 фунта балыгы биэрэргэ быһаарыммыттар. Кыыл табаны бултаан дьону аһатарга дьаһал ылыллыбыт Аллыйкыга маҥнайгы учууталлартан биирдэстэрэ Алексеев Василий Михайлович маҥнайгы колхозтар юкагирга хайдах тэриллибиттэрин туһунан бэйэтин ахтыытыгар бу курдук суруйар.

Оччолорго Юкагир нэһилиэгин көс дьонноро тэриммит табаарыстыбаларыгар коммуна диэн уопсай баайы тэринэн, тэҥник үллэстэн аһаан-сиэн олорорго дьаһаммыттар. Табаларын харса суох сииргэ-аһыырга, бэйэлэрэ Халыма диэки көһөргө соруммуттарын туһунан партийнай ячейкаҕа сурах тиийбит. В.М. Алексеев партячейкаттан сорудах ылан колхозтары тэрийэргэ улэлэспит. Нэһилиэк Советын председателэ Слепцов Афанасий Петрович бэрт дьаһаллаах, сытыы-хотуу киһи эбит. Һуккундьа, Һэлкээн диэн сирдэртэн юкагирдары мунньан Дагдыбаандыга уопсай мунньах онорбуттар.

Тыа хаһаайыстыбатын артыалларын тэрийии туһунан, үлэ төлөбүрэ ким төһөнү үлэлээбитинэн буолуохтааҕын өйдөтөн биэрбиттэр. Атын оройуоҥҥа барбат туһунан сөбүлэспиттэр. Баар дьон артыалга суруйтаран барбыттар. Правление председателинэн Николай Никулин талыллыбыт. Ити бириэмэҕэ ыраах туундараҕа тарпана сылдьар табаһыттар хабыллыбатахтар.

1930 сыллаахха оноһуллубут сводкаҕа Ерча, Юкагир-Ламут, Бурулгун, I Юкагир-Шандрин, II Юкагир-Шандрин, Кэрэмэһик диэн колхозтар тэриллибиттэрин туһунан киирбит.

1930 сыллаахха кулун тутар 29 күнүгэр Аллыйкы нэһилиэктэрин быыбардааччыларын уопсай мунньахтара ыҥырыллыбыт. Онно 146 киһи сылдьыбыт. 22 киһилээх Совет пленума талыллыбыт. Бары нэһилиэктэртэн представителлэр киирбиттэр:

  1. Слепцов Иван Семенович;
  2. Рожин Петр Иванович;
  3. Едукин Гавриил Егорович;
  4. Шараборина Иулита Семеновна;
  5. Щелканова Мария Моисеевна;
  6. Рожин Семен Алексеевич;
  7. Рожин Василий Николаевич;
  8. Слепцов Иван Семенович;
  9. Щелканова Екатерина Петровна;
  10. Слепцова Авдотья Николаевна;
  11. Рожин Семен Егорович I;
  12. Чикачева Марфа Николаевна;
  13. Слепцов Алексей Гаврилович;
  14. Рожина Наталья Ивановна;
  15. Рожин Егор Иванович;
  16. Трофимов Алексей Степанович;
  17. Трофимов Павел Егорович;
  18. Рожин Николай Игнатьевич;
  19. Чикачев Семен Дмитриевич;
  20. Щелканов Гаврил Николаевич;
  21. Слепцов Пантелеймон Николаевич;
  22. Солдатова Евдокия Иосифовна.

Кандидаттар:

  1. Горохов Николай Яковлевич;
  2. Рожин Иван Митрофанович;
  3. Рожин Константин Яковлевич;
  4. Рожин Семен Иванович;
  5. Рожин Гаврил Федорович.

Ревизком:

  1. Климентьев Александр Николаевич;
  2. Слепцов Семен Николаевич;
  3. Сергучев Никита Спиридонович;
  4. Слепцов Николай Иванович;
  5. Суздалова Елена Никитична.

Улуус съеһигэр делегаттарынан Слепцов Егор Иванович, Рожин Василий Николаевич быыбардаммыттар.

1930 сыллаахха ыам ыйын 7 күнүгэр Аллыйкы сэлиэнньэтигэр оройуон Холбоһуктаах Советын мунньаҕа буолбут. 22 киһи, ол ийигэр 7 дьахтар кыттыбыт. Мунньах председателинэн Шараборина Иулита Семеновна, секретарынан Слепцов Пантелеймон Николаевич (учуутал) талыллыбыттар.

Совет президиумун састааба:

  1. Рожин Василий Николаевич;
  2. Рожин Николай Игнатьевич;
  3. Шараборина Иулита Семеновна;
  4. Пантелеев Федор Алексеевич;
  5. Рожин Семен Егорович;
  6. Слепцов Пантелеймон Николаевич.

Оччотооҕу Советскай былаас араас көрүҥнээх структураларыгар талыллар дьонно улахан итэҕэл уонна дьыалаҕа эппиэттээх буолуу сүктэриллэр эбит. Манна ыйыллар дьону сорохторун мин бэркэ өйдүүбүн. Холобур, Рожин Василий Николаевич бэрт эдэр саастаах киһи нэһилиэккэ араас өрүттээх үлэни ыытар этэ. Мин эдьиийим Слепцова Авдотья Николаевна нэһилиэк дьахталларыгар, ынах ферматын улэһиттэригэр өйдөтөр үлэни ыытара, ликбезкэ үөрэнэллэрэ, үлэҕэ-сырыыга күргүөмнээхтик кытталлара. Интернакка повардыыр Шараборина Иулита Семеновна биһиэхэ интэриэһинэй кэпсээннэри, ырыалары, хоһооннору үөрэтэрэ, Дьокуускайтан суругунан кэлэр сонуннары кэпсиирэ. Шараборин диэн салайааччы чугас аймаҕа буолабын диирэ.

Билиҥҥи эдэр көлүөнэ дьон манна ааттанар дьоннор истэригэр бэйэлэрин эйэлэрин, аҕаларын, ийэлэрин, аймахтарын булан чуолкайдыахтарын сөп дии саныыбын. Киһи хантан, кимтэн төрүттээҕин-уустааҕын билиэх тустаах.

 

Салҕыы аах:

Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 1 чаас

Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 3 чаас

Читайте дальше