Быйыл 2024 сылга Саха сирин биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятелэ Евдокия Николаевна Горохова төрөөбүтүттэн 100 сылын бэлиэтиибит.
Өрөспүүбүлүкэбит осторуйатыгар ЫБСЛКС уобаластааҕы комитетын секретаринэн, ССКП Аллайыахатааҕы райкомун бастакы секретаринэн, Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бэрэссэдээтилинэн киирбитэ. Союзнай суолталаах персональнай пенсионер этэ.
«Сайдыы суола» эрэдээксийэ өрөбүллэргэ ааҕааччыларыгар кыра-кыралаан бу кинигэни кытары билсиһиннэрин салҕыыр.
Бүтэһик таһаарыбытыгар Евдокия Николаевна түмүк оннугар бэйэтин санааларын суруйар уонна төһөлөөх тойон-хотун, республика да, дойду да салайааччыларын, биллиилээх дьоннор Аллайыахаҕа сылдьыбыттарын кэпсиир.
ТҮМҮК ОННУГАР
Хомойуох иһин биһиэхэ, эрдэтээҕи көлүөнэ дьоҥҥо, төрөөбүт дойдубутун түҥ остуоруйатын, Аллай кинээс саҕаттан, кини иннигэр, кини кэнниттэн даҕаны олохтоох омуктар олорон ааспыт суолларын-иистэрин үөрэтэн билии кыаллыбатаҕа уонна ону үөрэтэ сатаабатах да буруйдаахпыт.
Арай XVI-XVII үйэлэргэ Хотугу Муустаах муоранан, Индигир, Халыма өрүстэринэн, туундаратынан нуучча государствотын экспедициялара бу кыраай сирдэри аспыттарын туһунан ученайдар үөрэтэллэр. Казак Иван Ребров, Дмитрий Лаптев, Семен Дежнев уо. д. а. хотугу муора биэрэгин сирдэринэн айаннаан ааспыт нуучча үтүөкэннээх дьонноро биһиги төрөөбүт-үөскээбит Аллайыахабыт туундаратыгар үктэнэн туран, кини тыйыс айылҕатын салгынынан тыынан, аһын-үөлүн аһаан, олохтоох омуктарын көрсөн бу кыраай инникитин туһунан толкуйдаан ааспыттара буолуо.
Биһиги көлүөнэ дьон олорон аһаран эрэр XX үйэбитигэр бэрт элбэх событиелар буолан аастылар. Олох эйгэтэ элбэхтик уларыйда-тэлэрийдэ. Ону барытын биһиги Аллайыахабыт дьоно-сэргэтэ эмиэ олорон ааста.
XX үйэ сүүрбэһис сылларыгар Советскай былаас олохтонор бириэмэтигэр Аллайыаха сиригэр-уотугар үрүҥ баандалар уйа оҥостон утары охсуһа сатаабыттара. Үрүҥ гвардия офицера Шмидт, кини куомуннара олохтоох омуктары Советскай былаас утары туруора сатаабыттара. Бу баанданы Булуҥ уокуругун куттал суох буолуутун органын үлэһиттэрэ (командир Винокуров И.Е.) арыйан тохтоппуттара.
Бу дьыаланан сибээстээн Русскай Устьеҕа, Аллыйкыга оперативнай чаас этэрээтин командира «Дед» Курашов кэлэ сылдьыбытын туһунан Мельников А.В. ахтыыта баар. Манна сыһыаран Мельников А.В. суруйарынан, Аллайыахаттан төрүттээх Третьяков Прокопий Прокопьевич диэн киһи ЯЦИК маҥнайгы знагынан, орденынан биэс киһи иһигэр наҕараадаламмыт, кини Булуҥҥа, Верхоянскайга үлэлии сылдьыбыт.
Саха улуу мыслителэ, саха норуотун ытык киһитэ Кулаковскай Алексей Елисеевич-Өксөкүлээх Өлөксөй 1919-1920 сыллардаахха хотугу улуустарынан, ол иһигэр Аллыйкынан айаннаан, тохтоон, үлэлээн ааспытын туһунан ученай Е.Е. Алексеев «Өксөкүлээх Өлөксөй» диэн кинигэтигэр суруйбута. Олохтоох дьон Горохов А.С., Слепцов Н.И. ахталларынан, Кулаковскай А.Е. Русскай Устьеҕа, Бөрөлөөххө, Аллыйкыга сылдьан, 400 кэриҥэ олохтоох дьон хоргуйан эрэллэригэр көмө оҥорон өрүһүйбүт үтүөлээх. Алексей Елисеевич олохтоох омуктары иҥэн-тоҥон ыйыталаһар эбит. Тылларын-өстөрүн, туттар малларын аатын сурунан барбыт. Хоһоон ааҕан, тойку туойан, олоҥхолоон хонон-өрөөн ааспытын олохтоохтор астынан кэпсээн оҥостор эбиттэр.
Кулаковскай А.Е., ыччакка анаан: «Бу эдэр ыччакка, кыра оҕолорго дьиҥнээх үчүгэй үйэ кэллэ. Манна айаллар өйдөөх дьоннор. Норуот остуоруйата үчүгэйгэ сайдан иһиэ. Эһиэхэ киэҥ аан аһыллыа, үөрэхтээх, биллиилээх дьон буолуоххут. Саҥа олоҕу айсыаххыт», — диэбитин Бөрөлөөх кырдьаҕаһа Уваровскай Г.А. кэпсээбит.
Оттон Советскай былаас сылларыгар төһөлөөх тойон-хотун, республика да, дойду да салайааччылара, биллиилээх дьонноро сылдьыбыттара, ол туох интэриэстээх буоллаҕай диэх курдук саныыбыт, биһиги бу үйэ дьонноро. Дьиҥинэн, ол барыта кэнэҕэски көлүөнэ дьоҥҥо өйдөбүл буолуон сөп.
Ол иһин мин үөһээ ахтыыларбар син элбэх киһи аатын өйдүү, бэлиэтии сатаатым. Итиниэхэ манныктары өссө эбиэххэ сөп этэ.
Биллэрин курдук, Саха сиригэр Автономия олохтонуоҕуттан түөрт уон биэс сыллар усталарыгар Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Председателлэринэн биэс саха дьахталлара талыллан үлэлээбиттэрэ.
Кинилэртэн биирдэстэрэ Нартахова Мария Дмитриевна 60-с сыллардаахха, мин дойдубар саҥа үлэлээн эрдэхпинэ, биһиги оройуоммутугар кэлэ сылдьыбыта. Оччотооҕу кыһалҕалаах олоҕу көрөн-истэн барбыта, көмө-ама оҥорбута, дьоҥҥо-сэргэҕэ улахан өйдөбүлү хаалларбыта.
Мин кини кэлбитинэн туһанан биһиги оройуоммутугар сууттаммыт тунеядецтары ыыталларын тохтоторго көмөтө оҥор диэбитим. Ону сөбүлэһэн туран: «Хата сотору пленум буолар, онно тыл этэн саайыахха наада», — диэбиттээх, боростуой баҕайытык, киһи эрэ ылыныах курдук.
Мария Дмитриевна көстөр да көрүҥүнэн, дьэ, кырдьык, сиртэн-буортан сириэдийбит, оччотооҕу саха дьахтарын үтүө быһыытын-майгытын илдьэ сылдьар, муударай өйдөөх-санаалаах, буспут-хаппыт салайааччы этэ. Кини уһун, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорбута.
Саха норуотугар улахан авторитеттаах, талааннаах салайааччы Овчинникова Александра Яковлевна биһиги оройуоммутугар хаста да сылдьыбыта. Маҥнайгы сырыытыгар 1967 сыллаахха Абый, Аллайыаха оройуоннара сааскы ууга баран олорор кэмнэригэр правительственнай комиссияны салайбыта. Абый оройуонун киинэ Дружина билигин туран Белая Гора диэн саҥа сиргэ көһөрө оччолорго быһаарыллыбыт буолуохтаах.
Ол саҕана биһиэхэ тохтоон, өрөбүл күнү туһанан, бригада дьоно көҕүлээн Александра Яковлевнаны илдьэ бултаан, балыктаан турардаахпыт. Туундара эргиччи көрөр, киирбэт күнү көрөн, утуйбакка балыктаһан, туундараҕа сатыы хааман, көтөрү-сүүрэри көрөн, сөҕөн-махтайан барбыта.
Иккис сырыытыгар Бөрөлөөххө тиийэн тимир оһоҕунан оттуллар балаҕан дьиэлэргэ сылдьан, дьон ыарахан олоҕун көрөн, кэнники тутуу боппуруостарыгар көмөлөспүт үтүөлээх. Саҥа бөһүөлэк Оленегорскай тутулла турдаҕына эмиэ кэлэн тутууну түргэтэргэ тыла-өһө тиийбитэ. Бу сырыылар дьон өйүгэр-санаатыгар үтүө өйдөбүнньүк буолбуттара чахчы.
Мин кэннибиттэн Үрдүкү Совет Президиумун Председателинэн үлэлээбит эдэр, эрчимнээх саха дьахтара Григорьева Люлия Николаевна хотугу дойду олоҕун-дьаһаҕын Муома оройуонугар үлэлии сылдьан ордук чугастык сиһилии билбитэ. Кини биһиги оройуоммутугар нэһилиэктэри кэрийэн баран, миэхэ төрөөбүт оройуоҥҥа биллэр-көстөр үлэни, элбэх тутууну ыыттарбыт эбиккин, дьонуҥ-сэргэҥ махтаныахтарын махтаналлар эбит диэн этэн турардаах.
Партия обкомун секретара Чиряев Гавриил Иосифович биир саас РСФСР Госпланын председателин Герасимов К.М. биһиэхэ аҕала сылдьыбыта. Убаҕас оттук туһунан боппуруоһу быһааран барбыттара. Таарыччы хаастаппыппыт. Герасимов В.Е. Щербачкоппутун кытта биир дурдаҕа олорбут. Щербачков хас да хааһы түһэрбит, Герасимов эмиэ ытан испит. Онуоха Василий Егорович: «Константин Михайлович, неплохо стреляете», — диэбит. Онуоха биирдэрэ, «Да, это я попал?», — диэбитигэр: «Да, это Вы попали», — диэн буолбут. К.М. Герасимов олус астынан, булт бөҕөнү бултаатым диэн төннүбүтэ.
Саха АССР Министирдэрин Советын Председателэ Петров Иван Иванович 1976 с. ССРС Социальнай харалтаҕа Министрин Комарова Дина Павловнаны кытта кэлэ сылдьыбыттара. Вертолетунан таба ыстаадатыгар сылдьан министр сибилигин хаарга төрөөбүт таба тугуттара дьоодьороҥноһо сылдьалларын көрөн олус диэн сөхпүтэ. Тордоххо киирэн остуолга эт, балык, фрукта өрөлөһөн турарын көрөн: «Хайа, бу туундараҕа хаар анныгар яблока, апельсин үүнэр эбит дуу?», — диэн дьээбэлэнэн турардаах.
Обком секретара Матвеев Иван Николаевич 1978 с. күһүн Смольянинов Виктор Николаевич диэн партия Киин Комитетын үлэһитин аҕалан табаһыттар олохторун кытта билиһиннэрбитэ. Черскэйгэ тиийэн икки күн буурҕа буолан гостиницаҕа олорбуттар. Биһиэхэ кэлэн ыстаадаларга көтө сылдьан баран Чокурдаах таһыгар баар музей-балаҕаҥҥа, ураһаҕа сырыттылар. Оттулла турар көмүлүөк оһох иннигэр олорон Виктор Николаевич: «Я бы предпочел хоть сколько дней побыть здесь, чем в гостинице Черского», — диэн ис сүрэҕиттэн эппитин өйдүүбүн. Матвеев И.А. биир сырыытыгар, «Мин Ленинградтан ученайдар кэлэн Бөрөлөөх мамонын муоһун, уҥуоҕун биир хаппыайката суох тиэйэн бардылар. Ити төһө сөбүй, ким быһаарарый?», — диэбиппэр мунчааран турардаах. Ол гынан баран «биһигиттэн ыйыппаттар, тыл да көтөҕөн туһа тахсыбат», — диэбитэ.
Биһиги туундарабытыгар Николаев Михаил Ефимович республика, тыа хаһаайыстыбатын үрдүк дуоһунастарыгар үлэлии сылдьан элбэхтик кэлэ сылдьыбыта. Кини көмөтүн, улахан өҥөтүн туһунан үөһээ ахтан турабын. Михаил Ефимович сырыыта куруутун көдьүүстээх буолара, эппит тылын толороро, кыаллыбаты быһааран биэрэрэ. Кини хонтуораларга олорон кумааҕыны ырыта сатаабакка табаһыттарга, булчуттарга тиийэн тордоххо, үүтээҥҥэ тохтоон, дьону кытта билсибит, кэпсэппит, дьыаланы быһаарбыт буолара.
Кинини кытта сылдьыспыт дьон: «Киһибит эрдэ туран саа сүгэн туундара устатынан-туоратынан хааман, кэрийэн, арыт илии тутуурдаах, ким хайа иннинэ билэн-көрөн кэлэр», — диэн кэпсээн оҥостоллоллоро.
Саха Республикатын Президенэ буолан баран хотугу улуустарга элбэхтик салгынынан көтөн, уунан устан сылдьарын дьон биһирии кэпсииллэр. 1994 сайын Индигир өрүһүнэн Абый, Аллайыаха улуустарын кэрийэ сылдьан дьону-сэргэни, үлэни-хамнаһы билсибитин мин хайгыы истибитим. Президент Муустаах муора биэрэгэр тиийэ Русскай Устье ытык сирдэрин бочуоттаан сылдьыбыт бэлиэтигэр олохтоохтор өйдөбүнньүк суруктаах остуолба туруорбуттара.
Биһиги туундарабытыгар Дьуон Дьааҥылыттан саҕалаан элбэх суруааччылар, поэттар, артыыстар сөбүлээн сылдьаллара. Саха улуу суруйааччылара Амма Аччыгыйа, Күннүк Уурастыырап, Суорун Омоллоон, Болот Боотур кэлэ сылдьыбыттара, кэрэ-бэлиэ суолу хаалларбыттара. Кинилэр тустарынан кэпсээннэр, сэһэннэр, хоһооннор да суруллубуттара.
Поэт Леонид Попов кэлэ сылдьан: «… Чулуу дьону кытары Чокурдаахха көрсөбүн. Аһыныгас санаалаах, амарахтай майгылаах, ааттаах булчут, балыксыт Аллайыаха дьонугар анаан-минээн аҕаллым айар үлэ киһитин алгыс тылын, айхалын», — диэн хоһоонугар суруйбута.
ССРС народнай артиската, Союз Үрдүкү Советын депутатынан талылла сылдьыбыт Анегина Ильина Чокурдааҕынан, Оленегорскайынан, Бөрөлөөҕүнэн сылдьан кэрэ куолаһынан дьону сөхтөрбүтэ, астыннарбыта. Оччотооҕута эдэр артистары Юрий Платоновы, Аркадий Алексеевы, Аким Бурцевы туундара дьоно үөрэ-көтө көрсөллөрө.
Хотугу дойду дьоно ытыктыыр, доҕор-атас оҥостубут киһилэринэн суруйааччы Степан Дадаскинов буолар. Кини биллэрин курдук «Эргиллии» диэн романыгар хотугу дойду олоҕун уус-уран тылынан аан бастаан дириҥник иэйэн суруйда. Бу ромаҥҥа үгүс персонажтар Аллайыаха туундаратын дьоннорун туһунан суруллубут буоланнар ааҕааччылар киэҥ кэрэхсэбиллэрин ылыан ылла.
Төрөөбүт дойду кини кыратыттан-улаханыттан, ырааҕыттан-чугаһыттан, тымныытыттан-сылааһыттан, хотуттан-соҕурууттан тутулуга суох күндү уонна ахтылҕаннаах.
Мин төрөөбүт Аллайыахабыттан эдэр сааспар үөрэнэр баҕаттан, онтон оччотооҕу быһыыга-майгыга ханна анаан үлэлэтэллэринэн атын сирдэргэ – Саха сирин хоту да, соҕуруу да улуустарыгар, киин да куоратыгар олорон үлэлии сырыттым. Дойду киин улахан куораттарынан – Москванан, Красноярскайынан, Хабаровскайынан үөрэнним, элбэхтик атын да сирдэринэн сырыттым, кэллим-бардым. Европа, Азия, Америка, Япония дойдуларын илэ харахпынан көрдүм-иһиттим. Ол сылдьыбыт сылларым усталаах-туоратыгар төрөөбүт дойдум ахтылҕанын, дьонун-сэргэтин, аһын-үөлүн, бэйэтэ биир туспа дьикти айылҕатын дууһабар илдьэ сырыттым.
Ол да иһин буолуо, бу кырдьан олорон, мин биир дойдулаахтарбар анаан, кэлэр кэнчээри ыччат бэйэлэрин аҕа көлүөнэ дьонноро хайдах үлэлээн, олорон ааспыттарын биллиннэр диэн туох эмэ туһалааҕы хаалларар сыалтан бу ахтыылары суруйа сатаатым. Маны үгүс сыллар ааспыттарын кэнниттэн суруйар олус судургу буолбатах эбит.
Мин оччолорго дневник курдук оччо-бачча бэлиэтэнэн испэтэх эбиппин. Онно бириэмэ да көстүбэтэ буолуо, суолтата да бэриллибэт буоллаҕа. Билигин олорон ааспыт олоҕу өйтөн ылан суруйар уустуга биллэр.
Онон бу ахтыыларбар элбэх көтүтүүлэр, ойдом-сойдом суруйуулар, ити кэмнэргэ үлэлээбит-хамсаабыт дьон ааттара-суоллара ахтыллыбакка хаалбыта элбэх буолуон сөп. Ону ааҕааччылар бырастыы гыныахтара, баалыахтара суоҕа, санааларыгар тутуохтара суоҕа диэн эрэнэ саныыбын.
Салҕыы аах:
Евдокия Горохова 100 сыла: «Мин Аллайыахам». 10 чаас